«Сэмсэ санаа» биэрии бүгүҥҥү ыалдьытынан Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, сыана бэлиитикэтигэр, бас билии боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев буолар. “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев өрөспүүбүлүкэбит экэнэмиичэскэй балаһыанньатыттан саҕалаан арҕааҥы дойдулар соҥнуур сааҥсыйалара тугунан дьайыахтарын сөбүн туһунан сиһилии кэпсэттэ.
— Кэпсэтиибитин тута арҕааҥҥы сааҥсыйалартан саҕалыахха, чуолаан сабыдыалларын туһунан. Сааҥсыйалар Саха сирин экэниэмикэтигэр хайдах-туох сабыдыаллаан эрэллэрий эбэтэр улаханнык биллэ илик дуу?
— Судургутук этэр буоллахха, географическай өттүнэн киинтэн олус ыраахпыт. Сааҥсыйа саамай биллибит сиринэн-уотунан Москва эргин буолар. Билиҥҥи туругунан бүддьүөккэ туох даҕаны омсолооҕу бу диэн көрбөккө олоробут. Холобур, быйыл сыл аҥаардааҕы кэми көрдөххө, бүддьүөппүт уонна өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын көрдөрүүлэрэ былырыыҥҥытааҕар лаппа үчүгэй. Тутууну да ыллахха, бастакы кыбаартал түмүгүнэн 15 бырыһыанынан үрдүк. Онон арҕаа дойдулар сааҥсыйалара биһиэхэ өссө да биллэ иликтэр. Ол эрээри, биири өйдүөххэ наада, син биир кыайан арыыланан хаалыахпыт суоҕа. Саамай тутаах, дохуоппутун оҥорооччу АЛРОСА сааҥсыйаҕа “кыбыллан” олорор. Таас чоххо киирдэххэ, эмиэ тустаах салайааччыларга, учредителлэрбитигэр сааҥсыйа биллэриллибитэ. Чуолаан “Якутуголь” тэрилтэҕэ. Кэлэр 2023 сыллааҕы бүддьүөтү таҥарбытыгар сааҥсыйа баарын биллэрэр буолуохтаах диэн сабаҕалыыбын.
— “Эльгауголь” Арассыыйа үрдүнэн аан бастакы чааһынай тимир суолун Саха сириттэн Охотскай муораҕа диэри тута сылдьар. Ол туһунан Санкт Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа да эппиттэрэ. Арҕаа дойдулар биһиги чохпутугар улаханнык наадыйбаттара буолуо эрээри, Япония аккаастаннаҕына, чуолаан ити хампаанньаҕа кэккэ кыһалҕалар үөскүүллэрэ буолуо.
— Манна эмиэ география улахан оруоллаах. Биһигиттэн таас чоҕу тиэйэр дуу, биитэр Донбасстан дуу, Кемероваттан дуу? Ол иһин хайдах да диэбит иһин биһиги чохпут анараа барар кыаҕа суох. Ол аата биһиги илиҥҥи дойдулары эрэ кытта сөптөөх суолу тутустахпытына эрэ сатанарыгар тиийэр. Саха сирин таас чоҕун туһанан олорор дойдунан Кытай буолар. Олус чугас сойууһунай дойду буолбатах гынан баран, биир өттүнэн биһиэхэ ханнык даҕаны сааҥсыйаҕа кыттыспакка олорор.
Итини тэҥэ, Корея, Япония эмиэ бааллар. Балар Эмиэрикэ сабыдыалыгар киирэн олорор дойдулар буолалларын быһыытынан арҕаа дойдулар сааҥсыйаларын өйүүллэр. Ол эрээри, кинилэргэ күүстээх сааҥсыйа наадата суох. Холобура, бырабыыталыстыбабыт салайааччыларын Японияҕа киллэрбэт эҥин курдук хааччахтарынан муҥурданаллар. Экэнэмиичэскэй сааҥсыйалары улаханнык соҥнуохтарын баҕарбаттар. Илиҥҥи дойдулар салайааччылары эмиэ бэйэлэрэ өйдөөх, төбөлөөх дьон буоллахтара.
