Тыйаатыр сыанатыгар Зоя Багынанованы үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтилэр
П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар муус устар 22, 23 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, сыана маастара, уус-уран ааҕыы уонна киинэ эйгэтин уһулуччулаах талаана Зоя Багынанова 80 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ ыытылыннылар.
edersaas.ru
Саха тыйаатырын Далбар хотуна, театральнай ускуустуба сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах, саха норуота киэн тутта ааттыыр, сүгүрүйэр киһитэ Зоя Багынанова ытык сааһын, бэйэтэ этэринэн, «сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан, сүрэх тэбэрин тухары» үлэ үөһүгэр көрсөр.
Муус устар 22 күнүгэр дьон киэҥ сэҥээриитин ылбыт «Төлкө» испэктээккэ, куруук да буоларын курдук, сахабыт дьоно саалаҕа лыык курдук муһунна. Санатан эттэххэ, «Төлкө» испэктээк өссө биэс сыл анараа өттүгэр Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай туруоруутунан Зоя Петровна 75 сааһыгар тахсыбыта. Онтон ыла тыйаатыр репертуарын уҕараабат көрөөччүлээх айымньытынан буолар. Испэктээк иннигэр өрөспүүбүлүкэ салалтата, Култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ, эйгэлэһэн бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно, улууһун, төрөөбүт түөлбэтин дьоно-сэргэтэ эҕэрдэ тыл эриэккэһин, баҕа санаа бастыҥын эттилэр, сэмэй бэлэхтэри уонна наҕараадалары туттардылар.
Муус устар 23 күнүгэр күндү киһибит Зоя Петровна К.Чапек пьесатынан саҥа турбут «Ийэ» испэктээккэ сүрүн оруолу толорон, көрөөччүлэрин, чугас дьонун, кэллиэгэлэрин үөртэ, долгутта, уйадытта. Үбүлүөйдээх киэһэ буруйдааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската Зоя Петровна бар дьонун иннигэр тахсан, испэктээккэ оонньообут артыыс уолаттарга, туруорааччы режиссер Василий Борисовка махталын тиэртэ уонна саҥа айымньы ситэн-хотон, бэйэтин киэбин булан, кэлэр сезоҥҥа көрөөччү киэҥ араҥатыгар тахсарыгар баҕарда.
Оонньууну көрө олорон, уһулуччу талаан уонна артыыс идэтэ кэми уҥуордуур кыахтааҕар өссө биирдэ итэҕэйэҕин. Бокулуон кэмигэр саалаттан: «Браво, уһулуччу талаан – Зоя Петровна!» – диэн хаһыы ньиргийдэ, уруйдуур-айхаллыыр тыл этилиннэ. Онтон испэктээк кэннэ кэлбит ыалдьыттар, тыйаатыр кэлэктиибэ, доҕоттор-атастар, аймах-уруу дьон бырааһынньыктааҕы остуолга олордулар.
ххх
Зоя Багынанова Үөһээ Бүлүү улууһун Далырыгар 1942 сыл муус устар 22 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. 1966 сыллаахха М.С. Щепкин аатынан Москубатааҕы үрдүкү театральнай училищены (институту) бүтэрэн кэлиэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри тыйаатыр ускуустубатыгар өйдүүн-сүрэхтиин бэринэн, үлэлии-хамсыы сылдьар.Кини кэргэнэ Федот Потаповтыын театр ускуустубата сайдыытыгар ураты суолу-ииһи тэлэн кэлбит дьон. Олоҕун аргыһынаан Ньурбаҕа көһө сылдьар драматическай театры, онтон Нерюнгрига куукула тыйаатырын төрүттээбит, тэрийсибит уонна салайсыбыт дьон буолаллар.
Зоя Петровна саха тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын кытта быстыспат ситими олохтоон, үгүс элбэхтик ааҕара, эпиирдэргэ тахсара, бырайыактары сүрүннүүрэ. Кини толорбут айымньылара билигин «Саха» НКИХ көмүс пуондатыгар хараллан сыталлар.Зоя Петровна көрөөччү киэҥ араҥатыгар, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ, киинэҕэ уһуллубут чаҕылхай уобарастарын ордук биллэр. Үйэ-саас тухары умнуллубат гына айбыт оруолларын дьон эрэ барыта хайгыы көрөр, чугастык ылынар, талааныгар сүгүрүйэр. Маны таһынан кини саха литературатын айымньыларын уус-ураннык ааҕар, инсценировкалары туруорар, тыйаатыр диэйэтэллэрин тустарынан хомуурунньуктары оҥорбут хомоҕой тыллаах, айар куттаах киһинэн биллэр.
