Соторутааҕыта Горнай улууһун соргулаах Солоҕон нэһилиэгин олохтоохторугар, өртөн ыла сандаарар Өрт орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр, учууталларыгар бэлиэ күн үүммүтэ. Бу күн народнай поэт Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 85 сылын көрсө ытык-мааны ыалдьыттардаах улуустааҕы киэҥ бырагыраамалаах Тарасов ааҕыылара үһүс төгүлүн ыытылынна.
Ыһыах ыалдьыттарынан аатырарын курдук, бу Тарасов III ааҕыыларыгар айар үлэҕэ киириилэригэр Сааба Тарааһап алгыһын, сэҥээриитин ылбыт аан дойдуга биллэр үрдүк таһымнаах народнай суруйааччы Николай Алексееевич Лугинов, быйыл народнай суруйааччы буолбут, билиҥҥи саха литературатыгар ураты суоллаах-иистээх дьоһуннаах драматург, кэрэхсэнэр кэпсээнньит, сээркээн сэһэнньит Василий Егорович Васильев – Харысхал кэлбиттэрэ үөрүүлээх. Ытык ыалдьыттарбыт Савва Иванович Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатыгар бюст аһыллыытыгар дириҥ ис хоһоонноох тыл эттилэр. Үөрэнээччилэри, төрөппүттэри, учууталлары, олохтоохтору кытта үрдүк үөрүүбүтүн үллэһиннилэр. Бу долгутуулаах түгэҥҥэ оскуолабыт директора Н.Е. Басхардырова, народнай поэт бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Н.Г.Васильева, нэһилиэкпит баһылыга А.Н.Захаров, урууларын-аймахтарын аатыттан А.С.Тарасова уо.д.а. эҕэрдэлэрин эттилэр. Народнай поэппыт дириҥ философиялаах хоһооннорун үөрэнээччилэрбит Христиан Афанасьев (11 кылаас) уонна Айтал Павлов (10 кылаас) ис сүрэхтэриттэн долгуйан туран аахтылар. С.И.Тарасов хоһоонугар олохтоох мелодист С.Н.Стручков ырыа иһитиннэрдэ.
Долгутуулаах тэрээһин түһүлгэтигэр сэттэ оскуолаттан 3-11 кылаастарга үөрэнэр 123 оҕо кэлэн кытынна. Кинилэр С.И.Тарасов хоһооннорун ааҕан, кини айар үлэтинэн дакылаат оҥорон, поэкка аналлаах Литературнай музейы көрөн сааскы сандаархай күнү билбэккэ аһардылар. Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ, Семен уонна Софрон Даниловтар ааттарынан улуустааҕы Духуобунас киинин үлэһиттэрэ тэрээһиҥҥэ көмөлөстүлэр, секцияларынан дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.
С.И.Тарасов хоһооннорун ааҕыы күрэһигэр 3-7 кылаастарга маннык түмүк таҕыста: лауреат — Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинин “Аргыс” оҕо телестудиятын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Нарыйа Платонова (сал. Дьяконова Д.С.); I дипломант — Өрт орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Мария Потапова (сал. Тарасова Т.А.), II — эмиэ “Аргыс” оҕо телестудиятын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Ярослав Иванов (сал. Кириллина А.Р.), III дипломант — А.Осипов аатынан кэккэ предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Артем Мартынов (сал. Афанасьева П.А.). Хоһоон ааҕыытыгар 8-11 кылаастарга: лауреат — С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Карина Постникова (сал. Егорова А.С.), I дипломант эмиэ бу оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ Евгений Сидоров (сал. Васильева С.Д.), II дипломант — Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинин “Аргыс” оҕо телестудиятын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Тася Сидорова (сал. Дьяконова Д.С.), III дипломант — С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Айыына Тарасова (сал. Сивцева Т.И.).
Бөлөҕүнэн ааҕыы күрэһигэр улуустааҕы гимназия “Төлөн” бөлөҕө (сал. Парфенова Н.П.) лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ. I дипломант — С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын «Уолан” бөлөҕө (сал. Тимофеева Л.Н.); II дипломант — улуустааҕы гимназия “Дуолан” бөлөҕө (сал. Ноева М.И.); III дипломант — С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын үһүс кылааһын бөлөҕө (сал. Лукина Е.А.).
С.И.Тарасов олоҕун, айар үлэтин чинчийэр конференцияҕа 3-7 кылаастар үөрэнээччилэригэр лауреат Григорий Латышев (тиэмэтэ: Хоһоону үөрэтиигэ мнемотехника ньымаларын туттуу), I дипломант Сахая Павлова (Тиэмэтэ: Олоҥхоттон уһуйуллан тахсыбыт поэт), III дипломант Сюзанна Румянцева, Нарыйа Сидорова (Тиэмэ: Саха норуодунай поэта С.И.Тарасов олоҕун кэрдиис кэмнэрэ хоһоонноругар) буоллулар. Бары С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын үһүс кылааһын (сал. Лукина Е.А.) үөрэнээччилэрэ, бу оҕолор сарсыныгар улуустааҕы алын сүһүөх кылаастарга аналлаах конференцияҕа кыттан эмиэ инники миэстэлэри барытын ылан бу кыайыыларын бигэргэппиттэрэ. II дипломант Өрт орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Мария Потапова (Тиэмэ: С.И.Тарасов анабыл хоһоонноро; сал. ТарасоваТ.А.).
