Үрүҥ халааттаах аанньалларбар махтанабын

06.03.2020
Бөлөххө киир:

Мин Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһаҕа (дьон-сэргэ ааттыырынан, “анал поликлиникаҕа”) сэбиэскэй кэмтэн ыла, 50-ча сыл тухары эмтэнэбин.Поликлиника бастыҥ үлэһиттэринэн уонна эмтиир тэриллэринэн хааччыллыытынан — куорат бастыҥ поликлиникаларыттан биирдэстэрэ. Ол эрээри, уларыта тутуу кэмнэригэр кэбиниэттэри эмтиир тэриллэринэн сэбилээһин, ыарыһахтары көрүү хайысхата уларыйбыта.

edersaas.ru

Ол да буоллар, үрдүк категориялаах быраастар уларыта тутуу кэмнэригэр даҕаны, уонунан сыллар усталарыгар иллээх-эйэлээх кэлэктииптэрин тутан хаалбыттара. Ол гынан баран, дойду Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин састааба сотору-сотору уларыйыыта, 3 №-дээх балыыһа кылаабынай быраастарын уларытыы үлэ истиилэ уларыйарыгар тириэрдибитэ. Ол курдук, 2019 сыллаахха быраастар кэбиниэттэрин этээстэн этээскэ сыҕарыталаабыттара, онтон эмиэ төттөрү көһөртөөбүттэрэ уо.д.а. Уролог Варвара Ильинична Литвинцева, терапевт Ольга Лазаревна Винокурова, невропатолог Л.Н.Ефимова, окулист В.Н.Капитонов курдук үрдүк категориялаах сорох каадырдар уларыйыыны-тэлэрийиини кыта сөпсөспөккө, атын үлэҕэ барбыттара. Оттон сүрүн састаап хаалбыта. Ультразвуковой чинчийии быраастара Андрей Доржиевич Замураев, Петр Степанович Илларионов, инфекционист Анастасия Васильевна Петрова, терапевтар Александра Афанасьевна Николаева, Альбина Васильевна Уранаева, Яна Валерьевна Чертовских, невролог Л.Е.Ядрихинская, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр О.М.Николаева, У.Е.Васильева, С.А.Тихонова, М.Я.Потапова уо.д.а. курдук биир кэлэктиипкэ 20-30 сылтан ордук кэмҥэ үлэлээбит, бэйэлэрин дьыалаларыгар бэриниилээх эмчиттэр, үрдүк категориялаах исписэлиистэр хаалбыттара.

Билигин поликлиника сэбиэдиссэйэ, үрдүк категориялаах быраас Алена Нестеревна Сергеева дьаныардааҕынан уонна кэлэктиипкэ, ыарыһахтарга үрдүк аптарытыаттааҕынан, тэрилтэ оннунан хаалан үлэлии олорор.

Биһиги, эмтэнээччилэр, кэлэктиипкэ уонна эмтэнээччилэргэ үтүө сыһыаны олохтуу сылдьарыгар киниэхэ олус махтанабыт. Бу барыта ыарыһахтар настарыанньаларыгар үчүгэйинэн эрэ дьайар.

Мин, соторутааҕыта 85 сааспын томточчу туолбут киһи, бу поликлиника үтүө санаалаах аанньалларын көмөтүнэн кырдьар сааспар тиийдим диэн махталбын этэбин. Түгэнинэн туһанан, кэлэн иһэр Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 3 №-дээх балыыһатын кэлэктиибин уонна эмчиттэрин ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ ситиһиилэри уонна тус олоххутугар, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну баҕарабын.

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Иван Ребров.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0