ХАРАҤА ХОС: Биллибэтэх уруһуйдьут

Ааптар: 
27.05.2020
Бөлөххө киир:

Мин 1930 сыллаахха Дьокуускай куоракка учуутал техникумун үөрэнэн бүтэрбитим. Тута Бүлүү оройуонугар учууталынан анаабыттара. От-мас ситэн, айылҕа ийэ барахсан киэркэйэн ахан турар кэмэ этэ. Биһиги эдэр дьон үөрэхпитин бүтэрэн, үлэһит буолан, баҕа санаабыт туолан үөрэн өрөгөйдүү сылдьар кэммит этэ. Үөрэн даҕаны төһөнү үөрүөхпүтүй, дьоммутугар-сэргэбитигэр тарҕаспыппыт. Онно кыратык сынньана түһээт, үлэлиир сирбитигэр айаннаатахпыт.

Оччотооҕу оскуолалар кыра, аҕыйах үөрэнээччилээх буолаллара. Алын оскуолаҕа үксүн икки учуутал эрэ үлэлиирэ. Бэрт уһуннук айаннаан үөрэтиэхтээх, үлэлиэхтээх оскуолабар тиийбитим. Дэриэбинэ да диэн буолуо дуо, аҕыйах дьиэлээх-уоттаах дойду этэ. Олохтоохтор оскуолабын ыйан биэрбиттэрэ. Уһун синньигэс кырыыһалаах дьиэҕэ тиийбитим. Дьиэ таһыгар ким да суох этэ. Ааны аһан дьиэҕэ көтөн түспүтүм. Киирээтин кытта хоско, хата, ыаллар олорор буолан биэрдилэр. Онно оскуола остуораһа оҕонньор дьонунаан олорор эбит. Киирэн ыалдьыт быһыытынан кэпсэппитинэн бардым. Манна учууталынан ананан кэлбитим туһунан кэпсээтим. Учууталлар олорор хосторо түгэххэ баарын биллэрдэ уонна миигин батыһыннаран уһун көрүдүөр устун илтэ. Уһук хоско аҕалан:

— Эһиги, учууталлар, бу хоско олороҕут, — диэн баран хос иһигэр киллэрдэ. Онно борук-сорукка көрдөххө, хос ортотугар билиитэ оһохтоох эбит. Остуол, кыра ыскаап, икки олоппос, икки мас кырабаат тураллар. Оһох айаҕар биир көтөх кэриҥэ мас сытар. Киирээти кытта үс-түөрт тоһоҕо сааллыбыт, онно хортууспун, халтаҥ соммун ыйаталаатым. Остуораһым биир ылтаһын чаанньыгы туттаран кэбистэ уонна тахсан барда.

Оһох оттон чэй өрүннүм, наҕылыччы аһаан-сиэн, түннүк утары баар ороҥҥо тиэрэ түһүнэн сыттым. Арай, нуктаан бардым быһыылаах. Биирдэ өйдөөн көрбүтүм хоһум иһэ хабыс-хараҥа буолбут. Туран икки-үс хардаҕаһы оһохпор эбии бырахтым. Остуолга чүмэчи уматан туруордум. Ороммун оҥорон, кинигэ ааҕан иһэн эмиэ утуктаан бардым. Арай ол сытан түннүгүм диэки көрбүтүм, үчүгэйкээн диэн эдэр кыыс иһэр эбит. «Түһүүр буоллаҕым дуу?» дии санаатым. Суох түүл буолбатах эбит. Бу остуолум, чүмэчим, оһоҕум — барыта баарга дылылар. Өндөйөн чүмэчибин саба үрэн баран утуйан хааллым. Сарсыарда сөпкө уһуктан ойон турдум. Суунан-тараанан баран аһаатым. Тугу гыныах баҕайыбыный диэх курдук санаан иһэн, үөрэнээччилэрим дьиэлэрин кэрийэ барарга быһаарынным. Ол күн төрөппүттэрбин, үөрэнээччилэрбин кытта дьиэлэригэр көрүстүм, сэһэргэстим. Бүтэһикпэр биир кырдьаҕас ыалга таарыйдым.

