Ис дьыала уорганнарын сводкаларыгар оперативниктар уоруйаҕы туппуттарын, полицейскайдар уорууну арыйбыттарын туһунан күннэтэ ааҕабыт. Бүгүн буруй бу саамай тарҕаммыт көрүҥүн туһунан СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин Холуобунай ирдэбилгэ управлениетын тус баайы-малы уорууну арыйыыга отделын начальнигын солбуйааччы, полиция подполковнига Юрий Юрьевтыын кэпсэтэбит.
Юрий Юрьев Дьокуускай куоракка төрөөбүт.
Ис дьыала уорганнарыгар 2002 сыллаахтан, холуобунай ирдэбилгэ 2004 сыллаахтан сулууспалыыр.
Юридическай уонна экономическай үрдүк үөрэхтэрдээх.
– Юрий Владимирович, кэпсэтиибитин бастаан сыыппаралартан саҕалыахха. Тоҕус ый түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ төһө элбэх уоруу таҕыста? Уонна бу буруйу арыйыы хайдаҕый?
– Ааспыт сыл тоҕус ыйыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2984 уоруу бэлиэтэммит эбит буоллаҕына, бу сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан 3012 уоруу таҕыста. Уорууну арыйыы көрдөрүүтэ 55,1 % тэҥнэстэ (былырыын – 51,9 % этэ).
– Ханнык улуустарга уоруу элбэҕий?
– Куруук буоларын курдук, уоруу бөдөҥ куораттарга – Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига итиэннэ Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай улуустарыгар (манна кыра эбиллии) элбэхтик таҕыста.
– Оттон киин куораппытыгар?
– Дьокуускай куруук бастакы миэстэҕэ. Бу ыйыллар кэм иһигэр киин куоракка 1498 уоруу таҕыста (былырыын 9 ыйга 1268 этэ). Манна уорууну арыйыы 44,7 % буолла (43,2 % этэ).
– Билигин ордук тугу уорар эбиттэрий? Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө…
– Өскөтүн 90-с сылларга курустаалы, көбүөрү, чэпчэкитик атыылыырга сөптөөҕү уорар эбит буоллахтарына, билиҥҥи уоруйахтар “кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан”, бытархай эрээри ыарахан сыаналааҕы, ол эбэтэр, суотабай төлөпүөнү, смартфону, планшеты, кыһыл көмүһү уонна биллэн турар, харчыны уораллар.
– Оттон ол уоруллубут маллары атыылаатахха, тута батардахха эрэ, харчыланаллар буоллаҕа. Дьон ылар буолан, уорбуттарын түргэнник “суолун сойутан” эрдэхтэрэ. Сыыспат буоллахпына, уоруллубуту атыыластахха холуобунай эппиэтинэс көрүллэр этэ, бадаҕа?
– Билигин уоруллубуту илииттэн эрэ буолбакка, араас атыы-тутуу саайтарыгар биллэрии биэрэн эмиэ атыылыыллар. Дьон чэпчэки сыаналаахха дураһыйан, итинник саарбах суолга киирэн биэрэр. Докумуона суоҕуттан да иҥнибэттэр. Түмүгэр, өскөтүн биһиги ол уоруллубут малы буллахпытына, атыыласпыт киһи мала да, харчыта да суох хаалар.
Оттон уоруллубуту атыылаһыы иһин эппиэтинэс туһунан этэр буоллахха, ону дакаастыахха наада, бу киһи уоруллубут мал буоларын чахчы билэ-билэ ылбытын.
– Уоруу көрүҥэ, элбиирэ-аҕыйыыра дьыл кэмиттэн тутулуктаах дуо?
– Тутулуктаах. Холобура, саас даачаҕа тахсыы кэмэ саҕаланнаҕына, “мантыбытын уорбуттар, онтубут сүппүт” диэн иһитиннэрии киирэрэ элбиир. Эбэтэр бэлэсипиэттэри уоруу туһунан эттэххэ, бу буруй сааскыттан саҕалаан күһүҥҥэ диэри тахсыан сөп. Уорбут бэлэсипиэттэрин кырааскалыыллар, наклейка сыһыараллар, ханнык эрэ чаастарын уларыталлар-тэлэритэллэр эрээри, 10-тан 7-тин булабыт, арыйабыт. Бэлэсипиэт эрэ барыта нүөмэрдээх буолбат, ону нүөмэрэ суоҕу туох эмит бэлиэлээн, бэйэ киэнэ буоларын дакаастыырга чэпчэки.
Кыбартыыраттан, дьиэттэн уоруу кыратык аҕыйаата, оттон арыйыыта үрдээтэ – 76 % (71,7 % этэ).
