Ыт сылын хайдах дьиэлээх көрсөбүтүй (СҮБЭ)

Бөлөххө киир:

Эһиилги 2018 сыл бэлиэтинэн олоҕу таптыыр, көрдөөх-нардаах ыт буолар. Кини хос биир муннугар үгэс буолбут харыйа эрэ турарын сөбүлээбэт. Оонньуур эгэлгэтин, чаҕылхай мөһүүрэлэри (мишураны) уонна сэдэх быһыылаах-таһаалаах киэргэллэри ыйаатаххына, дьэ, ыт санаатын табыаҥ. Бэйэҥ дьиэҕин Саҥа дьыллааҕы остуоруйаҕа кубулутарга элбэх харчы наадата суох. Кылаабынайа, эһиги толкуйгут тобулуон наада.

Ыт төһө да дьэрэкээн киэргэллэри сөбүлээбитин иһин, дьиэ иһэ нус бараан уонна судургу буоларын сөбүлүүр. Ол иһин, дьиэҕитигэр уу чуумпуну уонна уоскуйууну аҕалар эйгэ оҥоһуллуохтаах. Аны туран, ыт араас гирлянданан, серпантинынан уонна мөһүүрэнэн бэрээдэгэ суох киэргэтиини эмиэ сөбүлээбэт. Тоҕо диэтэххэ, ыһыллыыны-тоҕуллууну кэрэһилиир. Ол иһин, дьиэ нус-хас эйгэтин уонна судургу декоры дьүөрэлиир ордук табыгастаах.

2018 сыл бэлиэтинэн дьиэ ыта буоларынан, бохо-шика, эко-стиль, кантри уонна рустик курдук судургу хайысхалары тутуһуохха сөп. Төһөнөн элбэх бэйэҥ илиигинэн оҥорбут декоргын туһанаҕын да, ыт настарыанньатын таба тайанаҕын.

Фабрикаҕа пластмассаттан, тимиртэн уонна өстүөкүлэттэн оҥоһуллубут киэргэллэри бу сырыыга аҕыйата сатаа. Итинник «тыыммат» матырыйааллары ыт сөбүлээбэт. Ол оннугар илиинэн оҥорбут аанньалларгытын, кыылларгытын, бантиктаргытын, таҥас гирляндаларгытын сөҕүө-махтайыа.


Ыт – дьиэҕит эрэллээх харабыла. Ол иһин, ампаар күлүүстэрин оҥор­оргутун уонна күлүүстэргитинэн түннүктэргит, ааннаргыт тутаахтарын киэргэтэргитин умнумаҥ. Бэлэм декоративнай күлүүстэри атыылаһыахха эмиэ сөп. Оччоҕо Саҥа дьыллааҕы «сөптөөх» эйгэни үөскэтэргитин сэргэ, хаһаайка мөкү санаалаах дьон эһиги дьиэҕитигэр киирбэттэригэр мэлдьи эрэллээх буолуоҕа.

Араас анал киэптэри (трафареттары) уонна сыһыарар кумааҕылары туһаныҥ. Дьиэҕэр хас да киэптээх уонна искусственнай хаардаах буоллаххына, чаас аҥаарын иһигэр дьиэҕин көрүдьүөстээх оһуордарынан киэргэтиэххитин сөп. Баҕардаххына, киэби канцелярскай быһаҕы уонна хортуон лииһи туһанан бэйэҥ да оҥоруоххун сөп. Искусственнай хаары тиис суунар маҥан паастанан солбуйуохха сөп. Ону өстүөкүлэт­тэн ыраастыыр да чэпчэки.

Кафель билиитэтин, мас миэбэли уонна обуойдары уруһуйдуур наадата суох. Тоҕо диэтэххэ, Саҥа дьыллааҕы настарыанньаҥ аныгыскы өрөмүөҥҥэр диэри турарыгар тиийэр. Онон, бырааһынньык кэннэ түргэнник уонна судургутук уһуллар сыһыарыы кумааҕылары талар ордук.

