Ыскаамыйаҕа олоруоҥ — тапталгын булуоҥ…

07.05.2017
Бөлөххө киир:

Экология уонна Ыччат сылыгар анаан  Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй (бырайыак ааптара омук тылын учуутала, нэһилиэк дьокутаата Сардана Никитина) уон ыскаамыйаны оҥотторон, уопсастыбаннай түмсүүлэр уонна  тэрилтэлэр нэһилиэккэ бэлэхтиэхтэрэ. edersaas.ru

Ол курдук, ыскаамыйаны төрөөбүт дойдуларыгар бэлэх уунуохтара: «Дархан» киинэ тыйаатыра, Сунтаар нэһилиэгин библиотеката, «Егоров Г.С.» урбаанньыт, Сунтаар нэһилиэгин дьокутааттара, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтата, «Урбаанньыттар дьиэлэрэ», «Россия ийэлэрэ» уопсастыбаннай түмсүү, лиссиэй эдэр үлэһиттэрэ, лиссиэй 10 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ, Ыччат бэлиитикэтин салалтата.

Бу тэрилтэлэр, түмсүүлэр бэлэх уунар ыскаамыйаларыгар анал суруктаах-бичиктээх буолуохтара. Холобур, култуура салалтатын бичигэ: «Манна олоруоҥ — тапталгын булуоҥ, дьоллоох буолуоҥ!» (Дьоллоох олбоҕу бэлэх уунна Култуура салалтата) диэн.

Онон тапталлаах, дьоллоох буолуон баҕалаах дьон манна олоруоххутун сөп. Бу күндү бэлэхтэр бар дьоммут мустар, өрөгөйдөөх күннэрбитин бэлиэтиир Ленин болуоссатыгар туруохтара. Ыскаамыйалар турууларын үөрүүлээх сиэрэ-туома Кыайыы күнүн көрсө — ыам ыйын 8 күнүгэр «Кэриэстэбил төлөнө» тэрээһин иннигэр оҥоһуллуоҕа!

 
Мария Кобельянова-Тускулаана edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0