Ханнык баҕарар эйгэҕэ сырыттахха, киирбит-тахсыбыт, саҥарбыт-иҥэрбит, барыга талааннаах, дьону тута бэйэтигэр тардар ураты күүстээх, сэргэх дьон баар буолар. Биһиги Сэргэлээхпитигэр, үөрүөх иһин, оннук ыччат аҕыйаҕа суох. Оттон мин бүгүҥҥү сэһэргэһээччим кинилэртэн биирдэстэрэ – устудьуон аймах бука бары билэр киһитэ, Сэргэлээх сэргэх ыччата Юра РОМАНОВ.
Мария Слепцова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
— Юра, дьэ бастатан туран, бэйэҥ тускунан кыратык билиһиннэр.
— Мин Амма улууһун 2–с Чакыр нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. 2012 сыллаахха 2-с Чакыр орто оскуолатын бутэрбитим. Онтон салгыы, сүрэҕим баҕатынан, ХИФУ ХИНТуоКИ «литературнай үлэһит» идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Ааспыт сайын үрдүк үөрэҕи бүтэрбиппин туоһулуур дьупулуом туппутум. Салгыы билиибин-көрүүбүн хаҥатар баҕаттан, билигин тапталлаах институппар фольклор кафедратын магистранабын.
— Биллэрин курдук, эн олус элбэх дьарыктааххын, бары өттүнэн дэгиттэр киһигин. Барыта туохтан саҕаламмытай?
— Туохтан саҕаланна этэ?.. Мин олохпор КВН аан маҥнай алтыс кылааска киирбитэ. Оскуолабытыгар эбии үөрэхтээһин педагога хамаанда тэрийэн оонньоппута. Ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан улууска, онтон илин эҥээрдээҕи оонньууга кыттыбыппыт. Өссө хас да сыл дьарыктанан, ситэн-хотон өрөспүүбүлүкэ таһымыгар оонньуур кыахтаммыппыт. Онно төбөбөр «Саха КВН инникилээх эбит ээ!» диэн санаа үөскээбитэ. Устудьуоннуу кэлэн баран, «Саха Даймондс» КВН хамаанда тэринэн күн бүгүҥҥэ диэри оонньуу сылдьабыт. Саха КВН миэхэ олус элбэҕи биэрдэ. Саамай сүрүнэ – эрэллээх доҕоттору, сыанаҕа сөптөөхтүк тутта-хапта сылдьыыны, тута толкуйдуур, саҥарар-иҥэрэр дьоҕуру.
— Өссө спордунан дьарыктанаргын Сэргэлээх барыта билэр, сэргиир, кэрэхсиир.
— Спордунан эмиэ оҕо эрдэхпиттэн дьарыктаммытым. Аҕам тустууга ССРС спордун маастара. Онон спордунан оҕо эрдэхпиттэн дьарыктанабын. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр сүүрэр, боксалыыр этим. Оскуолам, улууһум таһымыгар кэккэ ситиһиилэрдээхпин. Устудьуоннуу кэлэн баран, аҕа табаарыһым Жора Осипов ыҥырыытынан акробатиканан дьарыктанан саҕалаабытым. Билигин саамай сөбүлүүр, сүрүн дьарыгым буолла. Оҕо эрдэхпиттэн бэйэм мостик, сальто курдук приемнары оҥорор, кыралаан эрчиллэр этим.
— Эйгэҥ олус киэҥ, алтыһар дьонуҥ олус элбэх эбит. Бириэмэҕин хайдах аттараҕын?
— Биллэн турар, үөрэхпэр, сөбүлүүр дьарыкпар, чугас дьоммор барытыгар бириэмэбин сөпкө аттарарга дьулуһабын. Ол эрээри, билигин миэхэ саамай сүрүнүм — үөрэҕим. Үөрэхпиттэн ордор бириэмэбин бүүс-бүтүннүүтүн сөбүлүүр дьарыктарбар аныыбын. Баҕа наада дии саныыбын. Дьиҥнээхтии тугу эрэ оҥоруоххун баҕарар буоллаххына, тугу баҕарар кыайыаххын сөп.
— Атын ханнык дойдуга, туох дьарыктаах киһи буолан төрүөҥ этэй? Өскөтүн таллараллара буоллар?
— Сахам сиригэр буоллаҕа! Доҕотторбун, дьоммун-сэргэбин, дойдубун, сөбүлүүр дьарыкпын туохха да атастаспаппын!
— Устудьуон аймахха, эдэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Күүстээх санаалаах, бэйэ күүһүгэр эрэллээх буолуохха наада. Киһи сатаабатаҕа диэн суох. Онон, бэйэҕитин бары өттүттэн тургутан, саҥаны боруобалаан, сөбүлүүр дьарыккытын, бэйэҕитин буларгытыгар баҕарабын.
— Инники былааннарыҥ.
— Үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрдэрбин, онтон көстөн иһиэ дии саныыбын.
— Кэпсэтииҥ иһин махтал!
Мария Слепцова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru