Юрист сүбэтэ: Массыынаны атыылаһыы, дуогабар түһэрсии

Ааптар: 
08.10.2017
Бөлөххө киир:

edersaas.ru сайтка «Юрист сүбэтэ» рубриканы арыйабыт. Манна идэлээх юрист Лиза Эверстова дьон мунаахсыйар боппуруостарыгар, тиэмэлэригэр сөптөөх хоруйу биэриэҕэ.


Массыынаны атыылаһыы киһи олоҕор үөрүүлээх, бэлиэ түгэн буолар. Атыылаһыах иннинэ докумуоннарын барытын бэрэбиэркэлиэххэ наада. Атыылааччы пааспарын, массыына сибидиэтэлистибэтин, массыына пааспарын уонна страховкатын. Атыылаһааччыттан пааспар эрэ ирдэнэр.

1. Пааспар болдьоҕо ааспатах буолуохтаах. Олоххо араас буолар, подделкаламмыт, ол эбэтэр албын, да пааспардаах сылдьыахтарын сөп. Ол иһин пааспар дааннайдарын миграционнай сулууспа сайтыгар киирэн бэрэбиэркэлиэххэ наада. Сайт аата fmsgov.ru диэн. Ити сайтка киирэн бу атыылааччы, атыылаһааччы дьиҥнээх пааспардаахтар диэн бигэргэтэҕит.

2. Аны атыыланар массыынанан айанныы сылдьан сокуону кэспиттэр дуо диэн gibdd.ru диэн ГИБДД сайтыгар киирэн көрөҕүт. Ыстарааптаах массыынаны учуокка туруорбаттар.

3. Ити сайтка өссө массыына регистрациятын, ДТП-га түбэспитин дуу, суоҕун дуу, ирдэбилгэ сылдьарын дуу, сылдьыбатын дуу, атын туох хааччахтардааҕын бэрэбиэркэлиигит.

4. Ити эппит сайтарым саҥа информациянан эбиллэн иһэллэр, ол да буоллар, сорох чахчылар хойутаан киириэхтэрин сөп. Ол иһин ГАИ-га бэйэтигэр тиийэн бэрэбиэркэлэтиэххэ эмиэ сөп.

5. Уопсайынан, интэриниэт үйэтигэр араас сайт үлэлиир. Ити судаарыстыбаннай сайтартан ураты, атын фирмалар сайтара, сервистэрэ эмиэ бааллар, онно киирэҥҥит массыына историятын барытын көрүөххүтүн сөп. Кирэдьииттээх дуу, атын дьоҥҥо солуок ууруллубут дуу, кимтэн эрэ уоруллубут дуу диэн. Ону таһынан, хаста регистрациялана сылдьыбыта, хас биэрэстэни сүүрбүтэ, бас билээччи ахсаана, хас саахалы ааспыта, ыстарааптара, техническэй дааннайдара ыйылла сылдьар буолуохтаах. Онон интэриниэт – модун күүс, толору информацияны булуохха сөп.

6. Сорох дьон иэстээх буоланнар, массыыналара арестанар, ону ол диэбэккэ, атыыга биллэрии биэрэллэр. Оннукка түбэспэт курдук, fssprus.ru диэн суут приставтарын сайтыгар киирэн бэрэбиэркэлиигит. Өскөтүн атыылааччы иэстээх буоллаҕына, массыыната арестка сылдьар. Оннук массыынаны атыыластахха, сатаан ГАИ-га бигэргэппэккит.

7. Дьон кирэдьиит ыларыгар массыынатын солуок биэриэн сөп. Ону бэрэбиэркэлииргэ Федеральнай нотариальнай палата сайтыгар киирэн көрөҕүт (reestr-zalogov.ru) диэн.

8. Докумуоннары бэрэбиэркэлээн баран, аны ПТС-канан (паспорт транспортного средства)  массыынаны сиһилии чинчийиэххитин наада.

9. 2012 сыл балаҕан ыйын кэнниттэн оҥоһуллан тахсыбыт массыыналарга ПТС-каларыгар утилизационнай сбор туһунан бэлиэ баар буолуохтаах. Оннуга суох түгэнигэр, учуокка туруорбаттар.

10. Докумуоннарга барытыгар биир бас билээччи аата баар буолуохтаах.

11. Маны барытын бэрэбиэркэлээн баран, дьэ, дуогабар түһэрсэҕит. Дуогабар түһэрсэн баран атыыласпыт массыынаҕыт ПТС-катыгар ааккытын суруйтарыахтааххыт, итиэннэ атыылааччы уонна атыылаһааччы илии баттыахтаахтар.

12. Докумуоннаргытын бэлэмнээн баран, 10 күн иһигэр ГАИ-га баран массыынаҕытын регистрациялатаҕыт. Болдьоҕу аһардаххытына, ыстарааптанаҕыт. Госпошлинаны төлүүргүтүн умнумаҥ. ПТС-каҕа уларытыыны киллэрэргэ 350 солк., сибидиэтэлистибэ ыларга 500 солк., саҥа ПТС-каҕа 800 солк., саҥа нүөмэр ыларга 2000 солк. төлүүгүт.

Бу сүбэлэр туһалаах буолуохтара диэн эрэнэбин. Тимир көлөлөөхтөргө көнө суолу, сымнаҕас айаны баҕарабын.

Лиза Эверстова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0