Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера ыарыһахтарга уонна медицинскэй бэрэбиэркэни барыан баҕалаахтарга табыгастаах буоларын туһугар эбии кэбиниэттэри арыйда.
Онон үлэҕэ киирэргэ, тырааныспары ыытарга, сэби-сэбиргэли харайарга наадыйыллар ыспыраапкалары бу кэбиниэттэргэ кэлэн, нарколог-быраастартан ылыахха сөп.
– Куорат 1 №-дээх поликлиникатыгар (Киров уул. 19) – 5 мэндиэмэҥҥэ 525 кэбиниэккэ 8.00 ч.- 15.15 ч.;
– Дьокуускай куораттааҕы Медицина киинигэр (Кальвица уул. 3) — 2 мэндиэмэҥҥэ 241 кэбиниэккэ 8.00ч -15.15ч.;
– Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһатыгар (Лермонтов уул. 121) – 4 мэндиэмэҥҥэ 428 кэбиниэккэ 8.00 ч -15.15 ч. бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ, бээтинсэҕэ;
— Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх балыыһаҕа (Кузьмин уул. 10) – 1 мэндиэмэҥҥэ 1 кэбиниэккэ 8.00 ч -15.15 ч. оптуорунньукка уонна чэппиэргэ.
Бу анал балыыһалар бары тустаах көҥүллээхтэр уонна олорор сиргиттэн тутулуга суох, кими баҕарар көрөллөр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru