Юлия Глязнецова «Научнай диэйэтэл» номинацияҕа кыттар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Саха сирин киэн туттуута» норуот бириэмийэтин «Научнай диэйэтэл» тохсус номинациятыгар сайаапкалары хомуйуу салҕанар.

edersaas.ru

Ким интэриэситээх gordost-yakutii@mail.ru  электроннай аадырыска бэйэҕит сайаапкаларгытын ыытыҥ. 

«Научнай диэйэтэл» номинацияҕа куоластааһыҥҥа киирбит сайаапкалары салгыы билиһиннэрэбит.

Юлия Глязнецова, Арассыыйа Наукаларын Академиятын ньиэп уонна гаас проблемаларын чинчийэр үнүстүтүүтүн сүрүн научнай үлэһитэ, ХИФУ “Ньиэп уонна гаас дьыалата” кафедраҕа уһуйааччынан үлэлиир.

Кини Ивановскай уобаластан төрүттээх. Төрөппүттэрэ учууталлар. Кинилэр Юлияны эмиэ учуутал идэни талыан баҕарбыттар. Ол эрэн, Юлия 1993 сыллаахха Ивановскай судаарыстыбаннай химико-технологическай үнүстүтүүт “промышленнай экология” кафедратыгар үөрэнэ киирэн, тулалыыр эйгэни харыстыыр инженер-химик идэтин ылбыта. 1999 сыллаахха Дьокуускайга көһөн кэлбит.  Арассыыйа Наукаларын академиятын иһинэн үлэлиир ньиэп уонна гаас проблемаларын үнүстүтүүтүн каустоболиттар геохимияларын лабораториятыгар инженеринэн үлэлээн саҕалаабыт. 2008 сыллаахха “Нефтехимия” тиэмэтигэр кандидатскай диссертациятын Томскай куоракка көмүскээбит.

2017 сыллаахха Арҕаа Арктика айылҕатын уонна техногеннай углеводородтарын  үөрэтэр Норвегия уонна Баренцево муоратыгар “Академик Мстислав Келдыш” научнай экспедициятыгар кыттыбыт. Юлия үлэлээбитин тухары айылҕаны харыстыырга улахан кылаатын киллэрбит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын, Арассыыйа Наукаларын Академиятын уонна да элбэх бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыт. Маны таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эдэр учуонайдарга уонна устудьуоннарга анаабыт гранын кыайыылааҕа. «Саха сирэ миэхэ иккис дойдум буолла. Манна мин бэйэм дьоҕурбун арыйдым, дьиэ кэргэним, үөрэнээччилэрим, бииргэ үлэлээччилэрим уонна доҕотторум бааллар», -диир.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0