Кээчэ кыратын өйдөөбөт. Ийэтэ икки аҥардааҕар анараа дойдуга аттаммыт. Киһини өйдүүр буолуоҕуттан аҕалааҕын уонна убайдааҕын билэр.
Кинилэр иккиэн аҕаларын кытта булка, балыкка сылдьаллара. Аҕалара Миитэрэй сахаҕа улахан уҥуохтаах бэрт тэтиэнэх киһи этэ. Уп-улахан баппаҕайынан сатамньыта суохтук төбөтүттэн имэрийэрин Кээчэ наһаа сөбүлүүр буолара, сороҕор, утуйаары сытан ньамньырыйан , ытаан сыттыгын сиигирдэрэ…
Миитэрэй тутууга үлэлиирэ: сарсыарда эрдэлээн барара, киэһэ хойутаан кэлэрэ. Кини суоҕар бу оҕолор тугу аһаан-сиэн сылдьаллара эбитэ буолла?! Ону Кээчэ улаханнык баардыылаабат. Арай биири үчүгэйдик өйдүүр: убайынаан утуйан туран баран, үрэҕи талаһанан туораан, колхуос оҕуруотугар тахсалларын. Оо онно үчүгэй да буолара: Кээчэлээх
Хабыыча буору хаһан моркуоп, болчуохтаах луук уонна турунуопус хостууллара. Үрэххэ киллэрэн сууйаллара, онтон Хабыыча, убай киһи быһыытынан, бэрт дуоспуруннаахтык бириичинэй быһаҕын хостуура уонна били астарын кыра гына бысталыыра. Оҕуруот аһын истэрэ көдөйөрүйэн симинэн баран, онно кумахха оонньууллара. Кээчэ ким да кинилэри ирдиирин, бостууктуурун өйдөөбөт. Арааһа, маннык буолуохтаах дии санаахтыыра буолуо.
Ол курдук букунаһан син олорбуттара. Кээчэ биэстээҕэр, убайа сэттэлээҕэр аҕалара Миитэрэй саҥа ийэни аҕалбыта. Дьэ онтон ыла оҕолор олохторо тосту уларыйбыта. Саҥа ийэлэрэ икки оҕолоох кэлбитэ. Кээчэлээх Хабыыча эдьиийдэнэ уонна убайдана түспүттэрэ. Уолаттар сылы-сыллатааҥы буоланнар тута өйдөспүттэрэ, доҕордуу буолбуттара. Эдьиийдэрэ Маайыс диэн ааттааҕа. Кини ийэтигэр көмөлөһөн, кыралары көрсөрө, ис — тас үлэҕэ элэстэнэн олороро. Эдьиий диэн истиҥ-иһирэх киһи баарын Кээчэ дьэ билбитэ, сирэйдиин — харахтыын сырдаабыта.
Дьэ аны ытарҕа туһунан. Көмүс ытарҕа дииллэрэ да, Кээчэ ону хантан билиэй? Үрүҥ көмүс эбитэ дуу, кыһыл көмүс эбитэ дуу? Арай кулгааҕар туох эрэ тимир иилиллэ сылдьарын билэрэ, туура тардан ылан быраҕыан баҕарара да, аҕата көҥүллээбэт этэ: «Ийэҥ кэтэппитэ,» — диирэ. Арааһа, Кээчэ иккилээҕэр ийэтэ тыыннааҕар кэтэрдибиттэрэ буолуо. Туох билиэ баарай?
Саҥа ийэлэрэ Балагыас бэрт сымнаҕас майгылаах, үлэһит дьахтар этэ. Кини хаһан даҕаны оҕолору «эйиэнэ — миэнэ» диэн араарбатаҕа, барыларыгар биир тэҥник сыһыаннаһара. Ол да иһин буолуо, Кээчэлээх Хабыыча кинини тута сөбүлээн, ийээ диир буолбуттара. Ийэлэрэ пиэрмэҕэ ыанньыксыттыыра, аҕалара бөһүөлэккэ киирэн тутууга үлэлиирэ. Уол оҕо төрөөбүтүн Миисэ диэн ааттаабыттара.
Сайын «Быһыттаах» сайылыкка сайылаабыттара. Күһүнүгэр Кээчэ оскуолаҕа киирэр кэмэ кэлбитэ. Оччолорго бэлэмнэнии кылаас диэн баара. Оскуолаҕа киирбит күнүн Кээчэ субу баардыы өйдүүр. Санаатыгар, ытыар диэри киэргэммитэ: эдьиийэ Маайыс маҥан сиитэһинэн куопта, хара сатыынынан сарапаан, искиэрэ тикпитэ; кыһыл аталаас лиэнтэлээҕэ, эмиэ кыһыл дьүһүннээх сандаалыйа кэппитэ. Аҕатын эргэ ыстаанын буутуттан аттаран, суумка тигиллибитэ. Онтукайа, силигин ситэрэн, уп-улахан саһархай тимэхтээҕэ. Бука, эмиэ аҕатын баккытын тимэҕэ эбитэ буолуо. Буор суол устун, өҥөнөн көрүнэ-көрүнэ, хаампыта. Оскуолалара сайылыктан икки биэрэстэлээх сиргэ баара. Кээчэ ол баран иһэн кулгааҕын тутан көрбүтэ — ытарҕата кэм да баар эбит, эйэҥэлээн олорор.
Сотору кэминэн оскуолаларыгар тиийэн кэлбиттэрэ. Аата, улахан, киэҥ да эбит оскуола диэннэрэ! Элбэх да оҕо баар буолар эбит! Бу Кээчэҕэ барыта сонун, дьикти этэ! Убайдара кинини үөрэниэхтээх кылааһыгар киллэрэн, инники паартаҕа олордон кэбистилэр уонна тахсан бардылар. Кыысчаан олорор, оҕолору көрүтэлиир. Арай биир уол кинини көрөн баран, улахан баҕайытык хаһыытаан тоҕо барда: » Пахыый, бу кыыс ытарҕалаах, эмээхсин курдук!» Кээчэ наһаа соһуйда, кыбыһынна. Оҕолор бары кини диэки көрө түстүлэр! Хайыа баарай, кытарыаҕынан кытаран баран, олорбут сиригэр хараҕаланан олордо. Хата, ол кэмҥэ учуутал киирэн кэллэ. Дьэ Кээчэбит бастакы уруога ити курдук саҕаламмыта.
Уруок кэнниттэн убайдарын кытта сайылыктарыгар баран истилэр. Ол баран иһэн Кээчэ аргыый аҕай ытарҕаларын уһулла, ытыһыгар бобо тутта. Хойуу соҕус мастардаах тыа саҕатыгар кэлэн баран, ытарҕаларын ол тыа диэки элээрдэн кэбистэ. Улахан убайа ону көрбөттөөхөй буолуо дуо, тута сүүрэн кэлэн:» Ити тугу бырахтыҥ?» — диэн ыйытта. Кээчэ буруйдаммыттыы туттан туран: » Ээ. оттон.., ытарҕаны,» — диэтэ. Убайдара ойуурга киирэн көрдөөн көрдүлэр да , булбатылар. Дьиэлэригэр тиийэн баран, уолаттар ийэлэригэр Кээчэ ытарҕатын бырахпытын кэпсээн биэрдилэр. Кыысчаан мөҕүллэрим буолуо диэн кумуччу туттан олордо. Хата, ийэтэ мөхпөтө: » Ээ, оттон хайдах гыныахпытый, сүттэ да сүттэҕэ дии! Син биир учуутала уһултарыа этэ».
Ити түбэлтэттэн эбитэ дуу, Кээчэ кэлин улаатан баран, биирдэ да ытарҕа диэннэрин кэтэн көрбөтөҕө.
Елена Прокопьева.
СИА хаартыската