Үс түүннээх күн олоҥхолоон онолутар ытык кырдьаҕастар тустарынан биһиги номоххо истэн билэбит. Амма улууһуттан төрүттээх эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов туһунан олоҥхону сэҥээрээччилэр билэллэр. Оскуола сааһыттан олоҥхо тылын-өһүн ис сүрэҕиттэн сөбүлээн, ылынан, бэйэтэ суруйарга холоммут.
Ол курдук, «Баһырҕастаах аттаах Баабый Боотур» уонна «Күн киһитэ көмүскэс майгылаах, Айыы киһитэ аһыныгас санаалаах Кэскил Бухатыыр» диэн икки обургу олоҥхону айан, кэлин онтун улахан ыһыахтарга, тэрээһиннэргэ олоҥхолуур буолбут.
Соторутааҕыта Юра Борисов Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах Өлүөхүмэ оройуонун уон биир нэһилиэктэринэн былыргылыы кэрийэ сылдьан олоҥхолоон кэллэ.
— Олоҥхо ыһыаҕын иннинэ Өлүөхүмэ оройуонун нэһилиэктэрин кэрийэн олоҥхолооһунуҥ сүрүн соруга?
— «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» диэн Олоҥхо ыһыаҕын көрсө бырайыакпыт чэрчитинэн баран кэллим. Олохтоохтор Олоҥхо ыһыаҕын, биллэн турар, күүтэллэр, ол эрээри олоҥхо диэн тугун иһиттэн билиһиннэрэр сыаллаах, нэһилиэктэри кэрийэн кырата иккилии чаас олоҥхолоотум. Билигин Өлүөхүмэ дьоно-сэргэтэ олоҥхо диэн тугун-ханныгын билэллэр, онон ыһыахха да бэлэмнэниилэрэ судургутуйуо. Бырайыак иитинэн нэһилиэнньэҕэ олоҥхолооһун төрүт үгэһин, сиэрин-туомун, былыр хайдах олоҥхолуулларын көрдөрдүм уонна олоҥхону толоруу маастарыстыбатыгар маастар-кылаастары ыыттым.
— Биир олоҥхону ортотунан хас чаас устата толороҕун? Өлүөхүмэлэр хайдах ылыннылар?
— Билигин олоҥхобун ортотунан икки чаастан ордук кэмҥэ толоробун. Арай, Өлүөхүмэ нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан, саамай уһуннук 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэгэр толорбутум. Онно үс чаас кэриҥэ олоҥхолообутум. Дьон уу сахалыы тыллаах-өстөөх олоҥхоҕо, уопсайынан, фольклорга наһаа наадыйан олорор эбит. Элбэх араас омук олорор сирэ буолан, олоҥхо маннык эбит диэн өйдөбүллэрэ суох эбит. Арай, 2-с Нөөрүктээйи уонна Абаҕа нэһилиэктэригэр сүүстэн тахсалыы истээччи кэлэн үөртэ. Оҕо-аймах, дьахтар эрэ буолбакка, эр дьон эмиэ биир да тылы сыыска-буорга түһэрбэккэ иһиттилэр. Онон олох абылатан истибиттэриттэн мин эмиэ санаам көтөҕүлүннэ. Иэйэн-куойан туран олоҥхолообутум. Өлүөхүмэ нэһилиэктэринэн кэрийэн олоҥхолооһуммунан «Ыччат олоҥхоһут» уопсастыбаннай түмсүүбүт Олоҥхо ыһыаҕар сэмэй кылаатын киллэрдэ диэн этиэхпин баҕарабын. Бырайыак уопсайа сэттэ күн устата ыытылынна. Уон биир нэһилиэги кэрийэ сылдьан ыллаатым-туойдум.
— Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолору олоҥхоҕо хайдах сыһыарыахха сөбүй?
— Бу уустук боппуруос. Маннык үлэнэн өрөспүүбүлүкэҕэ дьарыктанар уһуйааннар бааллар. Оннук уһуйааччылартан Никандр Тимофеевы уонна Маргарита Григорьеваны бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кинилэр уруккуттан оҕолору олоҥхолуурга уһуйаллар. Мин саныахпар, оҕону наһаа кыра сааһыттан олоҥхоҕо сыһыарар сыыһа. Уһун уонна уустук тылтан-өстөн сүрэҕэр астаран, кэлин улаатар сааһыгар куота сылдьыан сөп. Маннык элбэх холобуру билэбин. Оҕону 5-7 кылаастарга сыһыарар тоҕоостоох эбит дии саныыбын.
— Уол оҕо олоҥхоҕо сыстара уустук. Эн хайдах бу эйгэҕэ ылларан, олоҥхолуур идэни баһылаатыҥ.
— Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар Мотрена Иннокентьевна салайар «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклор куруһуогар сылдьыбытым. Онтон кэлин Сунтаар улууһун Күүкэйигэр оҕолору олоҥхоҕо уһуйар лааҕырдаах Никандр Тимофеевка сылдьан дьарыктаммытым. Иккис олоҥхобун Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэнэ сылдьан суруйбутум. Сыл ахсын саҥа түгэннэр, матыыптар эбиллэн иһэр буолбуттара. Иитиллибит ийэ тылым илбиһигэр, төрүт тылым сүмэтигэр наһаа ылларбытым. Бу олоҥхобун кэлин М.К.Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн Олоҥхо института кинигэ оҥорон таһаарбыта. Маны таһынан, хандьыдаатскай диссертациям олоҥхо тылыгар туһуламмыт буолан, элбэх бэчээккэ тахсыбыт олоҥхону, илиинэн да суруллубуттары аахпытым, сыныйан үөрэппитим. Онон олоҥхо тылын-өһүн испэр иҥэринним, аны бар дьоҥҥо тарҕатар баҕам баһаам.
Юрий Борисов
2007 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйи бүтэрбитэ
2012 с. ХИНТуоКИ нууччалыы-сахалыы тылбаас салаатын бүтэрбитэ.
2014 с. Саха тылын хаапыдыратын магистратуратын бүтэрбитэ.
2017 с. Гуманитарнай чинчийии институтугар «Ритмико-синтаксические параллелизмы в якутском олонхо и тюрксо-монгольских эпосах: сравнительный аспект» диссертациятын көмүскээбитэ.
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru