Трутнев манна быыбардыаҕа

Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илин регионнарга боломуочуйалааҕа, вице-премьер Юрий Трутнев бүгүн Хабаровскайтан Саха сиригэр үлэлии кэллэ. Суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр кулун тутар 18 күнүгэр манна куоластыаҕын туһунан иһитиннэрдэ.

“Көҥүллүүр буоллаххытына, мин Быыбар күн Дьокуускайга куоластыаҕым. Тоҕо диэтэргин, билигин манна үлэлии сылдьабын”, — диэн этэр Юрий Петрович.
Манна сыһыаран эттэххэ, Быыбар күн “АЛРОСА” генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов эмиэ Саха сиригэр Мирнэйгэ куоластыаҕа.
Бэлиэтээн эттэххэ, билигин открепительнай дастабырыанньа диэн суох. Киһи сайабылыанньа суруйан ханна баҕарар куоластыан сөп. Быыбар күн Саха сиригэр барыта 806 быыбардыыр учаастак үлэлиэҕэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0