Кэпсэттибит. Үөрэнэр оҕолоро суох эбит. Учууталбын билэннэр улаханнык сэргэҕэлээн кэпсэттилэр, кэлин дьиэлээх хаһаайка:

— Бөлүүн төһө бэркэ утуйдуҥ? Ким да кэлэ сылдьыбата дуо? — диэн ыйыталаста, онуоха мин хап-сабар тугу көрбүппүн кэпсээтим:

— Ээ, буоллаҕа, — диэтэ дьиэлээх эмээхсин. Ити итинэн хаалла…

Ол кэнниттэн хас да түүн ааста. Утуйаары сытан түннүгү көрдүм да ол саха кыыһа кыһыҥҥы тымныыга чараас сарапаан ырбаахылаах иһэр буолара. Кэнникинэн бэйэм да куттанан, этим сааһа аһыллан барар буолла…

Ыксаан били кырдьаҕас дьахтарбар бара сырыттым, сэһэргэстим. Куттанарбын, дьиксинэрбин олох биллэрбэккэ кыһалынным. Эмээхсин кистэлэҥин кэлин кыайан туттуммата быһыылаах:

— Тукаам, ити хоско олорбут дьон бары, учууталлар куттаналлара, онон уһуннук олорбот буолаллара. Кинилэр хараҥаҕа көрдөхтөрүнэ, туой түннүгүнэн кыыс кэлэрин туһунан кэпсииллэрэ. Онон бу оскуоланы «куһаҕан тыын» буулаабыта ыраатта. Ону ити учууталлар билэ-билэ билбэтэҕэ буолаллар, кимиэхэ да кэпсээбэттэр. Эн бу эдэр оҕо эбиккин, ити дьиэттэн эрдэ көс, ыалла булан олор. Эҥин-дьүһүн буолан хаалыаҥ, — диэн сүбэлээтэ. Онуоха мин тугу да сэҥээрбэккэ эрэ тахсан дьиэбэр кэллим. Кэлэн хоһум түннүгүн өр одуулаан, сирийэн көрбүтүм түннүккэ биллэр-биллибэт хартыына уруһуйдаммыт. Ол кыһын кимиэхэ да, тугу да кэпсээбэккэ эрэ бэрт үчүгэйдик олорон учууталлаабытым. Олох даҕаны куттаммат буолбутум. Эмээхсин ээр-сэмээр остуорастаахха кэлэн барара. Кэнники тугу даҕаны ыйыталаспатаҕа. Миигин олус хоһуун, куттаҕаһа суох киһинэн ааҕара үһү.

Үөрэх дьыла бүппүтэ. Мин уоппускабын ылан Дьокуускайга кэлбитим. Түннүкпүн аҕалбытым. Худуоһунньуктарга көрдөрбүтүм. Кинилэр биллибэт, олус талааннаах былыргы уруһуйдьут эбит диэн түмүккэ кэлбиттэрэ. Хараҥаҕа көрдөххө, тохсунньу дуу, ахсынньы дуу ый саамай бытарҕан тымныыта, айылҕата көстөр эбит. Онно олус кырасыабай эдэр саха кыыһа чараас сарапаан ырбаахынан иһэрэ көстөр. Уруһуй хайдах эрэ кэлэр, чугаһыыр курдук оҥоһуллубут.
Кэнники истибитим, үлэлии сылдьыбыт аҕыйах ыаллаах сирбэр бэрт дьикти үһүйээн баар эбит. Ити сиргэ Суоһалдьыйа Куо диэн олус кырасыабай кыыс үөскээн, бэрт кылгастык олорон ааспыт. Дьоно кыанар, баай ыал эбит.

Кыыс сааһын ситиитэ эмиэ бу дойдуга үөскээбит дьадаҥы уолу кытта билсэн бэйэ-бэйэлэрин олус сөбүлээбиттэр. Ону дьоно билэннэр, кыыстарын баай ыал уолугар күүстэринэн кэргэн биэрэргэ быһаарыммыттар. Таптыыр уолун ити оскуола буолбут дьиэҕэ хаайбыттар. Маны кыыс тулуйбакка тохсунньу ый саҕана сыгынньаҕын тахсан тоҥон өлбүт. Ону уол кимтэн эрэ истэн баран, ити дьиэ түннүгэр туох эрэ олус кытаанах матырыйаалынан: тимиринэн дуу, тааһынан дуу уруһуйдаабыт. Бу уруһуй олус күүстээх, долгутуулаах, олус сатабыллаах, талааннаах үлэ буолуон сөп этэ.

Билигин ити таас ханна тиийбитин ким билэрэ буолла? Дьон аайы бэриллибит, көрдөрүллүбүт буолуохтаах. Билигин санаатахха, мин олус дьалаҕайдык, өйө суохтук сыһыаннаспыппыттан олус хомойобун. Илдьэ сылдьыбытым буоллар, ол үлэ сүтүө суох этэ.

Батсаап бөлөҕүттэн.

+1
1
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0