Онон таас чохпутуттан улаханнык аккаастаныахтара суоҕа дии саныыбын. Японияҕа туох даҕаны хостоммот. Таас чохтон аккаастаннахтарына, экэниэмикэлэрэ тута айгыраабытынан барыан сөп.
Маны таһынан, аҥардас батарыы эрэ буолбакка, хайаны байытар бырамыысыланнаспытыгар үлэлиир ыарахан уйуктаах тиэхиньикэнэн хааччыллыы боппуруоһа турар. Хомойуох иһин, саамай туттар тиэхиньикэбит улахан аҥаара Эмиэрикэ уонна Япония киэнэ. Онон ити өттүгэр ыарахаттар биһиги хостуур тэрилтэлэрбитигэр бааллара. Итиннэ үлэ бара турар. Ити өттүгэр бырабыыталыстыба уонна хампаанньалар бэйэлэрэ Кытайы кытта үлэлэһэллэр. Уруккуттан баар бииргэ үлэлээһини өссө күүһүрдүөх тустаахпыт. Ону тэҥэ, сойууһунай, доҕордуу Белоруссиябытыгар итинник улахан уйуктаах тиэхиньикэлэри, чуолаан БЕЛАЗ-тары эмиэ оҥороллор. АЛРОСА дуогабардаһан, БЕЛАЗ-тары аҕалан кыра карьердарыгар үлэлэтэр. Ити солбук буолуон сөп.
Ол эрэн билигин үлэлиир, туһанылла сылдьар тиэхиньикэлэргэ саппаас чаастары булууга ыарахаттар үөскээн эрэллэр. Сааҥсыйа саамай кутталлааҕа манна сытар.
—АЛРОСА-ны этэн аһардыҥ, сорох эспиэрдэр этэллэринэн, балаһыанньа оннук-айылаах уустук буолбатах курдук. Холобур, алмаас атыыга барарын курдук бара турар. Сорохтор эмиэ да уустук буолуо дииллэр. 2008 сыллаахха кириисис буолбутугар, Гохран атыылаһан абыраабыта. Быйылгы көрдөрүү хайдах буолар туруктааҕый?
— Аһаҕас источниктары таарыйар буоллахха, биир ый анараа өттүгэр АЛРОСА хаһаайыстыбаннай актыыбын Мииринэйгэ ыыппыта. Итинник ыйытыы нэһилиэнньэттэн, үлэһиттэртэн киирбитэ. Генеральнай дириэктэр Сергей Иванов онно эппиэттииригэр кимнээххэ сырьену атыылыы олорорбут сабыылаах иһитиннэрии диэбитэ. Итини интэриэһиргиир доҕордуу буолбатах дойдулар хара баһаамнар буоллахтара. Кини аһаҕас дойдуларынан Кытай, Индия буолалларын ыйар. Бу дойдулары кытта сыһыаммыт куһаҕана суох. Манна дуоллар оруолу ылбат. Итини дойдулары кытта национальнай валюталарынан юанынан уонна рупийынан үлэлэһэбит.
Онон АЛРОСА алмааһы батарар кээмэйин улаханнык сүтэрбэккэ олорор. Генеральнай дириэктэр Сергей Иванов официальнай хабааннаах иһитиннэриитигэр олоҕурдахха, АЛРОСА финансовой өттүнэн улахан күчүмэҕэйдэри көрсө илик.
Маарыын этэн аһарбытым курдук, саппаас чааһынан уонна анал оборудованиеларынан хааччыллыыга күүстээх үлэ бара турар. Арассыыйа бырабыыталыстыбата даҕаны, өрөспүүбүлүкэ салалтата даҕаны ити хайысхаҕа көмөлөһөр.
Быйылгы дивидент туһунан эттэххэ, кэтээн көрөр сэбиэт итини билиҥҥи туругунан өйөөбөккө олорор эрээри, сүтэрбит суумабытын ылбатахпытына даҕаны, атын хайысханан туһаныахпыт диэн эрэнэбин.