8-11 кылаастарга дакылаакка маннык түмүктэр таҕыстылар: лауреат 10 кылаас үөрэнээччитэ Айтал Павлов (Тиэмэ: Төрөөбүт уйа тардыыта; сал. Егорова А.С.), I дипломант 9 кылаас үөрэнээччитэ Андрей Пахомов (Тиэмэ: С.И.Тарасов төрөөбүт дойду туһунан лирикатыгар биллибэт тыллар суолталара; сал. Захарова Е.Н.), II дипломант 10 кылаас үөрэнээччитэ Артем Заровняев (Тиэмэ: С.И.Тарасов олоҕун, айар үлэтин туһунан электроннай тургутук; сал. Васильева Т.А.), III дипломант 9 кылаас үөрэнээччитэ Мия Егорова (Тиэмэ: Үйэлээх доҕордоһуу (С.И.Тарасов уонна П.Д.Аввакумов доҕордоһууларын холобуругар); сал. Тарасова Т.А.). Барыта Өрт оскуолатын үөрэнээччилэрэ.
Тарасов ааҕыыларын лауреаттара уонна I дипломаннара С.И.Тарасов огдооботун Акулина Христофоровна Кривошапкина анал бириистэрин туттулар. Ону сэргэ, бириистэри маннык оҕолорго туттардылар:
— Алена Попова, Л.Е.Лукина аатынан Эбии үөрэхтээһин киинин “Аргыс” оҕо телестудиятын 4 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Дьяконова Д.С) — «Кэскиллээх ааҕааччы»;
— Агит Чемезов, С.И.Тимофеева-Кустуктаанап аатынан Маҕаны орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Исакова М.Е.) — «Сэргэх ааҕааччы»;
— Ангелина Павлова, Софр. П.Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Павлова А.А.) — «Кэскиллээх ааҕааччы»;
— Саарын Григорьев, Софр. П.Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Павлова А.А.);
— Эрчимэн Чемезов, С.И.Тимофеева-Кустуктаанап аатынан Маҕаны орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Исакова М.Е.) — «Төлөннөөх ааҕааччы»;
— Дайаана Иванова, Л.Е.Лукина аатынан Эбии үөрэхтээһин киинин “Аргыс” оҕо телестудиятын 8 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Дьяконова Д.С) – «Кэскиллээх ааҕааччы»;
— Виктория Билюкина, Кировскай оскуолата (сал. Владимирова Т.К.) – «Кэскиллээх ааҕааччы»;
— Уйгулаана Охлопкова, Өрт орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Корякина Т.И.) – «Истиҥ иэйиилээх ааҕааччы»;
— Милица Протопопова, Өрт орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Егорова А.С.) — «Нарын куоластаах ааҕааччы».
Тарасов ааҕыыларын түмүгүн таһаарыыга күндү ыалдьыттарбыт нэһилиэк олохтоохторугар, ыччаттарыгар үтүө баҕаларын, кэс тылларын эттилэр, нэһилиэк, оскуола бибилэтиэкэлэригэр кинигэлэрин бэлэхтээтилэр. Народнай поэппыт огдообото Акулина Христофоровна Кривошапкина дьааһык муҥунан кинигэ, шоколад ыыппыта бастыҥнарга туспа үөрүү буолла.
Мин народнай суруйааччы буолбут В.Е.Васильевка анаан суруйбут хоһооммун бэлэхтээтим:
Үөрүүлэргин үллэстэбит
Ааспыты, умнуллубуту,
Архыыпка ууруллубуту
Ир суолларын ирдэһэҥҥин,
Айымньыларгар суруйан
Ааҕааччыга тиэртиҥ сатаан
Саха омук саарыннарын
Сүҥкэн дьоһуннаах ааттарын.
Кэрэхсиибит кэпсээннэргин
Киһилии сиэргэ иитэрин,
Сэҥээрэбит сэһэннэргин
Сиртэн-буортан силистээҕин…
“Аммаҕа саас этэ” тахсан
Аатырбытыҥ дии аан бастаан
Саҥа хаарбыт түспүтүнүү
Сырдык иэйиинэн үллүктүү…
Норуот суруйааччыта диэн
Норуот билиниитэ буолар.
Кырдьыктаах билинии мээнэ
Кэлбэт. Дьон эрэлэ туолар
Үтүө күнэ үүммүтүнэн
Үчүгэйи санаан-иэйэн
Үөрэн-көтөн тураммыт
Үөрүүлэргин үллэстэбит!
Үһүс төгүлүн ыытыллыбыт улуустааҕы Тарасов ааҕыыларын күндү ыалдьыттарыгар Н.А.Лугиновка уонна В.Е.Васильевка айар үлэлэригэр саҥаттан-саҥа ситиһиилэри, болҕомтолоох ааҕааччылары, кытаанах доруобуйаны, тус олохторугар дьолу-соргуну баҕарабыт.
Учуутал, поэт, суруналыыс Александр ТАРАСОВ,
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан