Юрий МАКАРОВ: “Тыйаатыр – мин олоҕум, тапталым, инникигэ эрэлим!”

30.07.2019
Бөлөххө киир:

Ньурба тыйаатырын уус-уран салайааччыта-дириэктэрэ Юрий Макаров көҕүлээһининэн, кини санаатынан төрүттэммит өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сата” театральнай бэстибээл Дьокуускайга буолбут сылыгар этэ дуу, ыҥырыллан кэлбит Москва кириитиктэриттэн биирдэстэрэ, Ньурба тыйаатырын испэктээгин көрөн, артыыстар талааннарын сөҕөн-махтайан баран, Ньурбаҕа тиийиэн олус баҕарбыт, дэһэллэр… Онуоха ким эрэ: “Эс, онно биһиэхэ тыйаатыр да диэн, дьиҥэр, суох – көннөрү сарай турар!”, — да диэбитигэр тохтооботох – “Бардыбыт, бардыбыт – аатырбыт Сарайы көрө!” — диэбит диэн хайыы үйэ театральнай номох   буолан кэпсэнэр…  Итинтэн ыла хас сыл ааспыта буолуой?! Биллибэт. Арай, 2002 сыллаахха, биэс сыллаах тохтобул кэнниттэн, IV “Сата” бэсти­бээл Ньурба куоракка тыйаатыр саҥа дьиэтин бастакы атаҕын түһэрииттэн саҕаламмытын өйдүүбүт. Ол кэннэ эмиэ хас сыл ааста?..

Оттон быйыл, 2019 сылга, Ньурба ты­­йаатырын саҥа дьиэтин тутуу, чахчы, саҕаланна!

Режиссер, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Юрий МАКАРОВ — бүгүн биһиги ыалдьыппыт.

“53 сыл кэтэспит тыйаатырбыт!”

—  Юрий Алексеевич, дьэ, үйэ  аҥаара кэтэһиллибит тутуу саҕаланар буолла, бука бары үөрдүбүт. Оттон Эйиэхэ, отуттан тахса сыл бу кэлэктииби салайан кэлбит киһиэхэ, бу ураты-бэлиэ кэмнэргэ туох санаалар киирэллэрий?

—  Ньурба тыйаатырын саҥа дьиэтин тутуу саҕаланыыта — бу барыбыт 53 сыл усталаах-туоратыгар кэтэспит кэтэһиибит буолар. Бу — ухханнаах уһун кэмҥэ үлэлээн-хамсаан, айан-тутан кэлбит үгүс көлүөнэлэр туруорсубут туруор­суулара, ыра-баҕа санаалара!

Оттон миэхэ, тус бэйэбэр, бу — сыралаах үлэм уонна тыйаатырым инники дьылҕата. Мин саҥа тутуу саҕаланыытын тыйаатыр айар үлэтигэр саҥа аартыктар арыллыыларыгар тэҥниибин.

— Саҥа тыйаатырга, дьэ, туох саҥа, сонун баар буолуоҕай?

— Саҥа тыйаатыр, биллэн турар,  аныгы кэм ирдэбиллэригэр эппиэттиир, сабыс-саҥа, толору тэриллээх, 240 миэстэлээх улахан саалалаах,  аччыгый, дьарыктанар саалалардаах буолара былааннанар. Уонна, артыыстарга үлэлииллэригэр бары өттүнэн толору хааччыллыылаах усулуобуйа оҥоһуллар.

—  Манна хас биирдии артыыс хостоох буолар?

—  Оннук. Хас биирдии артыыс бэйэтэ гримеркалаах буолуоҕа. Ама, маны уруккуну кытта тэҥниэҥ дуо? Суох буоллаҕа!

Уонна, сүрүнэ, саҥа тыйаатыры, мин, саҥа таһымнаах  испэктээктэр, тыйаатыр инникитин түстүүр үгүс тэрээһиннэр ыытыллар кииннэрин курдук көрөбүн. Саамай улахан сыалбыт — «Сата» театральнай бэстибээлбит саҥа кэрдиискэ тахсарын ситиһиэхпит! Ол курдук, инникитин бэстибээлбит аан дойдутааҕы театральнай бэстибээл киинэ буоларыгар үлэлиэхпит.

Элбэх саҥа тыйаатырдары аан дойдуттан, Сахабыт сириттэн ыҥыр­тыахпыт! Ону тэҥэ, оҕо театральнай устуудьуйатынан күүскэ  дьарыктаныахпыт. Биһиги тэрийбит үгүс оҕо театральнай бэстибээллэрбитин салгыы сайыннарыахпыт. Былаан элбэх!

— Тыйаатыры төрүттэс­пит дьоҥҥутун уонна бүгүҥҥү кэлэктиипкин биһиги ааҕаач­чыларбытыгар, баһаалыста, билиһиннэр эрэ…

— Тыйаатыры төрүттэспит Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската Валентина Николаева билигин үлэлиир, айар-тутар саҥа кэрдиискэ сылдьар. Тыйаатыр мусуойун  эмиэ кини сүрүннүүр. Ону тэҥэ, уһуннук үэлээбит үтүөлээх артыыстар Борис Борисов, Александра Кривогорницына, Майя Слепцова эмиэ, айар-тутар кэр­диискэ сылдьаллар. Бүгүн, бэйэлэрин кэмнэрин  биллэр артыыстара эмиэ элбэхтэр: Людмила Васильева, Петр Винокуров, Венера Никитина, Надежда Афанасьева, Вера Лазарева, Прокопий Федоров, Олег Конощук, Леонид Анисимов, Дмитрий Слепцов, Юлия Иванова, уо.д.а. Эдэр режиссердар, артыыс­тар саҥа таһымҥа тахсар суоллары мэлдьи көрдүүллэр, үгүстүк боруобалыыллар.

Сомоҕо талааннар хантан “хостоноллор”?

— Ньурба тыйаатыра сотору-сотору сомоҕо талааны «хостоон» таһаара турар… Холобур, эһиэхэ өр үлэлээбит СӨ үтүөлээх артыыһа Зоя Попова араас өрүттээх талаана бу кэлиҥҥи сылларга хайдах курдук арылынна? Михаил Апросимов эмиэ киинэҕэ ситиһиилээхтик уһуллар. Ол кистэлэҥэ туохханый?

— Биһиги тыйаатыртан элбэх артыыс, тыйаатыр атын да хайысхатыгар үлэлээн-хамсаан тахсыбыт дьон элбэх. Саха тыйаатыра, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, бу кэнники сылларга киинэҕэ ситиһиилээхтик уһуллар артыыстар үгүстэрэ биһиэхэ үлэлээн үүммүттэрэ-тахсыбыттара. Улахан кистэлэҥэ — Ньурба тыйаатырын оскуолатын ааспыт артыыстар бука бары — бириэмэ ирдэбилигэр эппиэттиир өйдөөх-санаалаах, онно сөп түбэһэр таһымнаах, талаан­наах дьоннор! Биһиги тыйаатырбыт куруутун инники күөҥҥэ, САҤАНЫ көрдөөһүҥҥэ, тыйаатыр  сайдар суолларын элбэх араас көрүҥнэрин  барытын кэриэтэ боруобалаабыта. Онон, барытыгар толору бэлэм, барыны бары сатыыр, кыахтаах артыыстары бэлэмнээбиппит.

— Эн бэйэҥ Чурапчыттан төрүттээххин, үйэҥ тухары Ньурбаҕа үлэлээтиҥ. Артыыстар үгүстэрэ эмиэ араас улуустартан төрүттээхтэр. Ньурбаҕа кэлэн, талаан­нара арыллар. Итини хайдах быһаарыахха сөбүй? Ньурба сирин-дойдутун, көрөөччүтүн уратыта? Айылҕатын абылаҥа?

— Ити, ыйытыыгар хоруйа бэйэ­тэ сылдьар… Кырдьык, Ньурба сирэ-уота, айылҕата, дьоно-сэргэтэ тыйаатыр сайдарыгар, айар киһи, артыыс талаана арылларыгар улахан төһүү күүс  буолаллар. Күөх Ньурбаҕа, киэҥ Ньурбаҕа — манна айар куттаах киһиэхэ салгына да көмөлөһөр курдук… Уонна, биллэн турар, биһиги иннибитинэ тыйаатыры төрүттэспит, айымньылаахтык үлэлээбит дьоннорбут сабылыаллара тугунан да кэмнэммэт, олус улахан.

Оттон Чурапчым, Хатылым — мин төрөөн-үөскээн, улааппыт, өйбүн-санаабын сааһылаан, туохха дьоҕурдаахпын көрөн, иитэн таһаарбыт сирим-дойдум! Оскуола саҕаттан барыга бары кыттыһан, оҕо сааһым олус көхтөөх, интэриэһинэй этэ… Учууталларым да бары олус сэргэх, үлэҕэ бэриниилээх дьон, үтүө холобур буолбуттара. Дойдубун-дьоммун кытта сибээспин быспаппын, быыс буллум эрэ тахса турабын. Бииртэн хомойобун — Хатылы курдук улахан нэһилиэк, элбэх талааннаах оҕолордоох, көхтөөх  дьоннордоох дойдум — кулууба суох! Нэһилиэнньэ, нэһилиэк баһылыга Ульяна Николаевна Атласова хас эмэ сылы быһа туруорсар туруорсуулара — ол. Кыах баарынан, биһиги эмиэ бэйэбит тылбытын-баҕа санаабытын тустаах дьоҥҥо тиэрдэбит. Онон, бу баҕа санаам син-биир хаһан эмэ олоххо киириэ диэн эрэлим улахан! 

— Режиссер быһыытынан сыл аайы кырата биирдии саҥа испэктээги туруораҕын. Билигин туохха үлэлии сылдьаҕын?

— Билигин Акутагава+Неустроев «Ворота Расёмон» диэн саҥа испэктээк таҕыста… Инникитин, Стриндберг «Соната призраков», Чехов «Палата N6» туруорабын. Уонна, билиҥҥиттэн саҥа тыйаатырбыт салгыы сайдар хайысхатын, репертуарбытын, ханнык испэктээкилтэн саҕалыырбытын толкуй­даан, үлэлээн эрэбин.

Дьиэ кэргэним – эрэллээх сүбэһитим!

— Хайа баҕарар айар киһиэхэ дьиэ кэргэнэ – эрэллээх тыыла, көмөлөһөөччүтэ, ханнык да кэмнэргэ өйөбүлэ, сүбэһитэ-­амаһыта. Баһаалыста, бэйэҥ дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэрэ түһүөҥ дуо?

— Кэргэним Надежда Гаврильевна — доруобуйа харыстабылын туйгуна, мин айар үлэбэр төһүү күүс буолбут киһибинэн кини буолар. Уолум Алексей – тыйаатыр режиссера, АГИКИ-ни бүтэрбитэ. Кыыһым Наталья оҕотун көрөн олорор. Араас талааннаах сиэннэр бааллар…

—  Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө тугу бэлэмниигит? Уопсайынан, айар былааҥҥыт туһунан…

— Кыайыы 75 сылын көрсө былаан элбэх. Эдэр режиссердар Маргарита Васильева, Алексей Макаров, Динислам Тутаев саҥа үлэлэрэ тахсыахтара. Ньурба ты­­йаатырын сайдар суола киэҥ, далаа­һыннаах!

“Сата” туһунан өссө биирдэ…

—  «Сата» бэстибээли аан дойду таһымыгар таһаа­рарга саамай сүрүнэ  тугуй? Эн, режиссер тус бэйэҥ олохтообут сибээстэриҥ дуу, биитэр судаарыстыба өйөбүлэ дуу?

— «Сата» бэстибээли 1993 сылтан тэрийэн ыытабыт. Элбэх биллэр режиссердар, артыыстар иитиллэн, үөһээ таһымҥа тахсыбыт бэстибээл­лэрэ. 2020 сылга 11-с төгүлүн ыытыахпыт. Саҥа тыйаатыр саҥа быыһын  иһигэр көрөөччүбүтүгэр тугу бэлэхтиибит,  диэн сыаллаах буолар.

Саҥа тыйаатырбыт саҥа быыһын сэгэтэн көрдөхпүтүнэ – туох саҥа көрүҥнэринэн, ханнык саҥа идиэйэлэринэн аныгы көрөөччүбүтүн сөхтөрөбүт – диэн санааны тутуһан, үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Бэстибээл  тэрээһинигэр бары күүспүтүн холбуубут – бырабыыталыстыба өйөбүлүн, Култуура министиэристибэтин, Ньурба улууһун дьаһалтатын, ты­­йаатыр үлэһиттэрин Сойууһун Саха сиринээҕи салаатын — бука барыларын. Биллэн турар, мин бэйэм олохтообут сибээстэрим, биир идэлээхтэрбин кытта билсиим-алтыһыым, доҕотторум – бу барытын сабыдыала эмиэ кырата суох.

