Хас биирдии киһи ис дууһатыттан ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэн иһэриттэн дьоллоноро чахчы.
edersaas.ru
Дьокуускай к. саҥа тутуллубут 203-с оройуонугар көһөн кэлээт, Наталья Луковцева актыбыыс, олоххо көхтөөх дьону бэйэтин тула түмпүтэ. Кини олорор дьиэтигэр ыстаарастанан талыллыаҕыттан ыла, олорор сирин ис иһиттэн тупсарыан баҕарбыта. Ол санаатын толороору быйыл тохсунньуга саҥа тутуллубут дьиэлэргэ Ыстаарасталар сэбиэттэрин тэрийбитэ.
Наталья Луковцева уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх дьону хайдах түмпүтүн бу курдук кэпсиир:
— «Олорор дьиэ ыстаарастата» диэн өйдөбүлү өрүү биһигиттэн тугу эрэ ирдиир, туохха эрэ харчы хомуйар саастаах дьон курдук ылынабыт. Биһиги сэбиэппитигэр «туох эрэ саҥаны, үйэлээҕи олоххо киллэбит киһи» диэн санаалаах ыччаттар түмсэллэр. Араас хайысханан үлэлиибит. Бастатан туран, куоракка олорор буолан, экологияны өрө тутабыт. Онон олорор дьиэбит таһын тупсарыыга ылыстыбыт. Чөл олох – кэм ирдэбилэ буолан, сарсыарда аайы бүтүн дьиэнэн сэрээккэҕэ тахсалларын ситиһэр соруктаахпыт. Эрчиллиини босхо ыытабыт. Онон дьон актыыбынайдык тахсан сэрээккэлиир. Субуотунньуктарбытын дьону күһэйии курдук буолбакка, анал тиэмэлээх, туох эрэ соругу толорордуу ыытабыт. Ол иһин олохтоохтор субуотунньукка баҕаран туран кыттыһаллар. Кэлиҥҥи кэмҥэ «Прометей» микро-оройуон актыыбын кытта доҕордуу сыһыаны олохтоотубут. Киһи үөрүөҕэ, дьиэбит тиэргэнэ киһи билбэт гына уларыйда.
Онон куораппыт сайдыытыгар туһуламмыт өрөспүүбүлүкэҕэ – Сомоҕолоһуу, киин куоракка — Ыаллыы буолуу сыллларыгар бэйэбит тус кылааппытын киллэрэ сылдьабыт», — диэн санаатын үллэстэр чаҕылхай киһи Наталья Луковцева.
Ыстаарасталар сэбиэттэрэ сыл аҥарын устата үгүс үлэни ыыппыт. Ол курдук, дьону көҕүлээн хаар ууллуута — «Ыты иитээччилэр субуотунньуктара», ыам ыйыгар — «Сэрии сылларын ырыалара» диэн тиэмэлээх Кыайыы күнүн көрсө сэрии саҕанааҕы ырыаларынан доҕуһуоллатан, дьиэ таһын хомуйбуттар, көҕөрдүүгэ сирдэрин бэлэмнээбиттэр.
Олохтоохтору мунньан туох үлэни ыытыахха сөбүн дьүүллэспиттэр.
— Олорор дьиэлэргэ ыстаарасталары хайдах быһыылаахтык талалларый? – диэн ыйытыыбар Наталья бу курдук хоруйдаата:
— Биллэн турар, уруккулуу санаанан буолан буолуо, бастаан утаа дьон ыстаараста оруолун өйдөөбөт, билбэт этэ. Онон бастаан көхтөөх ыччаттар бэйэбит холобурбутунан дьону бэйэбитигэр тарпыппыт. Үгүстэрин бииргэ субуотунньуктуу сылдьан, араас тэрээһиннэргэ актыыбынай кыттыыны ылалларын бэлиэтии көрөн, бэйэм кэпсэтэн ыстаараста оҥоротообутум. Ол түмүгэр билигин сэбиэппитигэр 19 актыыбынай, төлөннөөх, умайа сылдьар араас идиэйэлээх ыстаарасталардаахпыт. Өссө саҥа тутулла турар дьиэлэртэн кэлэн иһиэхтэрэ.
Кэлиҥҥи кэмҥэ предпринимателлэри кытта билсэн, араас улахан тэрээһиннэри, көҕөрдүү үлэтин бииргэ ыытар буоллубут.
Барыта кыраттан саҕаланар буоллаҕа. Мин саҥа дьиэҕэ олохсуйаат, дьиэм таһа олус кураанаҕыттан «сибэкки олордубут киһи» диэн санааҕа кэлбитим. Элбэх киһи ааһар көрүдүөрүгэр субуотунньукка ыҥыран биллэрии суруйбутум. Биэс киһи кэлбитэ.
Нэдиэлэ буолан баран, оонньуулаах, кэнсиэрдээх «Мин олорор түөлбэм» диэн тэрээһини тэрийбиппит. Онно үс дьиэ олохтоохторо тахсан кыттыыны ылбыттара.
Бу күннэргэ Дьиэ кэргэн күнүгэр ыыппыт улахан тэрээһиммитигэр түөлбэбит дьоно барыта тахсан кыттан, олус далааһыннаах тэрээһини тэрийдибит.
Манна ыстаарасталар бары «Дьокуускай» управляющай хампаанньаны кытта биир сомоҕо буолан үлэлээтибит.
Дьиэ кэргэн күнүгэр Ыстаарасталар сэбиэттэрэ түөлбэбит олохтоохторугар анабыл мэтээллэри оҥорон туттардыбыт.
Ол курдук, үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Түөлбэ саҥа ыала» мэтээли 10-с куорпус олохтоохторугар Дарья уонна Денис Петровтарга туттардыбыт.
Быйыл бииргэ олорбуттара 25 сылларын – үрүҥ көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит, 11-с куорпус олохтоохторо Постниковтар дьиэ кэргэннэрэ «Таптал уонна бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии бэлиэтэ» мэтээл хаһаайыттарынан буоллулар. Оттон «Дьиэ кэргэн сыаннаһа» мэтээли Игнатьевтар дьиэ кэргэннэригэр туттардыбыт. 11-с корпус олохтоохторо 40 сыл бииргэ олорон, рубиновай сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр.
Кэпсэтиибит түмүгэр Наталья Луковцева маннык бэлиэтээһини оҥордо:
— Түгэнинэн туһанан, СӨ Дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андрееваҕа барҕа махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Кини биһигини, сойуус ыччат салаатын уопсастыбынньыктарын, өрүү бииргэ түмэр, сотору-сотору араас ситиһиилээх дьахталлары көрүһүннэрэн уопут атастаһыннарар, көлүөнэлэри ситимниир. Мин тус бэйэм Анжелика Егоровна тэрийэр араас хайысхалаах актыбыыс, уопсастыбанньык дьахталлар көрсүһэр тэрээһиннэригэр өрүү кыттабын. Биллэн турар, онтон олус элбэх туһалаах сонун идиэйэни ылабын уонна ону хайаан да олоххо киллэрэргэ дьулуһабын. Дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойууһун: «Биһиги күн аайы улахан тэрээһини оҥорбоппут эрээри, ылсыбыт дьыалабытын тиһэҕэр тиэрдэн дьоллонобут», — девиһэ миэхэ ордук чугас.
Уопсастыбанньык Наталья Луковцева курдук кэрэни, сырдыгы уонна үйэлээҕи тарҕатар уопсастыбанньык ыччат үгүс. Ким ханна олороруттан тутулуга суох – куоракка буоллун, тыа сиригэр буоллун – үтүө дьыаланы оҥоро сылдьарыттан ордук туох баар буолуой? Маннык көхтөөх ыччаттарбытын кэмигэр бэлиэтии көрүөххэ, кинилэр үлэлэрин уопутун киэҥник тарҕатыахха.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска – Дьокуускай к. 203-с түөлбэтин Ыстаарасталарын сэбиэтин архыыбыттан.