“Ыт” киинэ. Режиссердар Бурнашев уонна Давыдов саҥа үлэлэрин туһунан
Амма уолаттара Степан Бурнашев уонна Дмитрий Давыдов, туох да саарбаҕа суох, киинэҕэ идэтийбит сыаналааччылар болҕомтолорун тардар албаһы таайбыт дьоннорунан буолаллар. Былырыын саха киинэтин өрөгөйүн түстээбит — “Хара хаар” уонна “Пугало” режиссердара, күүстэрин холбоон оҥорбут “Ыт” диэн ааттаах киинэлэринэн Варшаватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр алтынньы 17 күнүгэр икки бирииһи туттулар. Бу бэстибээл 1985 сылтан ыытыллар, Европа киинэ эйгэтигэр биир ытыктанар тэрээһинэ. 2009 сыллаахха Аан дойду кинопродюсердарын ассоциацията Варшава киинэ бэстибээлигэр саамай үрдүк “А” категорияны иҥэрбитэ. Саха сириттэн талыллыбыт “Ыт” киинэ NETPAC бирииһи уонна жюри анал бирииһин тутан чиэстэннэ.
NETPAC диэн туох бирииһий?
Санатан эттэххэ, The Network for the Promotion of Asian Cinema (NETPAC) – NETPAC бирииһи сахалыы тыыннаах киинэлэр эрдэ эмиэ ыла сылдьыбыттара – Сергей Потапов “Дьөһөгөй Айыы” уонна Любовь Борисова “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”. Бу 29 дойдуну холбуур 1990 сыллаахха Нью-Дели куоракка тэриллибит холбоһук. Бу тэрилтэ бирииһэ аан дойду улахан бэстибээллэригэр Азия киинэтин сайыннарыы туһугар туттарыллар.
“ЫТ” киинэ оҥоруутун туһунан
Степан Бурнашев кылгас кэпсээннэртэн хомуллубут альманах киинэни устан турардаах. Бу ньыманы туһанан 2016 сыллаахха Евгений Осиповы кытта “Хара дьай” диэн ааттаах кутталлаах түбэлтэлэр хомуурунньуктарын оҥорон таһаарбыттара. Онон атын режиссеры кытта бииргэ үлэлээн хас даҕаны устуоруйаны биир киинэҕэ холбооһун Бурнашевка сонун үлэ буолбатах. Былырыын Выборг куоракка “Окно в Европу” киинэ бэстибээлин кыайыылааҕа “Хара хаар” киинэ, дьиҥэр, хомуурунньук биир чааһа буолуохтаах эбит эрээри, хата, толору киинэҕэ кубулуйан туспа дьылҕаламмыт.
Ити курдук, альманах устар санаатын ыһыктыбакка илдьэ сылдьыбыт, онтон былырыын үс киэһээ устатыгар Дмитрий Давыдовы кытта сэттэ кылгас кэпсээни айан таһаарбыттар. Амматтан төрүттээх икки режиссер Саха сирин режиссердарын да ортолоругар бэрт түргэн туттунуулаахтарынан биллэллэр. Сценарий сурукка киирээтин кытта тута устан барбыттар уонна икки нэдиэлэ иһигэр сүрүнүн түмүктээбиттэр. Биллэн турар, постпродакшн (устуу кэнниттэн оҥоһуллар үлэ) арыый уһун кэми эрэйбит. Сылга чугаһыыр кэм устатыгар монтажка, тыас-уус таҥыытыгар уонна да атын үлэлэргэ барбыт.
Туох туһунан киинэний?
Сэттэ кылгас кэпсээҥҥэ ханнык баҕарар кыра дэриэбинэҕэ буолуон сөптөөх (эбэтэр буолбут) түбэлтэлэр кэпсэнэллэр. Аҕатын саатын бэлисипиэккэ атастаспыт мэник бэдик, “аһаан” баран суулаах харчытын сүтэрбит эрэт, туалет тутуутуттан баайсан этиспит ыаллыылар, быыбартан сылтаан кэпсэппэт буолбут эрдээх ойох, ыппыт кустарын былдьаһан охсуспут сааһыттар уонна да атын киинэ кэрчиктэрэ, олоххо буолар “оннук дьаабыламмыттар үһү” диэн сурахтартан суруллан ылбыт курдуктар.
