Ыт сылыгар сахалар өссө биир «саха ыттана» сыстыбыт

27.12.2018
Бөлөххө киир:

Илиҥҥи халандаарынан Ыт сыла түмүктэнэн эрэр. Хата, онно тоҕооһуннаран, сахалар “саха ыттана” сыстыбыт. Оонньууттан ураты, манна сыһыаннаах дьон бигэргэтэллэринэн, бу сыыйа, аны сааска диэри быһаарыллыан сөптөөх  боппуруос.


Саха сиэринэн “күөһү эрдэттэн өрүнэр” сатаммат. Ити гынан баран, Россия кинологическай федерацията Норуоттар икки ардыларынааҕы кинологическай федерация стандартарга хамыыһыйатыгар ыыппыт суруга хайаан даҕаны бигэргэниэ диэн эрэл санааттан саха дьонугар ураты суолталаах быһаарыы ылыллан эрэрин билиһиннэрдэхпинэ эрэ уоскуйууһубун.

Ол сурукка: “Биһиги Россияҕа ыты иитии национальнай үгэстэрин харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга, ону тэҥэ Уһук Хотугу дойду усулуобуйатыгар иитиллэр ыт боруодаларын тарҕатыыга ураты болҕомтолоохтук сыһыаннаһабыт. Норуот селекциятынан үөскэтиллибит уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы кинологическай федерация билиммит национальнай боруодаларыттан биирдэстэрэ – Киин уонна Илиҥҥи Сибииртэн төрүттээх Илиҥҥи Сибиир лайката. Бу боруода эрдэтээҥи сайдыытыгар саха лайкалара төрүт буолбуттара. Бу чахчы Норуоттар икки ардыларынааҕы кинологическай федерация 2010 сыл алтынньы 13 күнүгэр ылыммыт боруода стандартыгар ыйыллан турар. Илиҥҥи Сибиир лайкатын Саха сиригэр киэҥник үөскэтэр уонна олохтоох нэһилиэнньэни ыты иитии култууратыгар сыһыарар туһуттан бу боруода стандартын сахалыы тылбааһын Россия кинологическай федерациятыгар бигэргэтэн ылынныбыт. Онон, 305 №-дээх FCI  стандарты уонна EAST-SIBERIAN LAIKA (Vostotchno-Sibirskaia Laika, Sakha Yta) диэн боруода сахалыы аатын тиэкискэ киллэрэргитигэр көрдөһөбүт”, — диэбиттэр.

“Байанай” булчут ыттаахтар кулууптарын салайааччыта Юрий Борисов этэринэн, “саха ытын” кытта “саха булчут лайкатын” буккуйар сатаммат. Саха булчут лайкатыгар аны саас кулун тутартан экспедиция кэлэн үлэлиэҕэ. Дьон өссө биир суолтан мунаахсыйыахтарын сөп. Дьокуускайтан Станислав Городилов туруорсан, аҕыйах сыллааҕыта “якутская лайка” диэн боруоданы ылларан турар. Кини бу алҕаһын билинэн, көннөрөөрү, ити ыт боруодатын аатын кэнниттэн (колымо-индигирская лайка) диэн суруйтараары сүүрэ-көтө сылдьар үһү.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0