Маны таһынан, сайынын атыы-эргиэн дьиэлэриттэн, маҕаһыыннартан, ырыынактартан уоруу Уонна биллэрин курдук, бырааһынньыктааҕы сүпсүлгэн кэмнэригэр дьон ураты болҕомтолоох буолара ирдэнэр.
– Олуонатык иһиллиэ да буоллар, маннык ыйытыылаахпын: олохторун уорууга анаабыт, били “украл-выпил-в тюрьму” диэбит курдук, хаайыыны дьиэ оҥостубут эрэссэдибиис-уоруйахтар биһиэхэ бааллар дуо?
– Оннуктар бааллара даҕаны, бааллар даҕаны, баар буолуохтара даҕаны.
– “Домушниктартан”, “форточниктартан” ураты уоруйахтар өссө биир көрүҥнэрэ – хармаанньыттар. Быһыы-майгы манна, дьэ, хайдаҕый?
– Хармаанньыттар аҕыйаатылар, биһиги кинилэри утары охсуһабыт. Өскөтүн 2011-2013 сылларга 150-чэ кэриҥэ “сиэптэн” уоруу тахсар эбит буоллаҕына, билигин – 53. Буруй бу көрүҥүн арыйыы – 40 %. Итиннэ Дьокуускай полициятыгар хас да сыллааҕыта арыллыбыт оперативнай-сыскной отдел (ОСО) үлэтин көдьүүһэ көстөр диэххэ наада.
– Оттон ити оптуобустарга икки-үс тохтобул буола-буола иһиллэр “хармаанньыттартан сэрэниҥ!” диэн сэрэтэр биллэрии көдьүүстээх буолуо дуу? Биитэр дьон күн аайы истэ үөрэнэн, хал буолан, кыһаммат эбитэ дуу?
– Көдьүүстээх, көмөлөһөр дии саныыбын. Киһи биллэриини истээт, сиэптэрин, суумкатын туттан көрбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалар, сэрэхэдийэ түһэр.
– Оптуобуска тугун эмит уордарбыт киһи аан бастакынан тугу гыныахтааҕый? Маныаха оптуобус суоппарын дьайыыта ханныгый?
– Итинник түбэлтэҕэ уордарбыт киһи суоппарга этэн, оптуобуһу тохтоторго, ааны сабарга, кими да таһаарбатыгар көрдөһүөхтээх. Полицияны ыҥырыллыахтаах. Хармаанньыт биитэр соҕотох буолуон сөп, биитэр икки-үс буолан куомуннаһан сылдьыахтарын сөп. Оттон өскөтүн уорбуттарын оптуобустан тахсан, кэлин биллэххинэ, полицияҕа тиийэн сайабылыанньа суруйаҕын.
– Олох көрдөрөрүнэн, оптуобуска уоруу таҕыстаҕына, суоппар даҕаны “бириэмэбин тутуһабын” диэн истэ барааччыта суох, дьон даҕаны онно-манна ыксыыбыт диэн айахтара кытаран олорооччу.
– Ким баҕарар итинниккэ түбэһиэн сөп, онон, дьон өйдүүрэ наада этэ. Ол эрэн, суоппартан, кини гражданскай позициятыттан эмиэ тутулуктаах. Сорохторго, бэл диэтэр, видеокамера баар дии.
– Дьон уорууну арыйыыга төһө көмөлөһөрүй? Холобура, кыбартыыраттан, дьиэттэн эҥин уордахтарына?
– Көмөлөһөр. Сэрэҕин сүтэрбэт олохтоохтор ханна баҕарар бааллар.
– Аныгы уоруйах мэтириэтэ хайдаҕый?
– Эдэримсийэр – 25-тэн 35-гэр диэри саастаах, үксүгэр үлэтэ-дьарыга суох, ол эрэн, алҕас, ымсыырбычча да уорааччы баар буолуон сөп. Биир холобур: 45 саастаах, мааны таҥастаах, олоҕун тухары туох да куһаҕаҥҥа сыстыбатах киһи атах таҥаһын маҕаһыыныгар бачыыҥка мээрэйдэнэн-мээрэйдэнэн баран, атыылааччы кыыс остуолга сытар суотабай төлөпүөнүн ылбыт. Холуобунай дьыала тэриллэн, доппуруостааһын кэмигэр “тоҕо ылбыппын бэйэм да билбэппин” диэбит. Онон, уоруу да араас, уоруйах да араас.
– Юрий Владимирович, хоруйдарыҥ иһин махтал. Ситиһиини!
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.