Коронавирус дьаҥа тарҕамматын туһуттан дьиэлэригэр олорор дьоҥҥо ыты таһырдьа таһааран дьаарбатар кыһалҕа күөрэйэр.
edersaas.ru
Онуоха манныгы билэр наада:
1. Ыттар уонна куоскалар COVID-19 дьаҥар хаптарбаттарын уонна тар5аппаттарын туһунан туох да чахчы суох.
2. Ол эрээри, ыалдьыбыт киһи ытырдар эбэтэр сөтөллөр кэмигэр кини силэ-сырааҥа ыкка, куоскаҕа түһэр кутталлаа5ын умнумаҥ.
3. Ыты, куосканы кытары үлэлииргэ, кинилэри дьаарбатарга хайаан даҕаны медицинскэй мааска уонна бэрчээкки кэтиллиэхтээх.
4. Ыты, куосканы дьаарбатан киирбит кэнниттэн илиини кичэйэн суунуллар.
Бу ирдэбиллэри тутустахха, ыт уонна куоска ыарыыта итиэннэ атын да дьаҥ тарҕанар куттала намырыыр диэн Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1