2017 сыл, атырдьах ыйа, Өктөм. Ускуустуба оскуолатыгар көхтөөх, саҥалаах-иҥэлээх, бэһиэлэй кыыстыын үтүө атастыылар буолбуппут. Ол кыыспын кытта биэс сыл билсибэккэ сылдьан баран, дьэ быйыл көрүстүм. Уларыйбыт аҕай… Намыын, наҕыл буолбут. Юлия Иванова – М. К. Аммосов аатынан ХИФУ юридическай факультетын үһүс кууруһун устудьуона. Кини олоҕор көрсүбүт уларыйыыларын, ис санааларын үллэһиннэ.
Сэһэргээччим: «Чурапчы улууһуттан төрүттээхпин. Төрөппүттэрим Антон Владимирович, Антонина Павловна Ивановтар диэннэр. Ыал иккис оҕото буолабын, бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт», — диэн кэпсээнин саҕалаата.
Уруһуй уонна успуорт
Уруһуйдуурга, илиинэн оҥорууга Чурапчытааҕы А.П. Гоголев аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатыгар үөрэммитим. Уруһуй араас куонкурустарыгар, научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттан бириистээх миэстэлэргэ тиксэн, Намнааҕы педагогический кэллиэскэ ыҥырыы ыла сылдьыбыттааҕым. Тохсус кылаастан атах оонньуутун куруһуогар сылдьан саҕалаабытым. “Манчаары оонньууларыгар” улууһум чиэһин көмүскээбитим. “Снежный барс” байыаннай-патриотический кулуупка икки сыл оскуола сүүмэрдэммит хамаандатыгар баарым.
Олох охсуута, кыайыылаах тахсыы
2021 сыллаахха атахпын тоһутон, үс ый устата оронтон турбакка сыппытым. Дьэ, олоҕум бүттэ дии санаабытым, куруук хамсана сылдьар киһиэхэ бу ыарахан күннэр этилэр. Ороҥҥо сытыаран кэбиспиттэригэр санаам буолбакка, дэлби хомойон, баттатан, санааҕа ылларан саҕалаабытым.
Бастакы ыйбын ороммуттан турбакка сыппытым, иккис ыйбар баттыгынан сылдьар буолбутум, доҕотторум кэлэннэр сэргэхситэр этилэр. Кинилэр өйөбүллэрэ санаабын күүһүрдэр этэ. Бу олорон элбэҕи толкуйдаан, аһары хомойон хаалбакка, өй-санаа өттүнэн сайдыыны уонна психологияны интэриэһиргээн саҕалаабытым. Куһаҕан хаһан баҕарар үчүгэйдээх буолар.
Социальнай ситимнэр эйгэлэрэ
Социальнай ситим (SMM) эйгэтигэр үлэлээрибин балтараа ыйдаах куурус ааспытым. Онон быйылгыттан онно ылсан эрэбин. Хаартыскаҕа түһэрбин уонна түһэрэрбин сөбүлүүр буоламмын, ситимҥэ кыраһыабай хаартыскалары таһаарарбын астынабын. Кэлин устудьуоннуу сылдьан ааҕарым элбээн бэйэм көрүүлээх буолбутум, онтон үллэстэн саҕалаабытым. Олоҕум араас түгэнин суруйан кэпсиир идэлэммитим. Оннук курдук социальнай ситим айар үлэм тахсар сиринэн буолбута.
Олох диэн сибэкки кэриэтэ кэрэ уонна кэбирэх эбит
Өй-санаа өттүнэн сайдыыны үөрэтэр, ааҕар, араас ньымалары туттар киһи олоҕу ылыныыта чэпчэки буолар, кини бэйэтин эрэ буолбакка тулалыыр эйгэтин барытын көрөр, өйдүүр, ылынар. Мин дьону истэрбин, санаа үллэстэрбин, сүбэ-ама биэрэрбин сөбүлүүбүн. Эрдэ таах күннээҕинэн эрэ олорор эрдэхпинэ, араас быһыыга-майгыга наадыйбат этим. Чугастык билсибэт киһим кэлэн кэпсэттэҕинэ, кини сонунун ыйыппат, олоҕо хайдах баран иһэрин интэриэһэргээбэт этим.
Мин биир ыарахан түгэн кэнниттэн (манна ону сырдатар кыаллыбат), арааһа, мин бу дьону истиэхтээхпин, санаа үллэстиэхтээхпин, эрдэ сыыһа быһыыланар эбиппин диэн толкуй киирбитэ. Онтон ыла көрсүбүт дьоммун кытта үтүөтүк кэпсэтэбин, санааҕа ылларбыт курдук буоллахтарына, ыйыталаһан сэлэһэбин.
Тус бэйэм олоҕу үчүгэй эрэ өттүнэн көрө сатыыбын. Олох диэн түһүү-тахсыы, ыараханы-чэпчэкини ааһыы, үөрүү-хомолто. Хас биир күн эн суруйар остуоруйаҥ, бу күн хайдах ааһарын эн эрэ билэҕин, бу күҥҥэ көрсүбүт түгэн эн туруккун уларытара, эбэтэр үөрэх буолара эйигиттэн эрэ тутулуктаах.