edersaas.ru сайтка «Юрист сүбэтэ» рубриканы арыйабыт. Манна идэлээх юрист Лиза Эверстова дьон мунаахсыйар боппуруостарыгар, тиэмэлэригэр сөптөөх хоруйу биэриэҕэ.
Дойду сокуоннара сотору-сотору уларыйан иһэллэр, ол иһин хайаан да ону билэ-көрө сылдьыахха наада. Сокуоҥҥа толору эппиэттиир, нууччалыы эттэххэ, “юридически чистый” дуогабары түһэрсэр туһуттан докумуоннары болҕойон олорон үөрэтиэхтээххит эбэтэр юрист өҥөтүнэн туһаныаххытын сөп.
Дьиэни атыылыаххыт иннинэ толкуйдаан көрүҥ: бэйэҕит сүүрэн-көтөн атыылыыгыт дуу эбэтэр юрист, риэлтор өҥөтүнэн туһанаҕыт дуу диэн.
Бэйэҕит атыылыырга соруммут буоллаххытына бастаан араас сайт, социальнай ситим эбэтэр хаһыат нөҥүө биллэрии биэрэҕит. Атыылаһааччыны булан баран, кинини кытта дуогабар түһэрсэҕит. Бу докумуон хайаан да суругунан бигэргэтиллэр. Үс экземпляр баар буолуохтаах: атыылааччыга, атыылаһааччыга уонна регистрациялыыр уоргаҥҥа. Дуогабар хас биирдии тылын, пууннарын, атыылааччы уонна атыылаһааччы бырааптарын, эбэһээтилистибэлэрин ааҕар булгуччулаах. Интернеккэ араас дуогабар холобурдара бааллар, онтон сөп түбэһэри талан ылан, бэйэҕит дааннайдаргытын киллэриэххитин сөп.
Гражданскай кодекс этэринэн, дьиэ атыылыыр дуогабарга, бастатан туран, дьиэ хас хостооҕо, иэнэ, ханна турара, нүөмэрэ уонна аадырыһа ыйыллыахтаах.
Иккиһинэн, дьиэ сыаната баар буолуохтаах.
Үсүһүнэн, дьиэ атын киһи бас билиитигэр киирэригэр ханнык усулуобуйаны тутуһуохтааҕа.
Төрдүһүнэн, хайаан да “биэрэр туһунан аакта”, нууччалыы эттэххэ, “акт передачи” баар буолуохтаах. Дуогабары баттаһан баран, регистрациялыыр уоргаҥҥа докумуоннаргытын барытын илдьэ тиийэн, быыраапкытын бигэргэтиэхтээххит.
Ити кэннэ сайабылыанньа суруйаҕыт. Ол сайабылыанньаны росреестр сайтыттан, ол эбэтэр бэйэтиттэн ылыаххытын сөп. Тустаах докумуоннары хомуйсаҕыт, ол испииһэгэ эмиэ росреестрга баар. Толоруллубут докумуоннар бары нотариуска бигэргэниэхтээхтэр. Эһиги быраапкыт 5 эбэтэр 7 күн иһигэр регистрацияланар.
Атыыланар дьиэ сааһын ситэ илик оҕоҕо эбэтэр сатаан бэйэтин иннигэр эппиэттээбэт (недееспособнай) киһи аатыгар суруллубут буоллаҕына, сайабылыанньа биэрэргэ көрөр-истэр эппэкиинэ баар буолуохтаах.
Атыыланар дьиэ сибидиэтилистэбэтэ, домовой кинигэ баар буолуохтаах. Итиэннэ госпошлина төлүүгүт.
Онон дьиэ атыылаһар уонна атыылыыр буоллаххытына, докумуоннаргытын үчүгэйдик бэрэбиэркэлээҥ, сокуоҥна сөп түбэһэр дуогабары түһэрсиҥ. Оччоҕо инникитин кыһалҕаланыа суоххут.
Лиза Эверстова, edersaas.ru