2018 cыл… Бу сыл ахсынньы 27 күнүгэр «Кыылга эппиэтинэстээх сыһыан уонна Арассыыйа Федерациятын сокуоннарын аакталарыгар уларыйыылары туспа киллэрии» 498 нүөмэрдээх федеральнай сокуон тахсыбыта. Сокуон үс сыл устата үлэлээтэ. Ол эрэн сыыһата-халтыта элбэҕэ бэрт эбит… Ахсынньы 29 күнүгэр киин куорат олохтооҕо бэйдиэ сылдьар ыттартан эмсэҕэлээн суорума суолламмыта. Бу дьулаан сурах бүтүн өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ. Дьокуускай куорат баһылыгын дьаһалынан, ол күнтэн суһал быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ.
БЭЙДИЭ СЫЛДЬАР ЫТ БӨРӨТӨӨҔӨР КУТТАЛЛААХ
Мин оҕо эрдэхпиттэн кыыллартан ордук ыттары сөбүлүүрүм. Түөрт ыты утуу-субуу иитэн улаатыннарбыт уопуттаахпын.
Оччолорго, 90-сылларга, оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр дэриэбинэҕэ ыал үксэ ыттааҕа. Ол эрээри уулуссаҕа биир да бэйдиэ ыт сылдьарын өйдөөбөппүн. Буоста үлэһитэ куттаммакка, хас биирдии ыалы кэрийэн суругу, хаһыаты тустаах аадырыһыгар тиэрдэрэ. Сайынын ыал ахсын кууруссалар олбуор иһинэн-таһынан көҥүл сылдьаллара. Хайа да ыал кууруссабытын ыт тутуо диэн куттаммат этэ. Бэкээринэҕэ килиэп ыла барарбар ыт тутуо диэн куттаммакка, тэбиик бөтүүктэн куттанан, тыанан кыйа барарбын өйдүүбүн. Оттон билигин хайдаҕый?
Кыһынын ойбоҥҥо уулуу киирэр тарбыйахтары тутар ыт ахсаана элбэх. Быйыл Таатта улууһун Дэбдиргэтигэр тарбыйаҕы ыттар тыыннаахтыы туппут ынырык видеолара батсаап ситимигэр тарҕаммыта. Дьокуускай куорат пааркатыгар тииҥи итигэстээн сиир бэйдиэ ыттар барыны бары үрдүнэн кэһэ, киртитэ сылдьаллар. Кинилэр санитарнай да өттүнэн ылан көрдөххө, бөҕүсаҕы хаһан баран уулуссаҕа бэйдиэ сылдьан ыарыыны да тарҕатыахтарын сөп. Оттон тас дойдуларга бэйдиэ ыт кыһалҕата хайдах быһаарылларый?
Ирландияҕа бэйдиэ сылдьар ыты тутан баран питомникка биэс суукка устата туталлар, ол кэннэ ыалдьыбыт, киҥнээх, дьон иитэ ылбатах ыттарын утуталлар. Англияҕа уон күн, Францияҕа нэдиэлэ устата, Норвегияҕа икки нэдиэлэ устата тутан баран, бу ыттары ким даҕаны ылбатаҕына, утутан кэбиһэллэр. Оттон биһиэхэ хайдаҕый?
Адьырҕа ыты үйэтин моҥуор диэри иитэн турабыт?! Ситэтэ суох, буолаары буолан, үгүс эрэгийиэҥҥэ килиимэтинэн да, олорор усулуобуйатынан да сөп түбэспэт сокуонтан сылтаан диэххэ, Забайкалье Домна бөһүөлэгэр cэттэ саастаах кыыс, Дьокуускайга ыал ийэтэ, Тверь уобалаһыгар алта саастаах уол оҕо, эр киһи суорума суолламмыттара. Оттон бу аҕыйах хонуктааҕыта Оренбург куоракка үөр ыт оскуола үөрэнээччитигэр саба түстэ. Киһи хараастыаҕа, ыты көмүскэһээччилэр аан дойду үрдүнэн күҥҥэ төһө киһи массыына саахалыгар, куһаҕан дьон илиититтэн өлөрүн аахсыбыттар этэ. Ол сыыппараны ыт саба түһэн өлөрбүт ахсааныгар тэҥнээбиттэр этэ. Бу олох татым, быстах өйтөн этиллэр санаа диибин.