Петр Макаров, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ:
– Күндү көрөөччүлэрбитигэр бүгүҥҥү дьоро киэһэҕэ үөрүүбүтүн үллэстэ сааланы тобус-толору тоҕо анньан кэлбиккитигэр Саха тыйаатырын бар дьонун аатыттан махталбытын биллэрэбит! Биһиги олус дьоллоох дьоммут: тыйаатырга 24 саастаах эдэриттэн 80 саастаах ытык кырдьаҕаһыгар тиийэ бааллар. Ол Сахабыт тыйаатырыгар урут-уруккуттан олоҕурбут үтүө үгэс. Эдэр дьон ону салгыыр, кинилэри харыстыыр эбээһинэстээхпит. Аҕам артыыстарбытын аттыбытыгар сэргэ тутан, биир сыанаҕа оонньуу сылдьарбытыттан, кинилэртэн элбэххэ үөрэнэрбититтэн дьоллооҕунан ааҕынабыт.
Алексей Еремеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ:
—Убаастабыллаах Зоя Петровна, эйигин өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна кыһыл көмүс бэлиэлээх бочуоттаах грамотанан наҕараадалыыбыт. Сахабыт сиригэр Зоя Багынанованы билбэт киһи диэн суох буолуохтаах… Кини артыыска эрэ буолбакка, сценарист быһыытынан эмиэ киэҥник биллэр. Поэтическай биэчэрдэрэ киһи сүрэҕин долгутар, ыччаттары үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар аналлаахтар. Биһиги киэн туттар киһибит өссө даҕаны ситиһиилээхтик таптыыр тыйаатырыгар үлэлээн, куруук аттыбытыгар баар буол. Кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну!
Юрий Куприянов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ:
– Күндү Зоя Петровна, Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич аатыттан Эҕэрдэ суругу уонна 100 сыллаах үбүлүөйдээх мэтээли туттарыам иннинэ биллэриэм этэ, Зоя Петровна үбүлүөйдээх сылыгар Өрөспүүбүлүкэбит устуоруйаҕа киирэр баараҕай 100 сааһын бэлиэтиир. Бүгүн Сахабыт сирин ситиһиитин, талааннарын кэккэтигэр киирэр айымньылаах үлэлээх ытык-мааны артыыскабыт Зоя Багынанова аатын доргуччу ааттыыбыт. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэбит сүдү улахан наҕараадатынан – Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылар үөрүүлээх сонуну дохсун ытыс тыаһынан көрөөччүлэргэр тиэрдэбин!
Евгения Михайлова, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэрэсидьиэнэ:
– Ытык-мааны Зоя Петровна, бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥүнэн федеральнай университет 20 000 устудьуонун уонна 4 000 үлэһиттэрин ааттарыттан талааҥҥытыгар сүгүрүйэн туран, эрчимнээхтик эҕэрдэлиибит. Тыйаатыры кытта эйгэлэспит, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар өр сылларга үлэлээбит буолан, Саха тыйаатырын премьераларын, эн толорор оруолларгын чопчутук өйдүүбүн. 56 сыл тыйаатырга, култуураҕа, ускуустубаҕа сулууспалаабыт дьон олох аҕыйах буолуохтааххыт. Онон киэн туттан уонна холобур быһыытынан эн ааккар сүгүрүйэн туран, бэлэхпитин туттарарбытын көҥүллээҥ.
Мария Христофорова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай дьокутаата, «Ил Түмэн» бэчээт кыһатын генеральнай дириэктэрэ:
– Сахабыт норуота олус ытыктыыр артыыската, күндү киһибит Зоя Петровна! Эйигин үбүлүөйдээх күҥҥүнэн эҕэрдэлээн туран, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын аатыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна театральнай ускуустубатын сайдыытыгар улахан кылаатын иһин үрүҥ көмүс бэлиэнэн уонна бочуоттаах грамотанан наҕараадалыырбын көҥүллээ. Куорат аҕа баһылыга Евгений Николаевич уонна куораттааҕы дуума салалтата эн үөрүүгэр кыттыһар, духуобунас сайдыытыгар, тыл-өс култуурата чиҥииригэр, сахалыы эйгэ кэҥииригэр киллэрсэр кылааккын үрдүктүк сыаналыыр.
Владимир Поскачин, «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга:
– Күндүтүк саныыр тапталлаах эдьиийбитин Зоя Петровнаны 80 сааскын туолбуккунан төрөөбүт түөлбэҥ, Үөһээ Бүлүү дьонун-сэргэтин аатыттан итиитик-истинник эҕэрдэлиибит! Долгуйан аҕай, күүскэ тэринэн, анаан-минээн ыраахтан айаннаан кэллибит. Биһиги улуустан силистээх-мутуктаах сүдү талааннаах киһибит Зоя Петровна өссө да өр сылларга үлэлии-хамныы сылдьаргар баҕарабыт уонна эн тирэххэр, кэлэктиипкэр – аан дойдуга саха омуга баарын биллэрбит, үрдүк таһымҥа айа-тута сылдьар Саха тыйаатырыгар — ситиһиилэри баҕарабыт!
Андрей Борисов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын уус-уран салайааччыта, Арассыыйа норуодунай артыыһа:
– Ускуустуба саамай кырдьаҕас тэрилтэтигэр, Сахабыт тыйаатырыгар, биһиги ытыктыыр-сүгүрүйэр, бары киэн туттар киһибит – тыйаатырбыт Далбар Хотуна Зоя Петровна ускуустуба дьонугар куруук холобур буолаҥҥын, саҥаттан саҥа уобарастары айа тур диэн алҕаан тураммыт, Саха тыйаатырын аатыттан эҕэрдэ тылларын этэбит уонна кэлэктиип аатыттан бэлэхпитин уунабыт. Сүгүрүйэбит эйиэхэ! Саха норуотун тапталлаах артыыскатыгар Зоя Петровнаҕа уруй-айхал! Уруй! Айхал!
Зоя Багынанова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската, театр уонна киинэ артыыската:
– Тапталлаах күндү көрөөччүлэрим! Миэхэ бүгүн уһулуччу долгутуулаах күн буолла. 80 сааспын бэлиэтиир кэрэ-бэлиэ киэһэбэр туох баар наҕарааданы барытын туттум! Сүһүөҕүм үрдүгэр сылдьан, 80 сааспын көрсө, маннык улахан оруолларга, сүдү ыччаттары кытта оонньуом, бииргэ үлэлиэм диэн урут да ыраламматаҕым… Былатыан Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреатын үрдүк аатын сүгэр диэн улуу дьыала! Онон үтүөкэннээх бар дьоммор, тыйаатырбар эһиэхэ, сүүрэн-көтөн тэрээһиммин ыыппыккытыгар барҕа махтал! Саха тыйаатыра баарын тухары көрөөччүлэр куруук маннык толору кэлэн, артыыстары үөрдэ туоруоххут диэн эрэнэбин. Барыгытыгар туйгун доруобуйаны, өссө айымньылаах, таһымнаах үлэни баҕаран тураммын, «сүһүөх уйарынан, сүрэх тэбэрин тухары» үлэлииргэ бэлэммин диэн этэбин. Махтал, күндү Сахам Сирин дьоно!
ххх
Бу күн ытык-мааны киһибитигэр Зоя Петровна Багынановаҕа анаан үтүө тыл эриэккэһэ, алгыс бастыҥа этилиннэ. «Ытык киһиэхэ сүгүрүйүү, уһулуччулаах артыысканы чиэстээһин сиэрэ үрдүк таһымнаахтык ааста», – диэн ыалдьыттар санааларын үллэстэллэр.Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, сүрүннүүр министиэристибэбитигэр, эҕэрдэҕэ кыттыспыт култуура тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, ускуустуба диэйэтэллэригэр, тыйаатырбыт бар дьонугар, Зоя Петровна оҕолоругар, сиэннэригэр уонна чугас аймахтарыгар махталбытын тиэрдэбит. Өссө биирдэ сахабыт норуотун тапталлаах артыыската З.П.Багынанова кыттыылаах «Төлкө» испэктээккэ кэлэн ыалдьыттаабыт көрөөччүлэрбитигэр ытыктабылбытын биллэрэбит!Сахабыт тыйаатырын сэргиир дьон үксүү турарыттан, эдэр дьон тыйаатырдыын эйгэлэһэриттэн сэмээр үөрэбит. Сахабыт сирин талааннарын, литературабыт улуу айымньыларын сэргээҥ диэн ыҥырабат уонна үгүс дьон көрдөһүүтүнэн Зоя Петровна кыттыылаах «Төлкө» испэктээги ыам ыйынааҕы репертуарга киллэрбиппитин иһитиннэрэбит. Онон ыам ыйын 20 күнүгэр көрсүөххэ диэри, күндү көрөөччүлэрбит!
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Сиибиктэ ПЕТРОВА ( П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын пресс-сулууспата)