Харыйа туруоран баран, харыйа лабааларын быраҕымаҥ. Биллэн турар, маҕаһыын елкатын уонна араас өҥнөөх дождиктары туһаныахха сөп. Ол эрээри, кинилэр дьиҥнээх харыйа муннуга саба биэрэр сытын солбуйар кыахтара ­суох.

Харыйа лабааларыттан иилии өрөн оҥорбут киэргэлгин (веногу) хатарыллыбыт араас эриэхэнэн, кыһыл баантиктарынан, көмүс чуорааннарынан киэргэт. Оччоҕо эн ытыҥ үтүөкэн дьүһүнтэн эккэлэс буолуо. Оттон киирэр ааҥҥар уот розетката баар буоллаҕына, композицияҕа светодиоднай банаардары эбэн биэр.

Дьиэҥ ис бараанын ыт ордууланар ыырын кытары дьүөрэлиир наадаттан, астрологтар дьиэҕин эргэ мэтириэттэринэн, хаартыскаларынан, чугас дьоҥҥуттан кэлбит эҕэрдэ аккырыыккаларынан, былыргы холбукаларынан, өйдөбүнньүк бэлиэлэргинэн, илиигинэн оҥорбут оҥоһуктаргынан киэргэтэргэ сүбэлииллэр.

2018 сыл бэлиэтигэр – туой буортан оҥоһуллубут ыт оҕотугар, харчы мунньар ыкка, көрүдьүөс­тээх ыт оонньууругар саамай көстүүлээх, бочуоттаах миэстэни анаа. Ыккар хортуонтан уйата оҥор уонна кинини декоративнай уҥуоҕунан «күндүлээ». Эбэн эттэххэ, уйаҕа сытар ытыҥ аттыгар биир да оонньуур куоска, оҥоһук суох буолуохтаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, ыттар үксүгэр куосканы кытары сатаспаттар.

Араас чүмэчилэри уонна банаардары туһаныахха сөп. Кинилэри дьиэҥ хайа баҕарар муннугар араас лабааларынан, фруктанан, сырдык мөһүүрэнэн киэргэтэн уурдаххына, Саҥа дьыл эйгэтэ бэлэм. Ол эрээри, кыра оҕолор мэлдьи аттыгар баар буолуохтарын умнума, сэрэхтээх буол.

Акулина Иванова, ХИФУ магистрана:

Дьон үксүгэр дьиэ сүрүн хосторун эрэ киэргэтэ сатыыллар, куукунаны, киирэр уонна утуйар хоһу тоҕо эрэ умналлар. Дьиҥэр, дьиэни барытын симиир тоҕо сатаныа суоҕай? Хас биирдии хос ураты аналын умнума. Холобур, сииктээх бааннайга астаах-үөллээх, сиэниллэр киэргэллэри уурбатыҥ биллэр. Ол оннугар сиэркилэ уонна кафель билиитэтэ айаргар-тутаргар элбэх кыаҕы биэрэр. Сиэркилэни уонна билиитэлэри сууйуллар маркердарынан уруһуйдаан, тиис ­суунар паастанан киэргэтиэххэ сөп.

Куукунаҕа ас-үөл сытын иҥэринэр таҥас киэргэли уурбат ордук. Ол кэриэтэ дождик, мөһүүрэ, серпантин хараххын сымнатыахтара.

Эн дьиэҥ оҕо остуоруйатыттан кэлбит «бирээнньик» дьиэ буоларын туһугар, эрдэттэн светодиоднай гирляндата атыылас уонна дьиэҕин тула эбэтэр киирэр хоскор уурталаа. Светодиодтар, көннөрү лаампаҕа тэҥнээтэххэ, уоту аҕыйаҕы сииллэр.

Саҥа дьыллааҕы киэргэлгин оҥо­рорго дьиэҥ дьонун барыларын кытыннар. Оччоҕо үчүгэй настарыанньа барыгытыгар баар буолара мэктиэлэнэр. Олус кыһаллыбыттарын иһин соһуччу кыра бэлэх оҥордоххуна өссө үчүгэй.

Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0