Кэрэ айылҕалаах, өҥ буордаах сир элбэх эрээри, онно үтүө-мааны, үлэһит дьон олорор буоллаҕына, бу дойду өссө ордук аатырар-сураҕырар. Биһиги Хаптаҕайбыт «Дьоруой үүнэр дойдута» диэн мээнэҕэ этиллибэт.
edersaas.ru
Биһиги көлүөнэ Үлэ Дьоруойдара Гаврил Самсонов, Екатерина Новгородова холобурдарыгар иитиллэн улааппыппытынан киэн туттабыт. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, Бүлүүгэ аҕыйах сыл үлэлээн баран, мин төрөөбүт дойдубар, Ленин аатынан сопхуос Хаптаҕайдааҕы салаатыгар, үүт-табаарынай пиэрмэ зоотехник-биригэдьииринэн уон түөрт сыл устата үлэлээбитим. Оҕуруокка биригэдьиирдиир Үлэ Дьоруойа Екатерина Иннокентьевнаттан ити сылларга бэрт элбэххэ үөрэммитим: үлэни-хамнаһы эрдэттэн былааннаан тэрийиигэ, дьону аттаран туруорууга. Дьэ, чахчы киһи сөҕөр да, саллар да ураты үлэһитэ этэ! Биһиэхэ, эдэр исписэлиистэргэ, мэлдьи сүбэлии-амалыы сылдьара, кыһыҥҥы кэмҥэ оҕуруотчуттары пиэрмэҕэ аҕалан ыанньыксыттары солбуттарара. Пиэрмэ уонна оҕуруот диэн арахсыбакка биир сүбэнэн, бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн-толорсон үлэлээбиппит түмүгэр, 1980-с сылларга үлэ бары көрүҥэр үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн, хаптаҕайдар улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыппыт билигин саныахха бэрт астык.
Инникини, кэскили көрөн үлэлиирэ. Үлэһиттэригэр ирдэбиллээх салайааччы буоларын таһынан, кинилэр олохторугар-дьаһахтарыгар ийэлии кыһанар, дьиэтэ суох дьоҥҥо дьиэ-уот туттарар, кырыымчык олохтоохторго көмөлөһөр аҕа табаарыс этэ. Кини кэпсэтиитинэн сыл аайы кэриэтэ анал орто үөрэҕи бүтэрбит оҕуруотчут уонна агроном кыргыттар үлэлии кэлэллэрэ, эдэр исписэлиистэр практикаларын бараллара уонна олохсуйа хаалаллара. Билигин ааҕан көрдөххө, отуттан тахса кыыс Хаптаҕай уолаттарыгар кэргэн тахсан, дьоһун-мааны ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан олороллор. Онон нэһилиэнньэ ахсаана элбииригэр Екатерина Иннокентьевна оруола улахан.
Кэргэнэ Николай Семенович Назаров эмиэ отделение тутаах салааларыгар үлэлээбитэ, биригэдьиирдээбитэ, фуражирдаабыта. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран илиилэрин үлэттэн араарбатахтара. Оҕуруот арааһын олордон, 1990-с сыллардаах хамнас кэлбэт, үп-харчы суох кырыымчык кэмнэригэр аһы-үөлү бэйэ тиэргэниттэн хааччыныахха сөбүгэр эдэр ыалларга үтүө холобуру көрдөрбүттэрэ. Сааһырыы кыһайан, кыһынын куоракка киирэн кыстыыллар уонна саас ахсын Хаптаҕайдарын ахтан тахсаллар. Нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кытталлар.
Дьоруой оҕуруотчут уонна кинини кытары бииргэ үлэлээбит-хамсаабыт Хаптаҕай аҕа көлүөнэ дьонун үлэҕэ үгэстэрин билигин эдэр дьон салгыыллар. Ол курдук, Екатерина Новгородова үөрэнээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Мэҥэ аат” уонна “Бастыҥ агроном” ааттарын хаһаайкалара, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Екатерина Дмитриева салайааччылаах «Дириҥ» кэпэрэтиип бэйэтин кыаҕынан таһаарыылаахтык үлэлиир, базатын тупсарынан иһэр: биир тыһыынча гектар иэннээх тэпилииссэҕэ оҕуруот аһын арааһын үүннэрэр, 50 гектардаах бааһынаҕа хаппыыстаны уонна хортуоппуйу олордор. Эдэркээн сааһыгар эмиэ Екатерина Иннокентьевна салалтатынан үлэлээбит Антонина Жиркова туспа хаһаайыстыба тэринэн, олохтоох агро-оскуоланы кытары кыттыһан, оскуола оҕолорун оҕуруот үлэтигэр уһуйууга кылаатын киллэрэр. Үс эдэр киһи, Николай Попов уонна ини-бии Игнатий, Иван Зыковтар хортуоппуйга итиэннэ хаппыыстаҕа идэтийэр агро-кластер тэринэн үлэлииллэр, сыллата куһаҕана суох үүнүүнү ылаллар, сирдэрин кэҥэтэн иһэллэр.
Екатерина Иннокентьевна 90 сааһын туолар үбүлүөйүн дьоһуннук көрсөр туһугар улуус дьаһалтатын кытары сөҥнөһөн, эрдэттэн былаан оҥостон үлэлии сылдьабыт. Улуус оскуолаларын оҕолоругар Екатерина Иннокентьевна олоҕун, үлэтин сырдатар викторина, өйтөн суруйуу уонна уруһуй куонкуруһа тэрилиннэ. Урут оҕуруотунан дьарыктаммыт нэһилиэктэргэ эдэр ыччаттары сир үлэтигэр көҕүлүүр инниттэн бэтэрээн оҕуруотчуттары чиэстээһиннэр итиэннэ агрономия дьаһалларыгар маастар-кылаастар, хаһаайыстыба тэринэн үлэлиэхтэрин баҕарар дьоҥҥо методическай сүбэлэр тэриллэллэр.
Улахан дьаһал биһиэхэ, Хаптаҕайга, муус устар 13 күнүгэр былааннанар: агро-оскуолалар научнай-практическай кэмпириэнсийэлэрэ, урукку Ленин аатынан сопхуос отделениеларын (Хаптаҕай, Павловскай, Ороссолуода) оҕуруотчуттарын кытары көрсүһүүлэр, «Дириҥ» кэпэрэтиип оҕуруотчуттарын үлэлэрин сырдатыы тэриллиэхтэрэ итиэннэ биллэн турар, Екатерина Иннокентьевнабытын чиэстиэхпит. Даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта Екатерина Иннокентьевна хайдах дойдуга төрөөбүтүн-үөскээбитин көрөөрү, Чурапчы улууһун Кытаанаҕар бара сырыттыбыт. Нэһилиэнньэни кытары истиҥник көрсүһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, баһылык Егор Потаповы кытары икки нэһилиэк бииргэ үлэлиир сөбүлэһиитин түһэрсэн кэллибит. Үлэни өрө туппут хоһуун сүрэхтээх, Үлэ Дьоруойа Екатерина Новгородованан биһиги киэн туттабыт!
Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга Екатерина ГАВРИЛЬЕВА,
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru анаан.