— Тыйаатыр эн олоххор суолтата?

— Тыйаатыр — мин олоҕум, тапталым, инникигэ эрэллээх, сырдык ыралаах айар ыллыгым, суолум!

Быһаарыы

Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай ты­­йаатыр 1966 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр төрүттэммитэ. Бу баай устуоруйалаах, үтүө үгэстэрдээх тыйаатырга араас сылларга Устин Нохсоров, Сергей Зверев, Христофор Максимов, уо.д.а. Улуу талаан­наах дьоннор үлэлээн-хамсаан ааспыттара.

Тыйаатыр уус-уран салайааччыта-дириэктэрэ Юрий Алексеевич Макаров 1962 сыллаахха Чурапчы оройуонун Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини 1985 сыллаахха М.С.Щепкин аатынан Москватааҕы Үрдүкү театральнай училищены үөрэнэн бүтэрээт, Ньурба тыйаатырыгар үлэҕэ анаммыта. 1991 сыллаахха ГИТИС-кэ үрдүкү режиссерскай куурустары бүтэрбитэ. 1989 сыллаахха “Кир” диэн бастакы испэктээгин ситиһиилээхтик туруорбута. Оттон 1992 сыллаахха туруорбут “Уот Дьулустаан” (В.Гаврильева суруйуута) испэктээгинэн Ньурба тыйаатырын ханна баҕарар билэр буолбуттара.

Тыйаатыр режиссердара – Маргарита Васильева уонна Алексей Макаров.

1971 сыллаахха Тыйаатыр Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреатын үрдүк аатын ылбыта. 1990 сыллаахха Ньурба тыйаатыра Сибиир национальнай тыйаатырдарын I бэстибээллэрин (Кызыл куорат, Тува) лауреатынан буолбута.  Тыйаатыр үрдүккэ дабайан тахсыыта, саҥалыы, иккис тыынын киллэриитэ чуолаан талааннаах режиссер Юрий Макаров аатын кытта быһаччы ситимнээх. Кини 30-тан тахса испэктээги туруорда. 1992 сыллаахха Сибиир национальнай тыйаатырдарын II бэстибээл­лэригэр (Абакан куорат, Хакасия) “Уот Дьулустаан” (В.Гаврильева) испэктээгинэн лауреат аатын ылбыта, артыыска А.Кривогорницына бастыҥ дьахтар оруолун иһин Гран-при буолбута, оттон  режиссер Ю.Макаров бэсти­бээл чаҕылхай арыйыытынан ааттаммыта. Итинник, сыллата ситиһии­лэр кэлэн испиттэрэ. 2003 сыллаахха Юрий Макаров РФ бэрэсидьиэнин Гранын ылары ситиспитэ. 2007 сыллаахха тыйаатыр “Волшебные ягодки” (А.Титигиров туруо­руута) испэктээгинэн Санкт-Петербурга «Арлекин» оҕолорго аналлаах театральнай искусство Национальнай театральнай бириэмийэтин Гран-при хаһаайынынан буолбута. 2012 сыл­лаахха тыйаатыр «Туганлык» диэн түүр тыллаах тыйаатырдар норуоттар икки ардыларынааҕы V бэстибээллэригэр (Башкортостан) ситиһиилээхтик кыттыбыта. Артыыска Александра Кривогорницына «Лучшая женская роль второго плана» номинацияҕа кыайбыта. 1993 сылтан Ньурба драматичес­кай тыйаатыра, улуус уонна Култуура минис­тиэристибэтин өйөбүллэринэн, «Сата» өрөспүүбүлүкэтээҕи театральнай бэстибээли ситиһии­лээхтик ыытар.  Тыйаатыр “Хаарыан хампа…” бэстибээлгэ эмиэ мэлдьи дорҕоонноохтук ааттанар. Оттон 2017-ҕэ уонна быйыл 2019 сылга Ньурба тыйаатыра Южно-Сахалинскайга “Сахалинская рампа” бэстибээлгэ икки төгүл лауреат буолла.

Татьяна МАРКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0