Сорох көрөөччүлэр Дмитрий Давыдов урукку киинэлэрин “Ити толкуйдаммыт кэпсээннэр” диэн баайсаллара. Оттон бу сырыыга итинник санаа үөскээбэтэ чахчы. Олохтон түһэриллэн ылбыт түбэлтэлэр буоланнар, бу киинэни ыраас жанрга сыһыарар бэрт уустук. “Кэмиэдьийэ” диэҕи, киһини күллэрэр түгэннэр бэрт түргэнник дьулаан түмүккэ тиийиэхтэрин сөп. Бары кэрчиктэри түмэн көрдөххө, арыый чугас “сатира” диэн сыана быһыы барсар курдук. Ол эрээри, айааччылар хоһуллубут түбэлтэлэргэ сыана быһар, үөрэтэр чинчилэрэ суох, уонна сатираҕа үгэс курдук туһаныллар күүркэтии эмиэ көстүбэт. Онон хас биирдии көрөөччү бэйэтэ сыана быһыахтаах киинэтэ буолан тахсыбыт.
“Ыт” туһунан тус бэйэм санааларым
“Харай дьай” киинэҕэ кэпсэммит түөрт түбэлтэ бэйэ бэйэлэригэр сыһыана суох эрээрилэр, биир синньигэс ситимҥэ тиһиллибит, биирдии дьоруойунан таарыйсар кэрчиктэр этилэр. “Ыт” киинэҕэ кэпсэнэр быһылааннар түмүккэ бары холбоһон биир улахан устуоруйаҕа кубулуйуохтара диэн кэтэспитим… чэ, көрбөтөх дьоҥҥо ис хоһоонун арыйа сыстым, итини бэйэҕит көрөөрүҥ.
Көрө олорон биир сүрүн таайа сатаабыт ыйытыым “Хайалара ханнык кэрчиги устубутай?” диэн буолла. Эбэтэр иккиэн холбуу хас биирдии түгэни устубуттар дуу? “Бу түгэн Үстүөпэ буочарыгар маарыҥныыр, бу артыыстары хайаан даҕаны Давыдов туһаммыт буолуохтаах” диэн таайыы, саха киинэтин таптааччыларга сүрүн кэпсээни таһынан аралдьытар ыйытык буолбут. Эбиитин киинэ иһигэр айааччылара хас даҕаны эрдэ устубут киинэлэриттэн кистэммит дьүһүйүүлэри укпуттар быһыылаах, холобур кусчуттар иирсээннэрин туһунан кэрчиккэ, туох да саарбаҕа суох, Бурнашев “Кутатыттан” цитата каадыр көстөр. Уопсайынан, киинэ эстетикатын өттүттэн бэрт сымса таҥыылаах, көрөөччүгэ кистэммит таайбараҥнардаах киинэ буолбут.
Устуу, монтаж, артыыстар оонньуулара үрдүк таһымнааҕа этэ да барыллыбат — “А” кылаастаах бэстибээлгэ талыллыбыт киинэ ити хаачыстыбалара эҥкилэ суох буолаллара биллэр суол. Игорь Говоров, Петр Садовников, Иннокентий Луковцев, Сергей Баланов, Дьулустан Семенов, Георгий Бессонов курдук артыыстары кытта уопсайа 70 артыыс үлэлээбит улахан уус-уран үлэни режиссердар кыайа туппуттар. Амма народнай тыйаатырын артыыстара Анатолий Стручков, Евгений Николаев уонна да атыттар биллиилээх артыыстартан хаалсыбат таһымнаахтык оонньообуттар.
Бастаан “Саха сиригэр олорор дьоҥҥо эрэ толору өйдөнөр киинэни омук дьоно хайдах өйдүөхтэрэй?” диэн санаа киирэ сылдьыбыта. Ол эрээри, киинэ ис туруга, дьиҥэр, ханнык баҕарар дойдуга буолуон сөптөөх түбэлтэлэри хоһуйар эбит. Сүрүн толкуйдара – “киһи киһини кытта кэпсэтэн өйдөһөр”, “сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар”, “куһаҕан эйэ үчүгэй сэриитээҕэр ордук” ханнык баҕарар норуокка өйдөнөр кырдьыктар.
Түмүккэ
Бу киинэ бүгүн, алтынньы 21 күнүгэр, Саха сирин киинэ тыйаатырдарыгар таҕыста. Дьаҥ хааччахтара күүһүрдүллүбүттэринэн сибээстээн, төһө элбэх киһи киинэ тыйаатырдарыгар кэлэн көрөрө буолла? Бу киинэ ис хоһоонун сөбүлээбэтэх, “дойдубутун аҥаардас хараҥа өттүттэн эрэ көрдөрбүттэр” дии санааччылар хайаан да баар буолуохтара. Ол гынан баран, ханнык баҕарар кыһалҕа ханарытыллыбакка, кырдьыгы утары көрдөххө эрэ быһаарыллар. Онон олоххо баары кистээбэккэ, уопсай дьүүлгэ таһаарыы туһалаах, таба туһаайыыга хаамыы курдук сыаналыаҕыҥ.
Егор Карпов