Саха эстрадатын төрүттээбит норуот тапталлаах артыыһа Юрий Платонов аата үйэлэргэ ааттана туруоҕа

02.07.2020
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 29 күнүгэр саха норуота бүттүүнэ улахан сүтүктэннэ. Ыарахан ыарыы кэнниттэн РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бэрэпиэссэрэ Юрий Егорович ПЛАТОНОВ бу олохтон өлөн туораата.

Саха эстрадатын бастакы идэтийбит артыыһа, норуот таптыыр ырыаһыта, артыыһа, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Майа улуустарын Ытык киһитэ Юрий Платонов өлбүтүнэн кэргэнигэр Лидия Иннокентьевна Платоноваҕа, оҕолоругар, чугас дьонугар  дириҥ кутурҕанын СӨ Ил Дархана Айсен Николаев биллэрдэ.

Бэс ыйын 18 күнүгэр Юрий Егорович 79 сааһын туолбута. Кэнники кэмнэргэ кини ыарахан ыарыыны утары өр турууласпыта. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри кини хорсун санаалаах дьиҥнээх Артыыс, Учуутал, Уһуйааччы этэ!

Саха эстрадатын төрүттээччи, Эстрада ускуустубатын өрөспүүбүлүкэтээҕи айар мастарыскыайын салайааччыта Юрий Егорович Платонов ыарахан ыарыыттан биһиги кэккэбититтэн туораабытынан олоҕун аргыһа Лидия Иннокентьевнаҕа, кыыһыгар Сардаана Юрьевнаҕа, сиэнигэр Юраҕа, чугас аймахтарыгар, үөрэнээччилэригэр дириҥ кутурҕаннарын М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт салалтата, уһуйааччылара уонна устудьуоннара тиэрдэллэр.

Эстрадабыт аҕалаатар аҕата, ырыаһыппыт, кумирбыт, киһи киһитэ, саха саарына, убай, тумус туттар киһибит суох буолбутунан хомолтолорун, дьиэ кэргэнигэр дириҥ кутурҕаннарын биллэрэллэр саха эстрадатын бары артыыстара, Сахациркэ кэлэктиибэ, Юрий Егорович үгүс үөрэнээччилэрэ, уһуйуллааччылара, бииргэ үлэлээбит дьоно, биир идэлээхтэрэ.

Юрий Егорович Платонов основатель якутской эстрады, любимец народа, знаковая личность якутской культуры и искусства. Выдающийся артист, педагог, наставник талантливой молодежи. Мудрый, скромный светлый, человечный. Настоящий народный! Творческая мастерская Юрия Платонова — творческая лаборатория настоящего Мастера певческой культуры! Благодаря ему многие артисты получили высшее образование в ЯГУ, СВФУ. Он поднял якутскую эстраду на интеллектуальный, профессиональный уровень! Человек-легенда, певец жизни! Брутальный, харизматичный певец со своим неповторимым почерком! Настоящий мужчина саха! Надо увековечить его имя для будущих поколений! Его жизнь образец преданности искусству, своему народу!

                      А.Г.Лукина, доктор искусствоведения”.

“…Прекрасный был человек, скромный при своей популярности… Юрий Егорович был не только артист исполнитель, он стремился поднять эстраду на научный уровень. Создал студию. Все знаменитые артисты эстрады вышли из его студии. Лишь через несколько лет после знакомства с ним узнала, что он брат Марфы Расторгуевой. …Сегодня вспоминают с благодарностью и любовью Юрия Егоровича все его ученики, друзья, коллеги и все, кто помнит его на сцене.

      З.И.Иванова-Унарова, профессор, засл. деятель исскуств РФ”.

Талааннаах артыыс, саха эстрадатын төрүттээччи, уһуйааччы Юрий Платонов айар үлэтэ Саха сирин култууратыгар, искусствотыгар букатыннаахтык киирбитэ, кини аата устуоруйаҕа кыһыл көмүс буукубаларынан суруллуо.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0