БУРЯТИЯҔА ТИИЙБИТ ЫТТАРБЫТ ДЬЫЛҔАЛАРА…
Бу соторутааҕыта Саха сириттэн 45 бэйдиэ ыты Бурятияҕа тиэйэн илдьибиттэрэ. Бу дьаһалы ыттары көмүскэһээччилэр уопсастыбалара тэрийбитэ. Ол эрээри, докумуон ситэтэ суоҕунан, ыттарбытын Саха сиригэр төттөрү ыытыы туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ. Биһиги Бурятия бэтэринээриийэтин управлениетын салайааччы Эрдэм Гончикбалович Сангадиевка сибээскэ таҕыстыбыт, ыттарбыт дьылҕаларын сурастыбыт:
— Билиҥҥи туругунан, Саха сириттэн кэлбит 45 ыт «Возрождение” диэн ыты тутар пууҥҥа харантыыҥҥа турар. Аҕалыллыбыт ыттартан 16-та докумуона ситэтэ суох, чииптэрэ, бииркэлэрэ сөп түбэспэт. Саха сириттэн бэйдиэ ыттары аҕалбыттарын олохтоохтор сөбүлээбэтилэр. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ бэйэбитигэр бэйдиэ ыт кыһалҕата сытыытык турар. Улан Удэ волонтера Елена Мордвина көҕүлээһининэн ити үлэ ыытылынна. Саха сирин ыттарын дойдуларыгар төттөрү ыытыы туһунан боппуруоһу өссө да көрүөхпүт, — диэн хоруйдаата.
Сахабыт сиригэр кыһын -50 кыраадыска диэри тымныйар. Куорат тумаҥҥа сууланар. Арассыыйа сылаас килиимэттээх куораттарын курдук биһиэхэ чараас тутуу матырыйаалыттан питомник тутан таһаарар уустуктардаах. Билигин Дьокуускайга Очиченко уулусса 57 нүөмэригэр Екатерина Безрученко салалталаах «Помоги выжить” диэн аһымал пуонда үлэлиир. Манна тыһыынча кэриҥэ ыт баар.
— Ыттары боруодаларынан, тымныыны төһө тулуйалларынан көрөн арааран туруортуубут. Саха сирин тымныытын тулуйуон сөптөөх үгүс ыт таһырдьа кыстыыр. Суһал эрэсиим киириэҕиттэн туппут ыттарбытын ыраастаан, вакциналаан баран көҥүл ыыта иликпит. Уулуссаттан аҕалыллыбыт бэйдиэ ыттар уон хонук харантыыҥҥа олороллор. Бу күннэргэ Автодорожнай уокуруктан биһиэхэ, Очиченко 57, ыттары көһөрүү үлэтэ саҕаланыахтаах эрээри, балаһыанньа уустук. Ыттар манна кэллэхтэринэ, бары вольерга эрэ турар кыахтаахтар. Билигин да таһырдьа наһаа тымныы. Хайдах тиэйэн аҕалалларын өйүм хоппот. Биһиги үлэһиттэрбит бары киирбит сайаапкаларынан ыттары тутууга
сылдьаллар.
— Бурятияҕа тиэйиллэн барбыт ыттары төттөрү ыыттахтарына, ыларга бэлэмҥин дуо?
— Онно барбыт ыттар бары — биһиги пууммут ыттара. Очиченко уулуссаҕа баар пуунтан — 28 ыты, Автодорожнай пуунуттан 17 ыты ылбыттара. Ыттар бары ыраастанан, чииптэнэн, бииркэлэнэн барбыттара. Айаннарын ороскуотун волонтердар кыттыһан уйуммуттара. Билигин ыттарбытын төттөрү ыытаары гыналлар, докумуоннара ситэтэ суох диэн баайсаллар. Ыыттыннар, төттөрү ыларга бэлэммин!
ИСПИСЭЛИИС САНААТА
Булчут ыттары иитиинэн дьарыктанар «Байанай” ыт кулуубун салайааччыта Юрий Борисов бу сокуон тула тус көрүүтүн үллэһиннэ:
— Саха сиригэр ыт иитээччилэргэ, чуолаан булчут ыттарынан дьарыктанар дьоҥҥо ирдэбил киирбитэ икки-үс сыл буолла. Биһиги, булчут ыттары иитиинэн утумнаахтык дьарыктанар дьон, иитэр ыттарбытын чииптиибит. Көхсүлэригэр укол туруоран чииптииллэр уонна кулгаахтарыгар ытарҕа курдук бииркэ иилэллэр. Куоракка дьон уулуссаҕа ыттарын күүлэйдэтэллэригэр эмиэ быраабыла үгүс. Ол эрээри, ити быраабыланы тутуспат дьон элбэх. Мин санаабар, бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана өрөспүүбүлүкэбитигэр аһары элбээһинэ ити сокуон киириэҕиттэн саҕаланна. Бэйдиэ сылдьар ыттары тута-тута, төттөрү ыытан иһэллэр. Ону таһынан, дьон ыттарын босхо ыытан кэбиһэллэр. Үгүстэр сатаан аһаппакка, көрбөккө-истибэккэ, бэйэтэ булан аһаатын диэн. Дьэ ол ыт босхо баран эмиэ бөрө курдук ыттары кытта үөрдүһэр. Ыт иччитэ суох бэйдиэ сырыттаҕына, кыыллыйар. Ыттан ытырыллан эмсэҕэлээһин сыыппарата сыл ахсын 800-тэн тахсаҕа тиийэр. Бэйдиэ сылдьар ыт бөрөтөөҕөр кутталлаах буолла. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр дьон ортотугар сылдьаллар, киһиттэн куттамматтар. Урут сэбиэскэй кэмҥэ булт уопсастыбаларыгар бырадьаага ыттары ыттаран көҕүрэттэрэллэр этэ. Ыт аһары элбээтэҕинэ, куобах, туртас оҕотугар сэрэхтээх, ону таһынан, сылгыга-сүөһүгэ эмиэ кутталланар. Онон хоромньуну оҥороллоро улахан. Ол сокуону, дьиҥэ, сөргүтүөххэ баара. Уопсайынан, бэйдиэ ыттары үйэ саас тухары иитиигэ алыс элбэх үп-харчы барар. Питомникка, туох даҕаны туһаны аҕалбат эрээри, бэлэми аһыы-аһыы тураллара наадата суох дии саныыбын. Тоҕо биһиги, нолуок төлөөччүлэр, бэйдиэ сылдьар ыттары иитиэхтээхпитий? Ол кэриэтин ыалдьар оҕолоохторго, атын да кыһалҕалаах дьоҥҥо көмө наада бөҕө буоллаҕа.
