Юрий Трутнев РФ тырааныспарын министиэристибэтиттэн үбүлээһини модьуйуоҕа

17.11.2016
Бөлөххө киир:

«Тус анаммыт харчы тоҕо атын сиргэ туһаныллыахтааҕый? Тырааныспар министиэристибэтэ истибэт буоллаҕына, бырабыыталыстыба салайааччытыгар этэрбэр тиийэбин», — диэн РФ вице-премьера Юрий Трутнев Дьокуускайга кэлэ сылдьан суруналыыстарга иһитиннэрдэ. Ити туох харчытын этэрий?

Биһиги киин сиртэн ыраах, онуоха эбии тыйыс айылҕалаах, киэҥ-куоҥ сирдээх буоламмыт, суол-иис, тырааныспар – тыын боппуруоспут. Аҕыйах сыллааҕыта Дмитрий Медведев (оччолорго президент этэ) Аллараа Бэстээххэ кэлэн тимир суол кыһыл көмүс сүһүөҕүн ууран барбыта. Ол кэннэ утаакы буолбакка тимир суол ыллыга Бэстээххэ диэри кэлбитин бырааһынньыктаабыппыт. Ол эрээри билигин да Томмот-Аллараа Бэстээх хайысханан поеһынан сылдьар кыахпыт суох. Тоҕо?

Юрий Трутнев маннык хоруйдуур: «Саха сирэ саамай улахан региоммут эрээри, массыынанан да, поеһынан да айаннааһын атыттардааҕар хас эмэ төгүлүнүнэн кыра. РФ тырааныспарын министиэристибэтэ БАМ, Транссиб суолун сөргүтүтэбит диэн «Уһук Илин регионнарын сайыннарыы» уонна «Тырааныспар инфраструктуратын сайыннарыы» бырагыраамалар чэрчилэринэн үбүлээһини туруорсубута. Ол эрээри ити үбүлээһини билигин кэлэн атын сыалга туһанаары гынар. Мин санаабар, бу – сыыһа. Туруорсуллубут харчы тиһэҕэр диэри тиийиэхтээх», — диэн этэн туран, министиэристибэттэн харчыны туһуламмыт сыалыгар ыытарга модьуйуоҕун туһунан эттэ.

Маны таһынан мунньахха авиация боппуруостарын кэпсэттилэр. Санатан эттэххэ, билигин Саха сиригэр 98 салгын тырааныспара дьону таһар. Улуустарга көтөр үгүс сөмөлүөппүт эргэрэн бүттэ. Ол иһин 2025 с. диэри хотугу улуустарга көтөр 50 суудуна саҥардыллыахтаах. Ону таһынан аэропортар инфраструктураларын оҥоруу барыахтаах. Былаан быһыытынан, 15 аэропорт «РФ тырааныспарын систиэмэтин сайыннарыы» тус федеральнай бырагыраамаҕа киирэн өрөмүөннэниэхтээхтэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0