“Ыттары ытыалаамыахха!”

18.01.2018
Бөлөххө киир:

“Билигин уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар ыттары ытыалаан суох оҥоробут. Бу, дьиҥэр, кыһалҕаны быһаарбат. Онон биһиги ыттары, куоскалары босхо стерилизациялыырга, дьоҥҥо-сэргэҕэ өйдөтөр үлэни ыытарга туруорсабыт”, — диэн “Белый бим” көрүүтэ-харайыыта суох кыылы-сүөлү харыстыыр уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Марина Сантаева бүгүн Ил Дархан Егор Борисов волонтердары кытары көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ.

“Билигин, мин санаабар, былаас өттүттэн бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларыгар содулу туоратыыга эрэ үлэ барар. Ыттары ытыалаан суох оҥоробут. Ол эрээри ити баар кыһалҕаны быһаарбат. Ол иһин биһиги бу боппуруоһу биир кэлимник көрүөххэ диэн түмсүү тэриммиппит. Биһиги да, былаас да биир санаалаахпыт: уулуссаҕа ыттар, куоскалар мээнэ сылдьыа суохтаахтар, дьиэлээх-уоттаах буолуохтаахтар”, — диэн бэлиэтээн туран, Марина Сантаева түмсүү аатыттан этиилэри киллэрдэ.
Ол курдук, бастатан туран, ыттары куоскалары стерилизациялааһын босхо ыытыллыахтааҕын туһунан эттэ. “Боруода өттүнэн улахан сыаннаһа суох ыттары, куоскалары стерилизациялааһын барыахтаах. Онуоха өҥөнү босхо ыытарга анал күннэри ыытар буоллар, элбэх киһи ытын, куоскатын аҕалан эмтэтиэ этэ”, — диэн бэлиэтиир кини.
Иккиһинэн, билигин Дьокуускайга баар ыттары тутар анал сири уларытарга эттэ. “Билигин баар анал сиргэ киирбит кыыллар син-биир кэлин тиһэҕэр ытыллаллар. Бэйдиэ сылдьар ыттарга анаммыт анал дьиэ маннык буолуо суохтаах. Ыттар манна олохтоох сирдэрин булуохтарыгар диэри эбэтэр олох да дьиэ оҥостон олоруохтаахтар. Көрүүтэ-ахарйыыта суох сылдьар кыылларбытын дьиҥнээхтии дьиэлиирбит буоллар”, — диэн санаатын этэр.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0