Өрөспүүбүлүкэҕэ булчут саха ытын боруодатын таһаарыынан икки киһи дьарыктана сылдьабыт. Өбүгэлэрбит иитэн таһаарбыт булчут ыттарын боруодатын сүтэрэн эрэбит. Онон дьарыктанар, сөргүтэ сылдьар дьоҥҥо туох да көмө бырабыыталыстыбаттан суоҕа хомолтолоох. Ыт киһиэхэ доҕор да буолар, сатаан көрбөтөххө, өстөөх да буолар. Онон, бэйдиэ сылдьар ыттары үйэ саас тухары үбү-харчыны бараан иитэри сыыһа дии саныыбын.
СОКУОНУ УЛАРЫТАН ЭРЭЛЛЭР
Олунньу 14 күнүгэр бэйдиэ сылдьар ыттар сокуоннарыгар ханнык уларытыылары киллэриэххэ сөбүн туһунан РФ Судаарыстыбаннай Дууматын “төгүрүк остуола” буолла. Манна Федеральнай Мунньахха дьокутааппыт Галина Данчикова, Дьокуускай аҕа баһылыга Евгений Григорьев уонна Ил Түмэнтэн Андрей Находкин кыттыыны ыллылар.
Галина Данчикова бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннарын аҕыйатары, хайдах тутары-хаайары эрэгийиэннэр бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар диэн этиилээх. Аны федеральнай хааһынаттан ыт приюттарын тутууга харчы эмиэ барыахтааҕын тоһоҕолоото.
Евгений Григорьев олохтоох бэйэни салайыныы иннигэр турар атын кыһалҕалары ыйан туран, тоҕо өлөрүөхсүт кырыктаах ыттары олохторун моҥуохтарыгар диэри иитэн турабыт диэтэ. Кини этэринэн, ыттар приюттарын тутуу ирдэбилин эрэгийиэннэргэ туспа-туспа көрөн оҥоруохха наада.
СӨ Ил Түмэнин аграрнай бэлиитикэҕэ уонна тыа сиригэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин куорат баһылыгын этиитин өйөөтө, кырыктаах ыттары «утутар» туһунан эбии этиини көтөхтө:
— Бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо, сүөһүгэ-сылгыга саба түһэр буоллахтарына, эбэтэр улаханнык ыалдьыбыт буоллахтарына, ахсааннарын аччатар туһуттан сымнаҕастык «утутар» туһунан уларытыыны сокуоҥҥа киллэриэххэ сөп, – диэн санаатын эттэ.
Үгүс санаа этиллибитин кэннэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата, оробуочай бөлөх салайааччыта Владимир
Бурматов санаатын эттэ: “Эрэгийиэннэр кыахтарыттан көрөн приюттарыгар төһө миэстэлээхтэринэн олохторун моҥуохтарыгар диэри иитии уонна кыыллары көҥүл ыытыы оннунан хаалыахтаах. Айдаан тахсыбатын туһуттан оскуола, уһуйаан, оҕо былаһааккаларын таһыгар ыттары көҥүл ыыппат буолууну ситиһиэхтээхпит. Хас биирдии эрэгийиэн ыттаах хаһаайыттарга эппиэтинэһи сүктэрэн, ыстараап олохтоон, төрөөбөт-ууһаабат гына ыраастатар гына дьаһаналларыгар чэпчэтии өҥөлөрүн оҥорон сөптөөх үлэни тэрийиэхтээх».
Үс сыл устата үлэлээн кэлбит сокуоҥҥа кэккэ уларыйыылар киирдэхтэринэ, хас биирдии эрэгийиэн олорор усулуобуйатынан көрөр, бэйэтэ дьаһалы ылар бырааптаннаҕына, туох эрэ хамсааһын тахсар ини.
Ульяна ЗАХАРОВА
mulenuz82@mail.ru