
СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киинэ «Кэлэр кэм юриһа» (“Юристы будущего”) диэн тиэмэлээх Инстаграмынан быһа сибээһи тэрийэн ыытта.
Тэрээһин ыалдьытынан юрист, медиатор-тириэньэр, конфликтолог идэлээх, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиация киинин салайааччыта Долгуяна Николаевна Иванова буолла. Быһа сибээс кэмигэр аныгы юридическай үөрэх хайдах буолуон, юрист идэлээх дьон ханна, тугунан үлэлиэхтэрин сөбүн, аныгы информационнай технология юрист идэтин хайысхатыгар туох оруоллааҕын, хайдах дьайарын туһунан кэпсэттилэр.
СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин @copp_ykt ыччаты идэҕэ эрдэттэн салайарга араас тэрээһиннэри ыытар, сүбэлэри биэрэр. Кэпсэтиилэри @life_n_job Инстаграмҥа страницаларыгар ыйыллыбыт сигэнэн көрүөххүтүн сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: http://efachka.ru/post378015895/