Ытык Күөл сибэкки солуоннаах ыала — Поповтар

Ааптар: 
05.05.2021
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр дьыл кэмин аахсыбакка, сибэкки солуона үлэлиир. Бу соторутааҕыта Анна уонна Дмитрий Поповтар диэн эдэр ыал социальнай хантараакка тиксэн, бэйэ дьыалатын тэриммиттэрэ. Эдэр ыал үс оҕолоохтор. Анна Чурапчы улууһуттан төрүттээх, кэргэнэ — олохтоох, Таатта.

ОҔОБУТ ДЭРИЭБИНЭҔЭ ТАХСАРЫН КҮҮТЭРЭ

— Биһиги Таатта улууһугар көһөн кэлбиппит биэс сыл буолла. Бастаан ыал буолан баран Дьокуускайга олорбуппут, онно мин Крытай ырыынакка сибэкки атыылааччынан үлэлээбитим. Кэргэним «Мясной дворга” үлэ­лиирэ. Ый аайы хамнаспыт улахан аҥаарын куортамҥа ууран биэрэр этибит. Уопсайынан, куоракка бэйэ дьиэтэ-уота суох саҥа ыал буолбут дьоҥҥо уустуктардаах диэн өйдөөбүппүт, эбии оҕолонуохпутун баҕарар этибит. Оччолорго уолбут Эрэл кыра этэ. Оҕобут барахсан сайын ахсын дэриэбинэҕэ, сибиэһэй салгыҥҥа тахсарын наһаа күүтэр этэ. Ол да иһин буолуо, куоракка биһигини тутар улахан туох да суох курдук буолбута, ылбыппыт да эмискэ мин дойдубар Чурапчыга биир сыл көһөн тахсан олорбуппут. Ити кыстаан олорон кэргэмминиин сүбэлэһэн баран Тааттаҕа көһөн кэлэргэ быһаарыммыппыт.

Үс оҕолоохпут, улахаммыт төрдүскэ үөрэнэр, Эрэл диэн, кыра уолбут Айтал уһуйааҥҥа сылдьар, саамай кырабыт, кыыспыт Күннэй иккитин ааста. Кэргэним идэтинэн сир үлэһитэ. Былырыын Ытык Күөлгэ бэйэбит саҥа дьиэ туттан киирбиппит.

ДЬОН ҮЛЭТЭ КӨҔҮЛЭЭБИТЭ

— Мин идэбинэн техно­логпын. Ол эрээри идэбинэн үлэлээбэккэ, оҕолорбун көрөн олорбутум. Ытык Күөлгэ араас дьарыктаах, бэйэ дьыалалаах дьон элбэх. Мин дьон бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлииллэрин көрөн ымсыыра саныырым. Ол иһин социальнай хантараакка са­­йаапка түһэрэн, биисинэс-былаан көмүскээн харчыга тиксэн, бэйэбит дьыалабытын тэриммиппит. Ылбыт үппүтүнэн сибэккилэрбэр аналлаах холодильник, вазалары, туттар малбын-салбын атыыласпытым. Биһиги сибэкки дьоҕус солуонун арыйан үлэлэтэбит. Билигин аныгы үйэ буолан, сибэкки бэлэхтэһии сонун ­буолбатах. Биһиги солуоммутугар ­дьиэҕэ үүннэриллэр сибэккиттэн саҕалаан соҕуруу дойду маанылаах кэрэ сибэккилэригэр тиийэ баар. Билигин дьон ыраах да олорон чугас дьонноругар сибэкки ыытан, бэйэлэрин болҕомтолорун биллэрэллэр.

Биисинэс-былаан көмүскүүр санаа уруккуттан да баара, сибэкки эйгэтигэр урут үлэлээбит уопуттаах буоламмын, сибэкки атыылыыр солуон арыйарга быһаарыммытым. Билигин улууска сибэккинэн дьарыгырар дьон үһүөбүт. Дохуот бырааһынньыктарга киирэр. Көннөрү күннэргэ да дьон кыралаан ылар. Дьиэҕэ үүннэриллэр иһиттээх сибэккилэри сэҥээрэллэр. Ити эҥээр улахан уопутум суох. Куортамнаан олорор хоһум сорох сибэккилэргэ сөп түбэспэт, ол иһин хаппырыыһа суох сибэккилэри сакаастаабытым. Билигин лилиялар, хризантемалар, роза, гвоздика, гортензия, гербера о.д.а көрүҥнэр элбэхтэр. Дьыл кэмиттэн көрөн сакаастыыбыт. Билигин солуонум дьиэтин куортамнаан үлэлии олоробут. Кэлин араас саҥа сүүрээннэри киллэрэн, салгыы сайыннарар санаалаахпыт.

ОҔОНУ ИИТИИ ДЬИЭ КЭРГЭНТЭН САҔАЛАНАР

Биһиги оҕолорбутун сахалыы сиэринэн иитэргэ дьулуһабыт. Уолбут Эрэл дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар көмөлөһөр. Судургу аһылыгы астыыр, оҕолорун көрөр-истэр. Онон көмө киһитэ. Мас тардыһыытынан дьарыктанар этэ да, кэлин пандемиянан тохтоон, дьарыктана илик. Дьиэ кэргэммитигэр үтүө үгэспит диэн, бары бииргэ сир астыыбыт, айылҕаҕа сылдьарбытын наһаа сөбүлүүбүт. Кыраларбыт убайдарын көрөн үтүктүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Оҕолорбут кыылга-сүөлгэ наһаа сыстаҕастар. Ол иһин кинилэр баҕаларын учуоттаан куоска, ыт иитэбит. Ону сэргэ икки куруолук ылан боруобаҕа иитэн эрэбит. Билигин га­­рааска тутабыт. Кыылларын бэйэлэрэ көрөллөр-истэллэр. Аһата, өрүү имэрийэ-томоруйа сылдьаллар. Оҕо иитиитэ төрөппүттэн улахан тутулуктаах.

Онон бэйэбит холобурбутунан иитэргэ дьулуһабыт. Куоракка оҕо баҕарбытын хоту кыылы мээнэ ылан ииппэккин. Онон биһиги дьиэ кэргэн тыа сиригэр олохсуйбуппутуттан наһаа астынабыт. Тыа сиригэр кэлиҥ, олохсуйуҥ диэн ыччаты ыҥырыахпыт этэ.

Ульяна Захарова.

Хаартыскалар ПОПОВТАР дьиэ кэргэн архыыбыттан туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0