ЫТАРЧА (ҮҺҮЙЭЭН)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Ытарча диэн сахалыы ааттаах киһи Нам улууһуттан Мэҥэ улууһугар кэлэн олохсуйбут дьонтон биирдэстэрэ буолар. Тоҕо көспүтүй, туох биричиинэлэр баар эбиттэрий? XVII-с үйэҕэ нууччалар Өлүөнэ өрүс арҕаа эҥээригэр, Туймаадаҕа кэлэн остуруок тутан олохсуйбуттар. Ону сорох сахалар сөбүлээбэккэ илиҥҥи улуустар түҥкэтэх үрэхтэрин баһыгар тахсыбыттар.
Олортон биирдэстэринэн бу Ытарча диэн киһи буолар. Кини Мэҥэ улууһугар Доллу нэһилиэгэр Күөлэ үрэҕин баһыгар олохсуйбут, онно олохтоох кыыһы кэргэн ылбыт. Турар
уҥуоҕунан улахан, бөдөҥ-садаҥ, ньилбэккэй эттээх-хааннаах киһи, атаҕынан даҕаны бэрт кытыгы рас эбит. Сайын бүтүүтэ, атырдьах ыйын эргэтин диэки, төрөөбүт-үөскээбит сиригэр баран күүлэйдээн, дьонун-сэргэтин кытта билсэн кэлэр үгэстээх эбит.
Биирдэ Намтан төннөн иһэн, Өлүөнэ өрүс арыытыгар, үс саха киһитэ биир ынаҕы уоран астыы сылдьалларыгар түбэспит. Бэйэтин биллэрбэккэ эрэ кэлэн, арыы талахтарыгар саһан сытан, чуҥнаан сыппыт. Түөкүттэр кутаа оттон, онно өлөрбүт сүөһүлэрин этин буһаран, үөлэн сии- сии кэпсэтэн күллүгүрэһэ олорбуттар. Биир киһи:

— Мин атахпынан да, күүспүнэн да икки атахтааҕы иннибэр түһэрэ иликпин. Ноо, эйигин атаҕынан олус кыанар уолчаан диэн кэпсииллэр, сырсан көрөбүт дуо?

— Ол мин эйиэхэ тэҥнэһиэм дуо? Сүүс саһаан холобурдаах сир биэрэриҥ эбитэ буоллар, баҕар, боруобаланан да көрүөм этэ, — диэбит.

— Бу үлүгэр кылгас толооҥҥо сүүс саһааны биэрэн баран хайдах ситиэхпиний?! — диэн тылламмыт киһи буолумматах.
Ытарча кэпсэтиини истэн олус кыһыйбыт, онон дьээбэлэнэргэ санаммыт. Ыстанан турбут да, ынах биир буутун кыбыммытынан, арыыны туора сүүрэн курбачыйбыт.
Сүүрэринэн ыаһахтана олорбут киһи, ойон турбут да эккирэппитинэн барбыт. Ситиэхчэ буолан эрдэҕинэ, хомо тиийэн кэлбит, Ытарча ынаҕын буутун кыбыммытынан
хомоҕо бар гына ыстанан түспүт уонна умсан хаалбыт. Били дьон: «Киһини ууга түһэрэн өлөрдүҥ», — диэн доҕордорун сэмэлээбиттэр.
Анараа киһи кырдьыктанан курутуйбут курдук буолбут. Ґһүөн киэҥ хомону (боротуоханы) көрөн турбуттар. Чочумча буолан баран, Ытарча этин кыбыммытынан күөрэс гыммыт уонна:
— Кыайан сиппэтигит, — диэн хаһыытаан баран, Өлүөнэ өрүс сүрүн үөһүн диэки харбаан бара турбут.

Ити курдук Ытарча үс ааттаах уоруйахтартан туттаран туран эттэрин былдьаан куоппутун туһунан Нам олохтоохторо кэпсииллэр.

Ытарча үс уол оҕоломмут. Олор бары Күөлэ үрэҕэр олохтоох үс аҕа ууһун төрдүлэрэ буолбуттар. Улахан уол кэлин аҕабыыкка сүрэхтэнэн Ыстапаан диэн буолбут. Кини Толстяковтар төрдүлэрин батарар. Орто уол Булчут Ыччыык диэн. Кини Жирковтар төрүттэрин олохтообут. Кыра уол Дьаакып диэн ааттаммыт уонна Эверстовтар төрүттэринэн билигин биллэр. Бу ыаллар төрүттэринэн Ытарча буолар. Бэл, билиҥҥээҥҥэ диэри саҥа кийиит «Ытарча» диэтэҕинэ, төрдүбүтүн тоҕо түстүө диэн кырдьаҕастар сөбүлээбэттэр. Ытарча өссө олус
ууһут киһи быһыытынан биллэрин үөһэ холобуртан бэрт дьэҥкэтик көрүөххэ сөп. Билигин Хараҥа Уулаах диэн ааттаммыт күөлү кини ааттаабыта диэн быһаараллар. Ол туһунан биир маннык кыра номох баар:

Биирдэ хантан эрэ иһэн, эмиэ дьээбэлэнэн дьонтон тугу эрэ ылбыт. Ону сөбүлээбэккэлэр  эккирэппиттэр.  Ытарча ыксаан ити билигин Хараҥа Уулаах диэн ааттыыр күөллэригэр ыстанан кэбиспит. Уута олус хараҥа уонна тымныыта бэрт буолан уоран ылбыт тутуурун мүччү ыһыктан кэбиспит. Ол туһунан дьоҥҥо элбэхтик кэпсиир эбит уонна ол күөлү

Хараҥа Уулаах диэн ааттаабыт. Бу күөл ханныктаах да кураан дьылга уута уолбат эбит! Төгүрүччү сүрдээх халыҥ хомустаах. Онно кус арааһа тохтоон, төрөөн-ууһаан ааһар. Сайынын мэлдьи куоҕас, көҕөн, моонньоҕон уонна да атын кус баар буолар. Олус бөдөҥ эмис соболоох. Саас андылар таптаан түһэн, сынньанан ааһар күөллэрэ.
Г.Д. Сосин «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» диэн 2015 с. «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо»
сиэрийэнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэтиттэн
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0