Ытык учуутал хаһыата суох сатаммат

Ааптар: 
27.03.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ 90 саастаах Егор Скрыбыкин  дьиэтиттэн тахсыбакка, бэйэтин харыстанан олорор.

edersaas.ru

Коронавирус эпидемията куттала суоһуон иннинэ Саха АССР үтүөлээх учуутала Егор Николаевич Скрыбыкин маҕаһыыҥҥа, аптекаҕа, бэйэтин наадатыгар бэйэтэ сылдьар этэ. Муус устар саҥатыгар ытык кырдьаҕас кэллиэгэлэрин кытта  Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх педучилищеҕа, онтон педагогическай кэллиэскэ учууталлаабыт, школьнай, пионерскай салаалары салайбыт айымньылаах үлэтин туһунан ахтыы кинигэтин сүрэхтээри бэлэмнэнэ сылдьыбыта.

Билигин дьиэбэр олоробун, ханна да тахсыбаппын. Урут кыра да кириипкэ хаптарар буолан, доруобуйабын харыстыыбын. Ил Дархан Айсен Николаев кырдьаҕас дьоҥҥо кыһанан, дьиэбитигэр олорорго сүбэлиирин ылынабын. Мин саатанарым — кинигэ, хаһыат. Биэс хаһыаты сурутабын. Онтон биирдэстэрэ — уруккуттан сөбүлээн ааҕар хаһыатым «Саха сирэ», — диэн кэпсиир Егор Николаевич.

«Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр Егор Николаевич Скрыбыкин туһунан  «Ытык учуутал сирдээҕи дьоло» диэн ыстатыйа тахсыбыта. Бу кырдьаҕас учуутал тапталлаах хаһыата кини үбүлүөйдээх 90 сааһыгар бэлэҕэ буолар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0