Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Ыһыах биһиэхэ, Саха сирин олохтоохторугар, элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбитин түмэр сүрүн бырааһынньыкпыт, саха норуотун култууратын, устуоруйатын уонна духуобунай үгэстэрин чөл хаалларыы, утумнааһын чаҕылхай туоһута буолар. Ыһыах киһи кэрэ дууһатын, илгэ-эйэҕэ, бэйэ ыккардыгар өйдөһүүгэ дьулуурун, култууралар дьүөрэлэһиилэрин ырылхайдык көрдөрөр.
Үгэс быһыытынан Олоҥхо ыһыаҕын өрөспүүбүлүкэ улуустара ыыталлар. Саха АССР 100 сылыгар анаммыт ХV үбүлүөйдээх Олоҥхо Ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уонна ыалдьыттара олоҥхоһуттары истиэхтэрэ, күнү көрсүү, кымыһы иһии, арчыланыы, алгыс көтөҕүү сахалыы сиэригэр-туомугар кыттыахтара. Олоҥхо тыйаатыра Андрей Титаров “Хардааччы Бэргэн” уонна К.Н. Никифоров-Лөкөчөөн айымньытынан “Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн” испэктээктэри туруоруоҕа.
Олоҥхо ыһыаҕар Арассыыйа уонна аан дойду норуоттарын култуураларын үйэлээх баайыгар аналлаах “Олоҥхо сиригэр ЮНЕСКО шедеврдэрин кытта көрсүһүү” норуоттар икки ардыларынааҕы IV бэстибээл сүрүн миэстэни ылыаҕа. Арассыыйа эрэгийиэннэрин уонна бэстибээлгэ кытта кэлбит дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ айылҕаҕа сүгүрүйүү сиэриттэн-туомуттан уонна фольклортан саҕалаан тыйаатыр ускуустубатыгар тиийэ аан дойду норуоттарын култуураларын тылынан уонна өйүнэн айыллыбыт көрүҥнэрин олохтоохторго уонна ыалдьыттарга билиһиннэриэхтэрэ.
Ыһыах чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүгэ П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун уус-уран ааҕыы өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы марафона, оһуохайы таһаарааччылар, ат киэргэлин куонкурустара, “Хотой Айыы” тыыннаах муусука рок-кэнсиэрэ, успуорт национальнай көрүҥнэринэн күрэхтэһиилэр, ол иһигэр уолаттарга уонна эр дьоҥҥо илии-атах оонньуутун күрэхтэһиитэ тэриллиэҕэ.
Күндү биир дойдулаахтарым уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо!
Ыһыах эһиэхэ сыллааҕы эрчими эптин, сэргэхситтин! Өҥ дьыл буоллун! Ис сүрэхпиттэн чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну уонна ситиһиини баҕарабын!
Уруй-туску! Айхал-мичил!
Айсен Сергеевич Николаев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана