Юрий Колмаков: “Биир санаанан салайтаран үлэлиибит, быр-бааччы олоробут”

02.03.2022
Бөлөххө киир:

Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар биир дойдулаахтарбыт бары түмсүөҕүҥ диэн ыҥыраллар. 

Юрий Колмаков, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин баһылыга:  

— Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр сахалар, нууччалар, украинецтар, Кавказ уонна Орто Азия  дьоно  олороллор. Биһиги бары эйэ дэмнээхтик олоробут, биир санаанан салайтаран үлэлиибит-хамныыбыт.  Ханнык даҕаны бэйэ-бэйэни сөбүлээбэт буолуу диэн суох. Ол туһунан санаа даҕаны суох.  Тоҕо диэтэххэ, Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас уонна Саха сирэ – биһиги барыбыт дойдубут, дьиэбит-уоппут буолар. Биһиги  сыһыаммытыгар, олохпутугар-дьаһахпытыгар буола турар араас мөкү сабыытыйалар тугунан да дьайбаттар, бары биир ыал курдук үлэлээн-хамнаан, күннээҕи үлэбитин быһаарсан бэркэ диэн быр-бааччы олоробут.

Бу күннэргэ бөһүөлэк олохтоохторун кытта көрсөн, элбэҕи кэпсэттим уонна ол дьонум, омугуттан тутулуга суох, бары РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  Украинаҕа анаан ылыммыт быһаарыныытын бары өйүүллэрин туһунан аһаҕастык этиннилэр.

Билигин норуот  банкоматтары уонна кууһунан атыылыыр маҕаһыыннары «атаакалаабат”. Бастаан утаа улахан уочараттар үөскэтэлии сылдьыбыттара эрээри, билигин  орун-оннугар буолла.  Нэһилиэнньэ, биллэн турар, Украинаҕа буола турар сабыытыйаны ыйыталаһар, ол туһунан санааларын этэллэр, оннук да буолуохтаах  буоллаҕа.  Араас сымыйа сурахтарга биһиги итэҕэйбэппит. Аллараа Бэстээх дьоҕус бөһүөлэк буолан, бары бэйэ-бэйэбитин бэркэ билсэбит. Бары биир санаанан салайтаран, инники олохпут сырдык, этэҥҥэ буоларыгар баҕарабыт!

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0