Ырыынакка хонтуруоллуур ыйааһын

05.09.2016
Бөлөххө киир:

«Сайсары» бааһынай ырыынагар биһиги бастакы «похуоппут» сатамматаҕа. Үлэ кэмэ буолан, фрукта атыылаһааччы аҕыйах этэ. Онон фотоаппараат сүгүүлээх уонна тугу эрэ билэ-көрө сатыы сылдьар дьону атыыһыттар тута «ырааска таһаара» охсубуттара. «Арбуз ылабыт», — диэн этээппитин кытта киһибит тута: «Мин ыйааһыным хайдах эрэ сыыһа көрдөрөр буолбут, онон хонтуруоллуур ыйааһыҥҥа баран ыйыаҕыҥ», — диэт 14 киилэлээх арбуһу көтөҕөн мадьалытан илдьэн хонтуруоллуур ыйааһыҥҥа ууран кэбистэ.

Бэлэх — икки нектарин

Онон бииргэ үлэлиир суруналыыстарбын кытта ырыынакка дьон саамай элбэхтик сылдьар кэмигэр — өрөбүлгэ биирдии биирдии тиийэн «бэрэбиэркэлиир атыыны» оҥорорго быһаарбыппыт.

Субуота. Ырыынак биллэ сэргэхсийбит. Кэлии-барыы, атыы-тутуу үгэннээн турар. Мин фрукта атыылыыр эрээттэри түгэҕиттэн кэрийэн кэлэн баран, тахсар аан диэки турар кыра уҥуохтаах, бытыктаах атыыһыкка киилэ аҥаара винограды уонна киилэ аҥара нектарины ыйыырыгар эттим. Киһим тута барытын уга охсон, ыйааһыҥҥа аҕалан (иккиэн киилэлэрэ 200-түү солк.) төгүрүк, хаптаҕай гиирэнэн ыйыы оҕуста. Кыһыл стрелка кыймаҥныы түһээт, 1.500 кг арыый ордугу көрдөрдө. «Чэ, буоллун, ылабын», — диибин уонна өссө биирдэ төһө киилэ буолбутун ыйытабын. Ол кэнниттэн тута атыыһыттан ырааҕа суох турар «Контрольные весы» диэн кыһыл суруктаах сиргэ тиийэн ыйаан көрөбүн — 0.998 кг.!!!

Фрукталарбын туппутунан атыыһыппар төттөрү тиийэбин:

— Хонтуруоллуур ыйааһыҥҥа барыахха. Эн миигин 500 граммынан балыйбыккын!

— Суох барбаппын. Билигин барытын сөпкө угуом. Көр, бу барытын уктум. Өссө икки нектарины эбии бэлэхтиибин, — дии-дии атыыһытым аны уһун ньолбуһах атын гиирэни таһааран саҥаттан ыйаан барда. Кыһыл стрелка эмиэ кыймас гына түһээт 1.500 кг кыҥаан кэбистэ.

Ити кэмҥэ оҕолоох саха дьахтара кэлэн киниттэн банан, дьаабылыка, виноград атыылаһан барар. Мин киниэхэ бу атыыһыт миигин билигин аҕай балыйа сыспытын кэпсиибин. Дьахтарым айманар, атыыһыты кытта этиһэр эрээри, тоҕо эрэ атын сиргэ барбакка, син биир барытын киниттэн атыылаһан арахсар. Ол быыһыгар субу-субу: «Тоҕо итинник албынныыгытый?! Суобаскыт суох! Хайдах итинник албынныахха сөбүй?!» — диэмэхтиир. Атыылааччы тугу да саҥарбат. Мин ханна да барбакка дьахтар хайдах атыылаһарын көрөн турарбыттан да буолуо, били ньолбоҕор гиирэтинэн ыйыыр. Мин дьахтарга «Кыһыл ыйааһын» диэн баарын этэбин, онно баран атыытын бэрэбиэркэлээн кэлэригэр сүбэлиибин. «Оннук диэн эмиэ баар эбит дуу?» — дии-дии киһим ол диэки барар. Эмиэ айманан төттөрү кэлэр уонна икки сытыйан эрэр дьаабылыкатын уларыттарар. Хата, атыытын ыйааһына сөп түбэспит.

Биһиги мучумааммытын мүчүҥ­нүү-мүчүҥнүү саҥата суох көрөн турар эр киһиттэн ыйытабын:

— Хайа, атыы­лаһаҕын дуо? «Кыһыл ыйааһын» оо-ол турар.

— Ыйыылларыгар балыйаллара уруккуттан биллэр. Наһаа бэрэбиэркэлээбэт инибин. Дьону албынныыллара бэйэлэригэр куһаҕанынан диэлийиэ буоллаҕа, — диэн судургутук быһааран кэбистэ киһим.

Төһөөҥҥө диэри?

Өрөбүл күннэргэ ырыынакка фруктанан чиэһинэйэ суохтук эргинэ турар атыыһыттары хаартыскаҕа түһэрээри «Саха сирин» суруналыыстара фотоаппараат сүгүүлээх иккитэ тиийэ сырыттылар. Ол эрээри кыайан түһэрбэтилэр. Ол төрүөтэ күүтүллүбэтэх өттүттэн буолан таҕыста: фотоаппараат объективыттан атыыһыттардааҕар ордук атыылаһааччылар кыбыстар дуу, куттанар дуу буолан биэрбиттэр. «Тоҕо миигин түһэрдиҥ?! Сибилигин көрөн турдахпына соттор!» — диир атыылаһааччылар кытта баар буолбуттар. Кинилэр суруналыыстар буолалларын, атыылаһааччыларга кө­мөлөөх матырыйаал бэлэмнии сылдьалларын туһунан истэ да барбатахтар.

