Ырыган дуу? Суон дуу?

18.11.2016
Бөлөххө киир:

c8aЭр киһи тапталга араас сыһыаннааҕын курдук, дьахталлары «ырыган» уонна «суон» дьахталларга араарар.

Үгүс эр киһи наһаа ырыган эбэтэр наһаа суон дьахтары сөбүлээбэт. Онон, чуолаан, «орто ыйааһыннаахтар» эр дьоҥҥо ситиһиилээх буолаллар эбит. Тоҕо?

Эр киһи дьахтар быһыытыгар-таһаатыгар хараҕын хатыыр. Холобур, дьахтар түөһэ улахан буолуон баҕарар;

Целлюлит дьахтар тас көстүүтүн уонна сексуальнай көрүҥүн буортулуур. Эр киһи дьахтар өттүгэ наһаа улааппытын бырастыы гынар буоллаҕына, «апельсин хаҕы» көрүөн да баҕарыа суоҕа;

Наар үөрэ-көтө сылдьар суон дьахтар, ырарга туох баар күүһүн-уоҕун биэрэр ньиэрбинэй дьахтарга тэҥнээтэххэ, ордук киһи хараҕар быраҕыллар;

Хайдах да быһыылаах-таһаалаах дьахтар буолбутуҥ иһин, атын үтүө хаачыстыбаларгынан эр киһи көрүүтүн сүүс кыраадыс уларытыаххын сөп;

Мэлдьи биир ыйааһыннаах сылдьарга кыһалын. Кини эйигин талбытын кэннэ, хайдах бэйэҕэр тардарыҥ, дьэ, ол тус сатабылгыттан тутулуктаах.

Олоххуттан бэйэҥ астынар, ол иһигэр таҕылы ханнараргар туох да мэһэйдэри көрсүбэт буоллаххына, этиҥ-сииниҥ итэҕэстэригэр болҕомтоҕун хатаама уонна хайаан да уларытарга дьулуһума. Ол кэриэтэ бэйэҥ үчүгэй хаачыстыбаларгыттан астын уонна дуоһуй.so-otohsujuu-2

Таҕылы ханнарыы араас өрүттэрэ

Ырыган киһини кытта:

Үчүгэй өрүттэрэ: Сиэкискэ үгэс буолбут ньыманы туһанаргар эр киһи «баттаан» кэбиһиэ диэн куттал эйиэхэ суох.

Ырыган киһи суон киһитээҕэр ороҥҥо ордук тэтимнээх уонна таҕылы ханнарыыга собуоттанар, өр уонна элбэхтик имэҥирэр кыахтаах.

Ырыган киһи этигэр-сиинигэр имэҥирэр, «уһуктар» сирэ элбэх.

Мөкү өрүттэрэ: Эр киһи тоҥолоҕун эбэтэр тобугун сыыһа туттуутуттан эт-сиин көҕөрөр куттала эмиэ баар.

Суон киһини кытта:

Үтүө өрүттэрэ: Суон киһи, ырыган киһитээҕэр, эн ороҥҥо тугу баҕарар гынаргар көҥүлү биэрэр.

Суон киһи тапталлааҕар куруук харыстабыллаахтык сыһыаннаһар. Тоҕо диэтэххэ, сыыһа-халты эбэтэр аһара күүскэ тутуом-хабыам диэн сэрэхэдийэр.

Мөкү өрүттэрэ: Эмис киһи ыгыллан олус көлөһүннүрэр.

Ырыган киһитээҕэр түргэнник сылайар.

Сыыһа-халты тутуннаҕына, эн үрдүгэр 100 киилэ ыйааһын «ыалдьыттаан» ааһыан сөп. Онон сиэкис ньыматын таларгытыгар, бастатан туран, куттал суох буолуутун тиэхиньикэтин эмиэ толкуйдааҥ.

Сылаанньыйа СЫЛЛЫЫРАБА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0