Юрий Трутнев: саахал тахсыбыт төрүөтүн тутулуга суох исписэлиистэр бэрэбиэркэлиэхтэрэ
Уһук Илин регионнарга РФ президенин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Юрий Трутнев “Мир” рудник шахтатыгар тахсыбыт саахалы “Ростехнадзор” бэрэбиэркэлиэҕин, кинилэргэ тутулуга суох исписэлиистэр кыттыһыахтарын туһунан бүгүн Мирнэйгэ сырыытын кэмигэр иһитиннэрдэ. edersaas.ru
Бүгүҥҥү дааннайынан, “Мир” рудникка 9 отделениенан уопсайа 56 киһи шахтаҕа түһэн үлэлии сылдьар. Уопсайа, 320 киһи, 19 тиэхиньикэ.
Юрий Трутнев этэринэн, билигин саамай сүрүнэ, шахтаҕа хаалбыт дьону булан таһаарыахха, ону сэргэ, көрдөөччүлэргэ куттал үөскээбэтин хааччыйыахха наада. “Дьону көрдөөһүн наада буоллаҕына өссө уһуннук, төһө кыалларынан уонна хайаҕа хайдах усулуобуйа баарынан, хайдах тиийэрбитинэн салҕанан бара туруоҕа. Бу туһунан бэҕэһээ ЫБМ миниистирин кытары кэпсэппиппит. Бүгүн быыһааччылар эппиттэринэн, 1,5-3 суукка иһинэн араас хайысханан үлэлээн, быһа барыллаан, дьон баар буолуохтаах сирдэригэр тахсыахтаахтар”, — диэн иһитиннэрэр Юрий Петрович.
Оттон саахал тахсыбыт төрүөтүн туһунан этэригэр, билигин түмүгү таһаарар эрдэтин бэлиэтээтэ. “Билигин икки боппуруоһу быһаарыахтаахпыт: бастакытынан – бу саахалы эрдэ билиэххэ сөп этэ дуо? Иккиһинэн, эрдэ сэрэтэн, дьону таһаарар кыах баара дуо? “Ростехнадзорга” саахалы бэрэбиэркэлээһиҥҥэ анал хамыыһыйа тэрилиннэ. Хамыыһыйаҕа тутулуга суох исписэлиистэр үлэлиэхтэрэ. Тус бэйэм бэрэбиэркэни ыытыыга бу шахтаҕа туох да кыттыгаһа суох, бырайыагы оҥорсубатах дьоннору сыһыарарга дьулуспутум. Саахал тахсыбыт төрүөтүн быһаарыыны таһынан, бырайыак докумуоннара хайдах оҥоһуллубуттарын, шахтаны туһаныы хайдах барбытын көрүөхпүт. Хамыыһыйа биир ый иһинэн бэрэбиэркэни ыытан бырабыыталыстыбаҕа отчуоттуур былааннаах. Хамыыһыйа дакылаатын истэн баран биирдэ түмүгү таһаарыахпыт”, — диэн иһитиннэрдэ кини.
Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru