Лиссиэй учуутала Юлиана Захарова: “Учуутал – үөрэнээччи доҕоро”

05.10.2019
Бөлөххө киир:

Сылын ахсын алтынньы бастакы өрөбүлүгэр Учуутал күнүн бэлиэтиибит. Учуутал – бу тыл барыбыт сүрэҕэр ураты сылааһынан илгийэн киирэрэ буолуо диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Бу бырааһынньык идэтиттэн тутулуга суох элбэх киһини ситимниир: быраас, асчыт, тутуу үлэһитэ, бэтэринээр – барыбытыгар балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ, бастакы учуутал, чуораан тыаһа – бэҕэһээ буолбут курдуктар. Маннык төһө баҕарар элбэҕи этиэххэ сөп, ол гынан баран төһө да сыллар-хонуктар аасталлар, биһиги син биир учууталларбытыгар үөрэнээччилэринэн хаалабыт, оттон кинилэр биһиэхэ учууталларбытынан.

Учуутал күнүн ыалдьытынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт нуучча тылын уонна литературатын учуутала Юлиана Захарова буолар. Кини бу үөрэх тэрилтэтигэр үлэлээбитэ номнуо уон биирис сыла буолла. Онон, үөрэх эйгэтэ, учуутал диэн биир саамай интэриэһинэй, алыптаах идэ туһунан сиһилии сэһэргэһиэхпит.

«Эн наһаа үчүгэй учуутал буолуоҥ»

Юлиана Николаевна тоҕо учуутал идэтин талбытын маннык кэпсиир: Тааттатааҕы А.Е. Мординов аатынан лиссиэйгэ үөрэнэ сырыттахпына нуучча тылын уонна литературатын учуутала Александра Петровна Быллырытова куруук миэхэ туһаайан: «Эн наһаа үчүгэй учуутал буолуоҥ», —диирэ. Билигин санаатахпына, идэбин талыым ити тыллартан саҕаламмыт эбит. Оскуола эрдэхпиттэн саха, нуучча, омук тылларын үөрэтэрбин уонна литератураны ааҕарбын олус таптыырым. Салгыы Ссаха судаарыстыбаннай университетыгар филологическай факультетын нуучча тылын уонна литературатын салаатыгар үөрэххэ киирбитим. Оскуолатааҕы учууталларым ыраах да буоллаллар аттыбар куруук баар курдуктар, туох эмит мунаахсыйар түгэммэр: «Кинилэр бу түгэҥҥэ туох быһаарыныыны ылыныахтара этэй?» — диэн испэр өрүү толкуйдаан көрөөччүбүн. Учууталларым хаһан даҕаны хомойон, сүрэҕэлдьээн, санаалара түһэн өрө тыына олороллорун көрбөтөҕүм, ол иһин бэйэм эмиэ үөрэнээччилэрбэр үчүгэй холобур буолуохпун баҕарабын”.

Уонча сыл көрдөөбүппүн буллум

Эдэр учуутал бастаан идэтинэн үлэлии кэлэн баран «Учуутал бастакы уочарат уруогун, матырыйаалын чаҕылхайдык, уһулуччу билиэхтээх эбэтэр киһи быһыытынан үчүгэй буолуохтаах дуу?” диэн ыйытыыны бэйэтигэр элбэхтэ биэрэрин ахтар.

Салгыы маннык кэпсиир: “Биллэн турар, муҥутуур үчүгэй холобурунан ити икки хаачыстыба холбоспуттара, ол гынан баран киһи ылла даҕаны итинник чыпчаалга тиийбэт. Барыта элбэх сыраттан-үлэттэн, уопуттан тахсар. Үлэлиирим тухары ити ыйытыкка эппиэти наһаа да өр көрдөөбүтүм уонна быйыл буллум диэхпин сөп. Казахстаҥҥа лааҕырга оҕолору илдьэ бара сылдьан биир интэриэһинэй баҕайы киһини кытта бу тиэмэҕэ кэпсэппиппит. Онно кини: «Учуутал, бастатан туран, киһи быһыытынан үчүгэй буолуохтаах, тоҕо диэтэр үөрэтиллибит уруок умнуллуон сөп, оттон быһыы-майгы хаһан да умнуллубат», — диэбитэ. Кырдьык, учуутал оҕоҕо чугас доҕор буолуохтаах, орто дойдуга киһи киһини кытта алтыһан киһи буолар. Ол эрээри, доҕордуу буоллубут эрэ уруокка ээл-дээл сыһыаннаһан, ситэ бэлэмэ суох кэлиэххэ сөп диэн буолбатах”.

Ааҕыы туһунан

Сэһэргээччибиттэн: “Үөрэнээччи айымньыны хайдах ааҕарай ордугуй? Оҕону хайдах гынан ааҕыыга үөрэтэбитий?” – диэн ыйытабын. Онуоха Юлиана Николаевна: “Мин куруук үөрэнээччилэрбиттэн айымньыны бүтүннүүтүн аахпыттарын диэн ирдиибин. Тоҕо диэтэххэ, киһи ааҕа олорон айымньыны бэйэтин нөҥүө аһардар, толкуйдуур, сыаналыыр буолар. Холобур, мин аудио уонна электроннай кинигэлэрдээҕэр кумааҕыга бэчээттэммити ааҕарбын быдан ордоробун. Киһи оннук кинигэни аахтаҕына кулгаахтара, тыла, харахтара, төбөтүгэр ойуулаан көрөрө барыта тэҥҥэ үлэлиир, сайдар. Маннык ааҕыыны дэбигис умнубаккын. Онон, быйыл тохсунньу ыйдааҕы өйтөн суруйууга кыттар оҕолорго айымньыны барытын ааҕыҥ диэн сүбэлиибин», — диэн хардарар.

Юлиана Николаевна сөбүлүүр айымньытынан Лев Толстой «Сэрии уонна эйэ» роман-эпопеята буолар эбит. “Манна олох бары өрүтэ түмүллэн ойууланар – таптал, дьиэ кэргэн, сэрии, доҕордоһуу уо.д.а. Чуолаан Марья Болконская уонна Николай Ростов сыһыаннарын туһунан ааҕарбын уонна үөрэтэрбин сөбүлүүбүн. Бу кинигэни мээнэ ыллын да өйдөөбөккүн, хас сырыы аайы атыннык көстөн, бэйэтэ арыллан иһэр. Хаһан эрэ биир үөрэнээччибин кытта сакалааттаспыппытын өйдөөн кэллим. Кини: “Мин бу айымньыны барытын ааҕыам», — диэбитэ. Билэрбит курдук, бу улахан кээмэйдээх айымньы. Арай, сотору кэминэн үөрэнээччим чахчы барытын ааҕан кэлбитин наһаа сөхпүтүм, айымньыны ымпыгар-чымпыгар тиийэ кэпсэтэн турардаахпыт. Үөрэнээччилэрим ситиһиилэриттэн, этэҥҥэ үөрэнэ, устудьуоннуу, үлэлии сылдьалларыттан олус үөрэбин», — диэн эдэр учуутал кэпсээнин түмүктүүр.

Юлиана Николаевнаны уонна өрөспүүбүлүкэ бары учууталларын Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Сыралаах үлэҕит сүүс төгүл эргийэн дьол-соргу тосхойдуҥ, махталлаах, киэҥ билиилээх үөрэнээччилэри баҕарабыт!

Чэлгийээнэ БАХСЫРОВА,
ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатык устудьуона.
Хаартыскаҕа: Юлиана (уҥата) үөрэнээччитин, нуучча тылын эксээминигэр 100 баалы ылбыт Анна Петухованы кытта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0