ХАРАҤА ХОС: Дьахтар ытаан сыҥсыйбыта

Ааптар:  Айыына
03.10.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Киһи син арааһы истэр буолар эбит. 

Куоракка маҥнай кэллэхпит утаа, университет оройуонугар турар мас дьиэни куортамнаатыбыт. Сыл аҥара сүрдээх үчүгэйдик, нус-хас олордубут. Саҥа дьыл бырааһынньыгын чугаһыгар этэ. Кэргэним ас-үөл ыла маҕаһыыҥҥа барда. Оҕолор оччолорго кыралар. Аймахтарбытыгар ыалдьыттыы хаалбыттара. Онон мин холкутуйан ас астыы, дьиэ-уот хомуйбута буола сырыттым. Тэлэбиисэрим холбонон турар. Арай, ол сырыттахпына, хоско дьахтар ытаан сыҥсыйда. Мин сүрэҕим «бар» гына түстэ, эт-этим барыта тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолла.

Тэлэбиисэрим саҥатын кыччатан кэбиһэн баран кулгаах, харах иччитэ буолан турдум. Арай, тохтуу түһэн баран эмиэ сыҥсыйан ытаата. Хайдах да ыалбыттан иһиллибэтин онно билэбин. Мин ыллым да, таһырдьа субурус гынным. Көрүдүөргэ. Санаабар ыалбын тоҥсуйбутум, төрүт да суохтар. Онтон өтөр буолбата, кэргэним үөрэн-көтөн тиийэн кэллэ. Соһуйда. «Хайа, бу тугу гына сылдьаҕын», — диир. Мин абааһы көрөн кэпсээбэтим. «Наадалаах этим да суохтар эбит» диэн кубулдьутан кэбиспитим. Онтон ыла куттанан соҕотоҕун адьас хаалбат буолбутум. Саҥа дьыл кэнниттэн, мин туруорсуубунан, онтон көспүппүт. Билигин ол дьиэ оннугар саҥа таас дьиэлэр дьэндэһэн тураллар.

Айыына.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1
+1
2