Ыт хойуутун иһин — ыстараап! (ПАМФЛЕТ)

16.06.2017
Бөлөххө киир:

Төһө да «ыт – киһи доҕоро” диэтэрбит, ордук куорат сиргэ, ыттаах-куоскалаах аһара элбээн, тулалыыр эйгэ санитарнай туругар, дьон-сэргэ, чуолаан, оҕо аймах доруобуйатыгар буортулаах дьайыыта олохпут биир сытыы боппуруоһунан буолбута ыраатта. Онуоха түөрт атахтаах доҕотторбутун: ыты-куосканы буруйдуур кэрэгэй. Тыыннаах дууһалар буоллаҕа, наадаларын хайыахтарай. Хаһаайыттара, кинилэр курдук хара баһаам икки атахтаахтар кыһаммат, боппот буолбуттарын кэннэ.

edersaas.ru 


Бары билэ-көрө, тэпсэ, биһиллэ-умньана сылдьабыт эрээри, үөрэнэн хаалан, дьыалайдаабаппыт. Ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, өһүөннээҕинэн кынчыаттыыр тарбыйах саҕа апчаарканы, хаптаһыны-хаптаһыҥҥа саайталаан эрэрдии иэрийэ-иэрийэ үрэн ньаргыйар сутурук саҕа тэллэх ытын подъеһыҥ айаҕар, тэлгэһэҕэ оҕо оонньуур былаһааккатыгар ииктэтэ-саахтата турар дьээдьэҕэ, чүөчэҕэ самычаанньа оҥордоххуна кырбаныаххын, үөҕүллүөххүн, ытырыллыаххын сөп. Көрдөрөн туран, киһи киэниттэн итэҕэһэ суоҕунан холлон баран, туох да буолбатаҕын курдук күүлэйдии, “салгын сии” ааһа туруохтара.

Кыһынын өссө ньучубуо, тоҥон хаалбыты туора тэбэ-тэбэ ааһа туруоҥ. Саас, сир хараарыыта, түөрт атахтаах “доҕотторбут” ииктэрэ-саахтара ирэн, “тиллэн”, икки атахтаах эрэйдээхтэр аспаал иэннээх уулуссаларбытынан, хаалыктаах хаамар даамбабытынан, сандаарыспыт болуоссаттарбытынан, бэл, кырачааннарбыт оонньуур былаһааккаларыгар холкутук үктэнэр, атыллыыр сири булуоҥ суоҕа. Ол да иһин, кэмниэ кэнэҕэс, бу туох алдьархайай, үтэһэ туолар, бэрээдэктэнэр кэм кэллэ диэн, бэйэлэрэ да бэркиһээн үөһээҥи былаастар, туһааннаах тэрилтэлэр дьайымтыалаах дьаһаллары ылынарга быһаарыннылар!

Кылаабынайа оҕолор, дьон-сэргэ доруобуйаларын, чөл олох туһа диэн, тапталлаах куораппыт ыраас туругун туһугар РФ Роспотребнадзор, Минэкология, Минюст, Киһи быраабыгар боломуочунай, Санэпиднадзор, Ветеринария курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи сулууспалара Дьокуускай куорат мэриятын кытта мунньахтаан, ырытыһан сокуон сиилэлээх дьаһал таһааран эрэллэр.

Инньэ гынан, сайдыылаах арҕааҥы дойдуларга курдук, мантан ыла ыккытын-куоскаҕытын салгылата, күүлэйдэтэ таһаараргытыгар сиэпкитигэр салаппаан мөһөөччүгү уктаргытын умнумаҥ. Ыккыт холлубутун тутатына, атын да ыттар хаалларбыттарын ааһа хаампакка, ол мөһөөччүккүтүгэр хомуйан бөх дьааһыгар быраҕаҕыт. Үөрүйэххитинэн, харайбакка ааһа турдаххытына: “Кэл манна!” — диэн ыҥыран ылар бырааптаах дьон баар буолуохтара. Соһуйаайаҕыт. Олор ыстарааптаан “лас” гыннаран, биир тыһыынчаҕытын туура тутан ылыахтара.  Ыстарааптан  хомуллубут  үп  уулуссаны  ыраастааччылар,  дворниктар,  волонтер  оҕолор  хамнастарыгар  эбиллиэҕэ.  Онон  төһө  кыалларынан  ыстарааптааһын  миэрэтин  күүһүрдүөххэ,  кэрээнэ  суохтары  «эттэрин  ыарытыахха»   диэн  быһаарыы  ылылынна.   Таһырдьа тахсыбыт хас биир ыттаахха, куоскалаахха итинник “ытык эбээһинэс” сүктэриллэр уонна толоруллара кытаанахтык ирдэниллэр буолуоҕа. Дьаһал ирдэбилин толорбокко үһүс төгүлүн түбэстэххитинэ, сокуону-быраабы билиммэт, бэрээдэги куруубай кэһээччи быһыытынан көрүллэн, инникитин ыты тутар быраапкыт быһыллар.

Онон, ытыктабыллаах ыттаахтар, куоскалаахтар уонна да атын дьиэ кыыллаахтар, түөрт атахтаах доҕотторгут иһин ботуччу нолуок төлүүргэ, тулалыыр эйгэни, уопсастыбаннай миэстэни киртитэн-быртаҕырдан бэрээдэги кэстэххитинэ ыстараап төлүүргэ бэлэм буолуҥ, бэйэ бодоҕутун тардынан сылдьыҥ.

Иван КСЕНОФОНТОВ-СИЛИГИ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

Хаартыска: Интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0