Ыттар кыыллыйдылар

03.02.2020
Бөлөххө киир:

Бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннара сыл ахсын көҕүрээбэтин ааһан, саас, күһүн ииримтийэн, дьоҥҥо саба түһэн, ытырыллыбыт дьон травмпуун өҥөтүнэн туһаналлара тахса турар. Тохсунньу 20 күнүгэр Ленскэй куоракка бэйдиэ сылдьар ыттар оҕоҕо саба түһэн сии сыстылар. Оҕо тыыннаах хаалар дьолугар, ааһан иһэр киһи оҕону өрүһүйэн, балыыһаҕа аҕалбыт.  Бэлиэтээн этэр буоллахха, үүммүт сылы көрсө, тохсунньу 1 күнүгэр «Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан» сокуон тахсан, бэйдиэ сылдьар кыыллары, чуолаан ыттары, куоскалары өлөрөр бобуллан турар. Бэйдиэ сылдьар ыттартан эмсэҕэлээбит киһи бэйэтин эрэ туһугар буолбакка, оҕолорун, саастаах дьонун-сэргэтин туһугар долгуйан, куттанан, ыт ахсаанын аччатыыны туруорсар.

edersaas.ru

Дьиикэй кыылга тэҥнии сылдьыбыттара

Хомойуох иһин, саҥа сокуон олоххо киирээтин кытта, сыл бүтүүтэ уонна сыл саҥата, бэйдиэ сылдьар ыттары кытта сибээстээх куһаҕан быһыы-майгы тахсыталаата. Ол курдук, 203 оройуоҥҥа 3-с кылаас оҕотун ыт ытырбытын, иккис түбэлтэ Саҥа дьыл кэнниттэн буолбутун, ГРЭС оройуонугар оскуола оҕотун ыттар хаайбыттарын ааһан иһэр дьахтар өрүһүйбүтүн туһунан социальнай ситимҥэ тарҕаммыта.

2002 сыллаахха эдэр кыыска ыттар саба түһэн өлөрбүттэрин бөх тоҕор сиртэн булбуттара,  2013 сыллаахха Тиксиигэ кыракый кыысчааны ыттар саба түһэн өлөрбүттэрэ. 2019 сыллаахха эрдэҕэс саастаах уолга алабай боруодалаах ыт  саба түһэн улаханнык эчэппитэ.

Тиксиигэ оҕону ыт өлөрбүт сылыгар, оччотооҕу Ил Дархан Егор Борисов, ыты дьиикэй кыылга тэҥниир сокуону ылынарга эппитэ.

Чааһынай дьон ыттара саба түспүттэр   

Өрөспүүбүлүкэни аймаабыт Ленскэйгэ буолбут айдаан кэнниттэн, Ленскэй куорат баһылыга Александр Хорунов бу, бэйдиэ сылдьар ыттары хайдах дьаһайар туһунан олохтоохтору кытта сүбэ мунньах тэрийбитэ. Оҕоҕо саба түспүт ыттар хаһаайыттарын булан миэрэҕэ тардарга, ытырыык ыттары бэтэринээрдэри кытта кэпсэтэн утутарга уонна уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар ыттартан олохтоохтору харыстыырга олохтоох дьаһалтаҕа этии киллэрбитэ.  Ол эрээри, саҥа сокуон тахсыаҕыттан, улуус да, нэһилиэк да баһылыктара ыты өлөртөрөр дьаһалы таһаарар кыахтара суох.

Биһиги эмсэҕэлээбит оҕо аҕатын кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.

Евгений Флицер, Ленскэй куорат олохтооҕо, эмсэҕэлээбит оҕо аҕата:

— Тохсунньу 20 күнэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ыар сурахтаах күн этэ. Оҕобут Андрей 1-кы кылааска үөрэнэр. Кыыспыт оҕо саадыгар сылдьар. Уолбутун оскуолаттан эбээтэ эбэтэр биһиги ылааччыбыт. Быһылаан буолар күнүгэр оҕобут дьиэтигэр оскуолаттан соҕотох барбыт этэ. Ленскэйгэ уопсайынан бэйдиэ сылдьар ыт кэлин наһаа элбээтэ. Эбиитин бу тохсунньу ыйтан саҥа сокуон тахсан, оҕолорбутун сатаан көмүскүүр кыахпыт суох курдук буолла. Уолчааммыт туруга мөлтөх буолан, суһаллык Дьокуускай куоракка аҕалбыттара. Билигин эмтэниини ааһар кэмэ. Бэйдиэ сылдьар ыттар оҕобутун сии сыстылар. Ордук төбөтүн улаханнык эмсэҕэлэттилэр. Төбөтүн этиттэн логлу ытыран ыланнар, билигин көрөрө мөлтөх. Илиитэ, атаҕа бүтүннэр эрээри, элбэх ыт саба түһэн ытырбыт суола-ииһэ элбэх. Кэлэр сайын Иркутскай куоракка төбөтүн пласти­ческай эпэрээссийэҕэ анаатылар. «Ленскэй оройуона» МТ дьаһалтата 100 тыһыынчаны көмөлөһүөх буолбута даҕаны, ол харчы эпэрээссийэҕэ да тиийбэтэ буолуо. Оҕобутугар уйулҕа өттүнэн улахан көмө наадата биллэр. Саба түспүт ыттартан түөрт эрэ ыты суох оҥордулар. Онтон атыттара, 11 ыт ханна барбыта биллибэт. Чааһынай дьиэлээх ыал ыттара буолуон сөп дии саныыбын. Оҕобутун быы­һаабыт хорсун санаалаах киһиэхэ махталбыт муҥура суох. Саамай сүрүнэ, оҕобут этэҥҥэ буоллар …

Ыарыыны тарҕаталлар

Бэйдиэ сылдьар ыттары, куоскалары тутуунан дьарыктанар «Жилкомсервис» тэрилтэҕэ биир кэлим диспиэтчэрскэй сулууспаттан сайаапкалар киирэллэр. Үлэ барар. Оччотугар тоҕо ыт ахсаана аччаабатый? Тоҕо диэтэххэ, ыты тутуунан дьарыктанар сулууспа моонньугар ошейниктаах ыттары туппат. Бу ыттар хаһаайыннаахтар. Хаһаайыннаах ыты өлөрүү иһин сууттаныахха да сөп. Чааһынай дьиэҕэ олорооччулар ыттарын босхо ыытан кэбиһэллэр, ол түмүгэр, бэйдиэ сылдьар ыттары кытта сылдьыһан, бу ыттар киһиэхэ кутталынан суоһуулларын ааһан, ыарыыны тарҕаталлар.

Киһи дьиктиргиирэ, айдаан таҕыста даҕаны, социальнай ситим оргуйан олорор. Ким буруйдааҕын, буруйа суоҕун ырытаһаллар, мөккүһэллэр. Дьон эппиэтинэһэ суоҕуттан ыттар кыыллыйбыттарын, астара тиийбэтиттэн, саба түһэллэрин ыйаллар. Оттон билигин ону ырытыы буолбакка, ити кыһалҕаны быһаарыы сүрүн боппуруоһунан буолуохтаах.

Хаһан тутуллара биллибэт ыт питомнигын күүтэн, саҥаттан саҥа сайаапкалары «Жилкомсервискэ» түһэрэн, бэйдиэ сылдьар ыттартан өрүү куттана, сэрэхэдийэ сылдьар соччото суохха дылы. Ыты таптааччылар, биллэн турар, көмүскэһэллэр. Чахчы, киһи кыылы аһынар. Ол эрээри, куһаҕан быһыы-майгы иккистээн хатыламматын туһугар бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана аҕыйыахтаах. Ошейниктаах, ошейнига суох диэн араарбакка, ыты тутуунан дьарыктанар сулууспа ылсан үлэлиэхтээх. Тустаах салалта бу үлэни хонтуруоллуохтаах.

                                  

Дьон санаата

Юлия Устинцева,  наука хандьыдаата, Дьокуускай куорат  Кальвицатааҕы бэтэринээринэй килииникэтин бэтэринээрэ:

— Саха сиригэр наһаа элбэх бэйдиэ сылдьар ыт баар. Халлаан сылыйдаҕына, ыттар сүүлэр кэмнэрэ саҕаланар. Дьэ, бу кэмҥэ ыттар дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталланаллар. Дьоҥҥо саба түһүү элбиэн сөп. Ыт ахсаана сылын ахсын элбиир. Тоҕо диэтэххэ, дьон ытын, куоскатын аттаабат. Ол түмүгэр, төрүүр-ууһуур, тэнийэр. Биһиэхэ ордук куоскалары аттата аҕалаллар. Куосканы аттааһын сыаната 600 солкуобай, оттон төрөөбөт оҥоруу — 600 солкуобай. Манна утутар эмп сыаната уонна анал мэдиссиинискэй матырыйаал сыаната ааҕыллар. Ыты аттааһын маннааҕар ыарахан. 10 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах кыра ыты аттааһын сыаната 2000-2500 солкуобай иһинэн халбаҥныыр. Оттон улахан ыйааһыннаах ыттарга сыана 3000-5000 солкуобайга тэҥнэһэр. Ол иһин дьон харчытын харыһыйан биһиги өҥөбүтүнэн туһаммат.

Ыт ытырдаҕына, киһи ииримтийии ыарыыга сыстыан сөп. Бу олус сэрэхтээх ыарыы. Бу ыарыыттан Чехов аатынан уулусса 66 №-дээх бэтэринээринэй килииникэтигэр ыттарга, куоскаларга босхо быһыы туруораллар. Оттон чааһынай килииникэлэргэ төлөбүрдээх.

Лев Новгородов, Нам улууһун 2-с Хомустаах нэһилиэгин баһылыга:

— Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата дьэ, мантан саас өссө кэлиэ турдаҕа. Оҕолорбутугар, дьоммутугар-сэргэбитигэр, сылгыбытыгар-сүөһүбүтүгэр суоһуур. Билигин саҥа сокуон тахсыаҕыттан, олохтоох дьаһалта өйдөтөр эрэ кыахтаах. Питомник туттаран уонна ыттары онно иитэн-аһатан туруоруу элбэх үбү-харчыны эрэйэр. Хомойуох иһин, нэһилиэк бэйэтин күүһүнэн оннук питомнигы тутар кыаҕа суох.  Дьон эппиэтинэһэ суоҕуттан бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана элбиир. «Биһиги ыппыт сымнаҕас, ытырбат» диэн босхо ыытан кэбиһэллэр. Нэһилиэккэ бэйдиэ сылдьар ыттары хайдах дьаһайарбытын анал хамыыһыйа эрэ быһаарар кыахтаах. Биһиэхэ ыт ахсаана элбээтэҕинэ, нэһилиэнньэттэн үҥсүү киирэр. Оттон сокуон хараҕынан, биһиги ыты өлөрөр бырааппыт суох.

Игнатий Семенов, Дьокуускай куорат травмпуунун травматолог-ортопед бырааһа:

— Биһиэхэ антирабическай кабинет диэн баар. Ыкка ытыттарбыт киһиэхэ тута антирабическай быһыы туруорабыт.  Ыттар ииримтийэр ыарыылара Саха сиригэр баарынан, сэрэхэдийэр наада. Ыкка ытыттарбыт киһи бааһа саамай кирдээх бааска киирсэр. Ол иһин үчүгэйдик ыраастыыбыт, онтон дьэ, быһыы туруорабыт. Ааспыт сыл устата биһиэхэ 758  киһи ыкка ытыттаран, ииримтийии утары быһыы ылбыта. Саҥа үүммүт сылга 35  киһи кэлэн быраас көмөтүн ылла. Куоракка бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталларын ааһан, ыарыыны тарҕаталларын умнумаҥ.

Ленскэйгэ бэйдиэ сылдьар ыттартан эмсэҕэлээбит оҕо Иркутскайга эпэрээсийэлэнэ барарыгар маннык нүөмэргэ көмө оҥоруохха сөп:

Евгений Флицер 89244601993 бу нүөмэргэ сбербаан мобильнай баан сыһыарыллар.

Ульяна ЗАХАРОВА,   edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0