Бэҕэһээ, олунньу 27 күнүгэр, күрүлүүр күнүс Дьокуускай куоракка буолбут дьулаан быһылаан өрөспүүбүлүкэни бүтүннүү аймаабыта — «охсуһуук» боруода ыт кыһыл оҕону ытыран, күн сириттэн мэлиппитэ.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Челюскин уулуссатыгар турар чааһынай дьиэ хаһаайката 2 ыйдаах кыысчаанын кэлээскэҕэ сытыарбыт уонна күүлэҕэ хаалларан баран, вольерга турбут Рэм диэн ааттаах питбультерьер боруодалаах ытын олбуорга ыытан кэбиспит.
Онуоха торбос саҕа ыт сүүрэн кэлэн, кэлээскэни түҥнэри көппүтүгэр, оҕо түһэн хаалбытын, ыт төбөтүттэн ытарчалыы ыбылы ылан ытыран баран ыыппакка, оҕо эрэйдээх миэстэтигэр тыына быстыбыт. Бу сиэмэх ыты дьэллик ыттары хомуйар сулууспа үлэһиттэрэ кэлэн, ситиннэ ытан өлөрбүттэр.
Маннык киһини эрэ ороһутар иэдээн чахчытынан бэҕэһээ силиэстийэ уорганнара процессуальнай бэрэбиэркэ саҕалаабыттара. Бу киэһэ холуобунай дьыала тэрийдилэр. РФ Холуобунай кодексатын 109-с ыстатыйатын 1 чааһынан, ол эбэтэр, сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдии бэлиэтэ баарынан.
Силиэстийэ сабаҕалыырынан, бу ыал ийэтэ уулуссаттан дьэллик ыттары хомуйан, анал вольердарга тутар эбит. Тэлгэһэҕэ өссө алта ыт баар эбит.
Силиэстийэ кэмигэр судебнай-медицинскэй экспертиза, ону таһынан, ыт боруодатын, сааһын уонна туох ыарыылааҕын быһаарар сыалтан судебнай-ветеринарнай экспертиза эмиэ анаммыт.
Маны таһынан, силиэдэбэтэллэр кыылы-сүөлү иитии усулуобуйатын, оҕону тоҕо соҕотохтуу хаалларбыттарын эмиэ быһаарыахтара.
Маны сэргэ, СӨ Борокуратуурата ити чахчынан бэҕэһээ бэйэтин бэрэбиэркэтин саҕалаабыта. Бэрэбиэркэ кэмигэр «охсуһуук» боруода ыттары иитии-харайыы сокуонун кэһии баарын-суоҕун, куттал суох буолуутун хааччыйыы тоҕо тутуһуллубатаҕын быһааран, миэрэ ылыахтара.
Маныаха маарынныыр түбэлтэ 2010 сыллаахха Ленскэй куоракка буолан турардаах. Онно эмиэ бэйэлэрэ ииппит немецкэй овчарка ыттара 9 саастаах кыыстарыгар саба түһэн, суорума суоллаабыта.
Оттон дьэллик ыттар оҕоҕо-дьахтарга саба түһэн, улаханнык эчэппит, өлүүгэ тиэрдибит чахчылара кэлиҥҥи сылларга Эдьигээҥҥэ, Аллайыахаҕа, Тиксиигэ, Беркакикка, Дьокуускайга (хас да түбэлтэ) тахсыталаабыттарын өйдүүр буолуохтааххыт.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Хаартыска: интернет.