Ол эрээри итинник рейдэ көмөлөөҕө эмиэ көһүннэ. Өрөбүлгэ «бэрэбиэркэлиир атыылаһыы» оҥорбут суруналыыс Александр Тарасов фрукталара «Кыһыл ыйааһыны» чиэстээхтик туораабыттар. Мин помидор атыылаһан тахсан иһэр биир дьахтары көрдөһөммүн эмиэ «Кыһыл ыйааһыҥҥа» уурдаран көрдүм ( кини оннук ыйааһын баарын истэн эмиэ соһуйда да, улаханнык сэргээтэ да). Үөрүөхпүт иһин, атыылааччы сөпкө ыйаан биэрбит. Ол аата биһиги эргиэмсиктэри үөрэтиэхпитин, «көннөрүөхпүтүн» сөп эбит. Ватсаабынан үөҕэн, атыылаһааччылары бойкуокка ыҥыран буолбакка, олохтоохтук туруорсан, кырдьыгы сиэрдээхтик быһаарсан. Хас биирдии атыылаһааччы «күннээх кавказ уолаттарыттан» атыылыырга туох көҥүллээхтэрин, чахчы хантан кэлбит табаары атыылыылларын ирдэһэрэ, тугу төһөнү ыйаан биэрбиттэрин бэрэбиэркэлиирэ эбитэ буоллар, кинилэр да тардыныа эбиттэр.

«Кыһыл ыйааһын»

Дьэ, итинник атыы-тутуу буолар эбит саргылаах «Сайсары» ырыынакка. Мин ааспыт сайын манна кэллэҕим аайы атыыласпыт фрукталарбын «кыһыл ыйааһыҥҥа» дэҥ-дэҥ да буоллар, син ыйаан көрөөччү этим. Онно «сыыһа-халты» 150-200 грамм иһинэн халбаҥнааччы этэ. Быйыл ол туһунан умнубуппун даҕаны уонна сырыы аайы оннук мэскэйдэнэр биһиги, сахалар, санаабытыгар эмиэ да сүөргү соҕус курдук. Ол эрээри атыыһыттар быйыл олус наһаалаабыттарын бу сырыыга илэ түбэһэн сөхтүм.

Ырыынакка сылдьар кэммэр уонча атыылаһааччыттан манна атыыны бэрэбиэркэлииргэ «Кыһыл ыйааһын» баарын билэллэрин-суоҕун ыйыталаспытым. Сөҕүөм иһин, ким даҕаны оннук ыйааһын баарын билбэт эбит. Дьиҥинэн, «Контрольные весы» диэн улахан, кыһыл буукубаларынан суруллубут электроннай ыйааһын фрукталары атыылыыр сүрүн эрээккэ турар. Ол эрээри ким да ону таба көрбөт эбит. Биһиги эмиэ бастаан арбуз атыылаһа тиийэн баран харахпыт анныгар баары син өр көрдөөн булбуппут. Билэр дьон эппитинэн, «Кыһыл ыйааһын» итинник эмиэ да көстөр, эмиэ да көстүбэт гына турара бэйэтэ туспа кистэлэҥнээх эбит. Ырыынак үлэһиттэрэ ыйааһыны атыы уопсай эрээтиттэн чорбойон тахсар гына уура сатыылларын, фрукта атыылааччылар бэйэлэрин прилавоктарынааҕар иһирдьэ, көстүбэт гына анньан кэбиһэллэр үһү. Ол иһин үөмэхтэс киһи уонна киэҥ-нэлэгэр прилавоктар быыстарыгар, төһө да кыһыл суруктааҕын үрдүнэн, абыраллаах ыйааһыммыт сүтэн-симэлийэн хаалаахтыыр эбит.

Иккис хонтуруоллуур ыйааһыны туруордубут 

Надежда Яковлева, «Сайсары» ырыынак администратора:

— Биһиги ырыынак­ка турар атыыһыттар үлэлэрин-хамнас­тарын куруук хонтуруолга тута сылдьабыт. Хас күн аайы иккилии контролер тахсан ону бэрэбиэркэлиир. Итини таһынан сотору-сотору Ис дьыала министиэристибэтиттэн, миграционнай сулууспаттан, Роспотребнадзортан кэлэн хонтуруоллаан, бэрэбиэркэлээн бараллар. Күһүн буолан, фрукта атыылааччылар дойдуларыгар бараары хомуна сылдьаллар, ол иһин «сиирэ-халты» тутталлара бу күннэргэ ордук элбэх буолааччы. Атыылаһааччылар өттүлэриттэн онон үгүс үҥсүү киирдэ. Ол иһин бүгүҥҥүттэн өссө иккис «Хонтуруоллуур ыйааһыны» туруорарга быһаардыбыт.

Татьяна Павлова

Балаҕан ыйын 1 күнэ.

Атыылаһааччыларга анаан этиэм этэ: атыыһыкка эрэммэт буоллаххытына, ылбыт бородууктаҕытын «Контрольные весы» диэн кыһыл суруктаах ыйааһыҥҥа тиийэн хайаан да бэрэбиэркэлээҥ. Итини тэҥэ атыыһыттар атыылыыр бородуукталарыгар көҥүлү биэрэр докумуоннарын көрдөөтүгүт даҕаны, тута көрдөрүөхтээхтэр. Табаар чегин биэрэр эмиэ эбээһинэстээхтэр. Аккаастыыр, оннук кумааҕы, чек биһиэхэ суох диир түбэлтэлэригэр, ырыынак администрациятыгар кэлэн үҥсүөххүтүн сөп. Биһиги хас биирдии үҥсүүнү көрөбүт, бэрэбиэркэлиибит, хаһан да аккаастаабаппыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0