Тоҕо диэтэххэ, АЛРОСА билиҥҥи экэнэмиичэскэй балаһыанньата бигэ туруктаах. Харчы баар. Ол харчы өрөспүүбүлүкэҕэ атын да хайысханан (араас пуондаларынан) тыырыллар кыахтаах. Ити харчыны өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бүддьүөтүн да сабыныаҕа уонна муниципалитеттарбыт сүтэрбит дивиденнэрин эмиэ сабыахпыт диэн эрэнэбин.
— Аны ньиэп, гаас туһунан кэпсэтиэххэ, итинтэн киирэр дохуоппут улаата турар дииллэр. Бу өттүгэр балаһыанньа хайдаҕый?
— Вячеслав Штыров саҕана өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан былаан (Схема комплексного развития производительных сил, транспорта и энергетики Республики Саха (Якутия) до 2020 года) ылыллыбыта. Ити былааны РФ Бырабыыталыстыбатыгар көмүскээбиппит. Былаан кэмигэр сөпкө аттарыллан оҥоһуллубутун түмүгэр, билигин биһиги алмаастан эрэ тутулуктаах буолбакка, гааһы, ньиэби хостооһунтан эмиэ туһанан олоробут. Гааһы, ньиэби хостуур хампаанньаларбыт лаппа кыаҕырдылар. Итиннэ нэһилиэнньэ балайда элбэх боппуруоһу биэрэр. Араастан быһаара сатыыбыт да, син биир тиийэ илик курдук. Дьон итиччэ баай чааһынай тэрилтэлэргэ нолуокка чэпчэтии оҥорорбутун ситэ өйдөөбөт. “Харчыбыт оччо элбэх дуо, оччо баайбыт дуо?”, — диэччилэр элбэхтэр.
Бу олох сыыһа өйдөбүл, ити чэпчэтиини инвестиция быһыытынан ылыныахха наада. Холобура, биһиги биэрбит чэпчэтиибитинэн туһанан холобура, “Таас-Юрях Нефтедобыча” 90-тан тахса скважинаны тутан, аҕыйах кэм иһигэр хостуур кээмэйдэрин түөрт аҥаар төгүл үрдэттилэ. Өрөспүүбүлүкэ көмөлөспөтөҕө буоллар, ити кирбиини ситиһэр кыахтара суох этэ. Оччоҕуна билигин аахсар барыстан киирэр уонна хамсаабат баайга-дуолга нолуокпут суох буолуо этэ. Иккитэ төхтөрүйэн итинник чэпчэтиини оҥорбуппутун түмүгэр, билигин ньиэптэн, гаастан киирэр барыспыт АЛРОСА киэнин кытта тэҥнэстэ да диир кыахтаахпыт. Холобура, 2021 сыллааҕы бүддьүөппүтүгэр аҥардас ньиэптэн киирэр барыс нолуога – 22 млрд. солк. тэҥнэстэ.
Онон улахан хампаанньаларга итинник хабааннаах чэпчэтиини оҥорон иһиллиэхтээх. Оччоҕуна ол барыһа кэлэр көлүөнэлэргэ уонна барыта өрөспүүбүлүкэ туһатыгар хаалан иһэр. Холобур, скважинаны оҥорон баран, илдьэ барбаттара чуолкай, ол тохтоло суох үлэлиир, нолуок харчыта биһиэхэ киирэ турар.
— Аны бүддьүөт туһунан кэпсэтиэххэ. Арассыыйа таһымынан ылар буоллахха, сорох эспиэрдэр сыл аҥаарыттан биллэрдик мөлтүө дииллэр. Аны быйылгыга хаһааҥҥытааҕар да элбэх дохуот киирдэ диэн буолбута. Бүддьүөт уонна дохуоппут туруктара хайдаҕый?
— Эрэгийиэннээҕи бородууксуйаны оҥорон таһаарыы 5 бырыһыан үрдээн былырыыҥҥытааҕар элбэҕи оҥорон олоробут. Сыл аҥардааҕы дохуоту көрдөххө, 10-ча бырыһыанынан элбэҕи ылан олоробут. Ороскуоппутунааҕар дохуоппут 3 млрд курдук сууманан үрдээтэ. Онон 2022 сыл бүтүөр диэри ылыммыт эбээһинэспитин барытын толоруохпут диэн өйдүүбүт.
Ыарахаттар тутууга баар буолуохтара. Тутуу матырыйаалын сыаната үрдээбитэ мэһэйдиир туруктаах. Ол эрээри, тутуу матырыйаалын сыаната аҥаардас сааҥсыйаттан эрэ улаатта диир сыыһа. Холобур, тимир сыаната анал эпэрээссийэ буолуон иннинэ, былырыыҥҥыттан үрдээбитэ. Сааһыары сайын мас биир кууба (обрезной дуоска) 30 тыһ. солк. кэриҥэ буоллаҕына, билигин 23-24 тыһ. солк диэри түспүт. Онон тутууга кэккэ уустуктар баар буолуохтара эрээри, быйылгы былаан туоларыгар үп-харчы баар. Манна тутуу матырыйаалын сыанатын үрдээһинигэр хайдах эппиэттэһэрбитин быһаарыахпытын наада, сыл түмүктэниитигэр иэстээх тахсыахпытын сөп. Оттон социальнай өттүгэр ханнык да кыһалҕа үөскүө суоҕа. Эппитим курдук, эһиилги бүддьүөтү таҥарга ыарахаттар баар буолуохтара, сааҥсыйа син биир сабыдыаллыаҕа.
— Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин дохуота үрдүү турар.
— Бүддьүөт кэмитиэтин аҕыс сыл салайдым. Бастакы сылларбар бэйэбит дохуоппут 110 млрд солк. кэриҥэ этэ. Билигин ити 170 млдр солк. тиийдэ. Бу — үчүгэй көрдөрүү. 60 млдр солк. курдук эбиллиннэ. Бу барыта биһиги салайааччыларбыт кэмигэр сөптөөхтүк дьаһаммыттарын туоһута. Аҥаардас АЛРОСА-нан эрэ муҥурдаммакка, атын улахан хампаанньалары (Сургутнефтегаз, Транснефть, Газпром) киллэрэн үлэлэппиттэригэр барыс киириитэ улаатта. Холобура, ити ВСТО биһигини таарыйбакка барыахтааҕын, туруорсан, Саха сирин нөҥүө ааһар буолан, итинтэн эмиэ дохуоту — 20-30 млрд. — аахса олоробут. Гаас өттүгэр соҕурууҥу оройуоннарбытын гаастааһыҥҥа уонна социальнай объектары тутарга үлэлэһэбит. Кэмигэр бу хампаанньалары киллэрбэтэхпит, сорохторугар кэмигэр сөптөөх чэпчэтиинэн маачыктаабатахпыт буоллар, дохуоппут кыра буолуо этэ. Итиннэ экологическай өттүттэн күүстээх хонтуруол наадатын өйдүүбүт.
Ситэ туһаныллыбатах, мүччү туппут кыахтарбыт бааллар. Холобур, уопсастыбаннас туруулаһан, утарсан, уоҕурдууну оҥорор химиичэскэй собуот тутуллубакка хаалбыта. Билигин Амурга тутуллан үлэлии турар. Бүддьүөттэригэр сыл аайы 20 млрд солк. киллэрэ турар диэн этэллэр.
Уопсастыбанньыктар оруоллара улахан. Кэлэн үлэлиэн баҕарар хампаанньалар бу дьоҥҥо дьиҥнээх информацияны биэрэн, быһааран, өйдөтөн баран, биирдэ үлэҕэ киириэхтээхтэр. Онон экологтары сырытыннаран, кинилэр нэһилиэнньэҕэ сөптөөх иһитиннэриини тиэрдэллэригэр көмө буолуллуохтаах. АЛРОСА экологияҕа ыытар бэлиитикэтин холобурдуохха сөп. Экологтарга ааннара мэлдьи аһаҕас, кинилэри кытта кылаабынай инженер хаһар баҕарар көрсөн кэпсэтэргэ, көрдөрөргө өрүү бэлэм.
Улахан хампаанньалар киирэллэрин туорайдаһыа суохтаахпыт. Кинилэр үлэлии кэллэхтэринэ, биһиги дохуоппут үрдүүрэ чуолкай суол. Нэһилиэнньэ хамнастанар уонна билигин баар улахан тэрилтэлэргэ төһөлөөх элбэх оҕолорбут киирэн үлэлии сылдьалларый?
—Саха сирэ дотационнай эригийиэн буолар. Госдуума дьокутааттара, ситэриилээх былаас уорганнара ити харчыны тыырсыыга баһаам элбэх үлэни ыыталлар.
—Дотация диэн Арассыыйа билиҥҥи үбүн систиэмэтигэр олус наадалаах. Сорох дьон биһиги дотационнай буолуо суохтаахпыт диэн этэллэр. Биһиги гаастаахпыт, ньиэптээхпит, алмаастаахпыт диэн куоһурданаллар. Ити туспа үп систиэмэтэ. Дотацияны ылартан куотуо, кыбыстыа суохтаахпыт. Бу манна Ил Дархан, быраабыыталыстыба, Госдуума дьокутаата Галина Данчикова күүскэ үлэлэһэр.
Галина Данчикова СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит салайааччы буоларын быһыытынан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа бүддьүөт кэмитиэтигэр киирбитэ. Пандемияттан сылтаан 2020 сыллааҕы бүддьүөт барылыгар Саха сирэ 48 млрд солк. дотацияны ылыахтаах буоллаҕына, 20 млрд кэриҥин сүтэрэр кутталлаах этэ. Уустук килиимэттээх сиргэ-уокка дотация хайаан да наада. Оруола олус улахан. Билигин биһиги дотация быһыытынан 105 млрд солк. ылабыт. Галина Данчикова бүддьүөт кэмитиэтигэр үлэлии сылдьан, дотацияны тыырар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ буолбута. Кинини уопуттаах салайааччы уонна финансист буоларыгар итэҕэйэн хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн талбыттара буолуо диэн сабаҕалыыбын. Галина Данчикова курдук уопуттаах финансист хамыыһыйаны салайбытын түмүгэр, эрэгийиэннэргэ бэриллэр дотация быһыллыбатаҕа. Өссө эбиллибитэ. Онон Галина Иннокентьевнаҕа улаханнык махтанабын. Кини курдук кыахтаах киһилээх буоламмыт өрөспүүбүлүкэ бүддьүөккэ улахан кыһарыйтарыыны көрсө илик.
—Аны тыа хаһаайыстыбатын таарыйыахха. Бу салааҕа хаһааҥҥытааҕар да улахан көмө, өйөбүл оҥоһулла турар.
— Тыа хаһаайыстыбатын көрөр буоллахха, тустаах министиэристибэбит федеральнай үбү ылыыга күүскэ ылсан үлэлии сылдьара махталлаах дьыала. Федеральнай үбү ылыы уустук, туох иһин туһанылларын барытын дакаастыахха наада. Аны туран, ылбыт үбү барытын сыа-сым курдук чуолкайдык отчуоттаныллыахтаах. Көдьүүстээх үлэ ыытыллыбыта дакаастаннаххына, үп көрүллэр суумата өссө улаатан биэрэр. Бу өттүгэр СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бары өттүнэн сөптөөх үлэни тэрийэ сылдьар. Федеральнай киин Саха сирэ төһө даҕаны улахан ороскуоттаах тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорбутун иһин, ити бородууксуйата суох Саха сирэ Саха сирэ буолар кыаҕа суоҕун толору өйдөөтө. Тыа хаһаайыстыбата төһө да ороскуоттааҕын иһин саха норуотугар тыын суолталаах.
Бырамыысыланнас биһигиттэн көмөнү үгүстүк эрэйбэт. Оттон тыа хаһаайыстыбата саха норуотун бэйэтин дьиҥнээх оҥорон таһаарыыта буолар. Саханы саха дэппит хайысха. Тыабыт сирэ хайдах олорор да, биһиги бары эмиэ оннук хабааннаахтык олоруохпут. Биһиги киэн туттуубутунан биһиги хороҕор муостаахпыт, сыспай сиэллээхпит буолар. Мантан бородууксуйаны ыла үөрэннибит, ас-үөл арааһын оҥорор кыахтаахпыт.
Билиҥҥи сүрүн соругунан кээмэйин улаатыннарыахпытын наада. Биһиги экологическай өттүнэн ыраас дойдуга олоробут. Уубут ыраас, төһө да ойуур баһаардара турбуттарын иһин маспыт саппааһа олус элбэх.
Балары кыайан туһаммакка олоробут, маны кэҥэтэн туһаныахпытын наада. Билигин буола турар анал байыаннай эпэрээссийэ сотору бүтүөҕэ, биһиги хайаан да кыайыахпыт диэн эрэнэбин. Ыраас уубутун иһээри, үүттэн оҥоһуллубут аспытын сиэри элбэх киһи тоҕо анньан кэлиэҕэ. Манна бары өттүнэн бэлэм буолуохтаахпыт. Саамай сүрүнэ, тыа хаһаайыстыбабытын тутан хааларга дьулуһуохтаахпыт. Ол туһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сөптөөх үп-харчы көрүллэ турара ситиһиллиэхтээх.
Биһиги, төһө кыалларынан, тыа сирин үчүгэй оскуоланан, балыыһаларынан уонна оҕо саадтарынан хааччыйыах тустаахпыт.
— Сорохтор аны икки сылынан олох-дьаһах тупсуо дииллэр. Бу кириисис төһө уһуой?
— Инникини тымтыктанан көрөр диэн саамай уустук. Холобур, доллар 20 буолан баран, 51-гэ тиийбитин тымтыктанан көрбүт, арааһа, суоҕа буолуо. Ханнык да экэнэмиис, финансист итини таайбатах буолуохтаах. Биллэн турар, сааҥсыйа биһиэхэ биллиэҕэ, кыһалҕалары көрсүөхпүт, сыана үрдүөҕэ. Ол эрээри, биһиги бэйэбит туспа оҥорон таһаарар салаалаах буолан уонна ол оҥорон таһаарыыбыт туспа ырыынактаах буолан, биһиги сыанабыт оннук-айылаах үрдүө суоҕа диэн сыаналыыбын. Сааҥсыйалар биһиэхэ саҥа кыахтары арыйдылар. Бу мин эрэ этиим буолбатах, бу туһунан үгүс эспиэр этэр. Сааҥсыйалар киирбиттэрэ ыраатта ээ. Билигин биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар тиэхиньикэни оҥорору сатыыр буоллубут. Арассыыйаны Дьобуруопа сойууһугар киллэрэн, кыаҕын, күүһүн өһүлбүттэрэ диэн сыаналыыбын. Бу олох ыраахтан эҥсиллибит албастара буолар. Ол эбэтэр дойду биир тиэхиньикэни бэйэтин эрэ дойдутугар оҥоруо суохтаах диэн хайысханы тутуспуттара. Саппаас чааһы атын дойду оҥоруохтаах диэн быһаарбыттара. Дойдулар бары биир тэҥник сайдыахтаахтар диэн угаайыылаах бэлиитикэни соҥнообуттара. Онон бу сааҥсыйалар Арассыыйа сэбиэскэй саҕанааҕы кыаҕын чөлүгэр түһэрэригэр көмөлөһөллөр.
Аччыгый авиацияны сайыннарыыга Уһук Илиҥҥи уокурук үрдүнэн былаах оҥостон, чахчы ылсан үлэлиирбит уолдьаста. Бу туризм сайдыытыгар улахан көдьүүстээх буолуох этэ. Биһиэхэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутааттара кэлэн бардылар. Бу биир сылынан быһаарыллыбат дьыала эрээри, билиҥҥиттэн ылсан үлэлээтэхпитинэ, барыта этэҥҥэ буолуо.
—Бу анал биэриигэ кэлэн, санааҕын, толкуйгун кэпсээбиккэр, ааҕааччыларбыт ааттарыттан махтал тылларын этэбин.
“Сэмсэ кэпсэтииттэн” матырыйаалы Александр ТАРАСОВ бэлэмнээтэ
Интерьвю видеота: