Юрист сүбэтэ: Дьиэни атыылыырга нолуогу кыччатыы

Ааптар: 
19.10.2017
Бөлөххө киир:

edersaas.ru сайтка «Юрист сүбэтэ» рубриканы арыйабыт. Манна идэлээх юрист Лиза Эверстова дьон мунаахсыйар боппуруостарыгар, тиэмэлэригэр сөптөөх хоруйу биэриэҕэ.

Нолуок кодексатыгар этиллэринэн, дьиэҕэ 3 сыл устата олорбут буоллаххытына нолуок төлөөбөккүт. Ити быраабыла 2016 сыл иннинэ дьиэ ылбыттарга сыһыаннаах. Онтон 2016 сылтан ыла болдьох уларыйбыта. Дьиэҕэ 5 сыл устата олорбут дьон нолуок төлөөбөттөр.

Онтон атын түгэннэргэ атыылаабыт сыанаҕытыттан 13 % хайаан да нолуок быһыытынан төлүөхтээххит. Дьэ, бу түгэннэргэ сокуонунан нолуокка араас чэпчэтии көрүллэр:

1. Нолуок кодексатын 220 ыстатыйатыгар этиллэринэн, өскөтүн дьиэни атыыласпыт сыанаҕытыттан үрдүк сыанаҕа атыылыыр буоллаххытына, ол атыылыыр сыанаҕытыттын атыыласпыт сыанаҕытын көҕүрэтэҕит уонна ол тахсыбыт суумматтан 13 % төлүүгүт. Холобур, Иван 3 мөл. солк. дьиэ атыыласпыт уонна 4 мөл. солк. атыылаабыт. Бу түгэҥҥэ 4 мөлүйүөнтэн 3 мөлүйүөнү көҕүрэтэбит уонна 1 мөлүйүөнтэн 13 % төлүүбүт, ол аата 130 тыһ. буолар.

Онтон аны атыылыыр сыанаҕыт атыыласпыт сыанаҕытыттан кыра буоллаҕына, нолуок төлөөбөккүт уонна нолуогабай уоргаҥҥа 3 НДФЛ ыспыраапканы туттараҕыт.

2. Итинник ньыманы дьиэни атыыласпыт эрэ буоллаххытына туһанаҕыт. Онтон дьиэ эһиэхэ анаммыт ол эбэтэр нэһилиэстибэнэн кэлбит буоллаҕына, эбэтэр атыыласпыт дьиэҕит сыаната биир мөлүйүөнтэн кыра буоллаҕына, нууччалыы эттэххэ, “Стандартный налоговый вычет” диэн баар, ону туһанаҕыт. Холобур, Иван эбэтэ киниэхэ дьиэ анаабыт, Иван ол дьиэни 3 мөл. солк. атыылыыр буолбут. Ити түгэҥҥэ, 3 мөлүйүөнтэн 1 мөлүйүөнү көҕүрэтэбит уонна (3-1=2 2*13 % =260 тыһ.) нолуога 260 тыһ.солк. буолар.

3. Дьиэ хас даҕаны бас билээччилээх буоллаҕына, биир дьиэни чаастарынан а.э. өлүүлээн атыылыахха сөп. Холобур, Иван кэргэнин кытта 1,2 мөл.солк. дьиэ атыылыыллар. Өскөтүн дьиэни биир дуогабарынан атыылыыр буоллахтарына, 26 тыһ. нолуок төлүүллэр. Онтон дьиэни 2 дуогабарынан атыылаатахтарына, нолуок төлөөбөттөр. Аны манна оҕолор өлүүлэрэ баар буоллаҕына, хас да дуогабарынан атыылыыр көҥүллэммэт.

Онон, сокуоҥҥа араас ньымалар бааллар. Дьиэ атыылыыргытыгар эһиэхэ хайдах ньыма сөп түбэһэрин көрөн туһаныҥ диэн сүбэлиэм этэ.

Лиза Эверстова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0