Ырыаны-үҥкүүнү сэргэ, билиилэрин-көрүүлэрин тургуттулар

Бөлөххө киир:

А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бу өрөбүлгэ «Лети, звон бубенцов» диэн регионнар икки ардыларынааҕы фестиваль төрдүс төгүлүн ыытыллыбытын туһунан суруйан турабын. Санатан эттэххэ, тэрээһин Иркутскай-Дьокуускай почтовай тракт атаҕар турбута 275 сылыгар анаммыта.


Тэрээһин өссө биир сүрүн уратытынан,  аан бастаан историяҕа уонна кыраайы үөрэтиигэ анаан «Судаарыстыба дьаамсыктарын суолларынан » диэн диктант суруллубута буолар. Бу  билиини-көрүүнү тургутан көрөр аан бастаан ыытыллар диктаҥҥа сэттис кылаас үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, ким баҕалаах барыта кыттара көҥүл буолан, сэргээччи, сэҥээрээччи элбэҕэ үөрдүбүт. Сорудаҕы  «Судаарыстыба дьаамсыктарын удьуордара» республикатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэннэрэ, кыраайы үөрэтээччи, дьаамсыктар династияларын удьуордара Анатолий Соколов уонна ХИФУ профессора Юрий Данилов бэлэмнээбиттэр.  

ХИФУ естественнай наукаларга профессора Юрий Данилов диктант икки чаастан турарын, бастакыга тест толороллорун, онно 15 ыйытыылааҕын эппит. «Иккис билиини-көрүүнү тургутууга аналлаах. Холобур, биэрэстэ диэн тугун быһаарыыга ыйытыы эмиэ баар», — диэбит.  

Диктаны суруйууга кыттыбыттар бука бары сертификат туппуттар, саамай үчүгэй түмүгү ылары ситиспиттэр дипломунан наҕараадаламмыттар. Оскуола үөрэнээччилэрэ бары да олус кыһаллан толорбуттара бэлиэтэммит. Түмүккэ, Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Анна Асекритова, Покровскай 3-с  №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Павел Шпиц, эмиэ Покровскайтан 4-с №-дээх оскуола оҕото Кирилл Смольников саамай элбэх сөптөөх уонна толору хоруйдары биэрэннэр, бааллара «дэбдэс» гына түспүт.  Улахан дьонтон Оксана Григорьевна ТерешкоРаиса Сергеевна Черняк  атыттартан ордук чорбойон инники күөҥҥэ тахсыбыттар. Онон бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ дипломнар туттарыллан, үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттар. Тэрийээччилэр бэлиэтээбиттэринэн, бу оскуолаларга устуоруйаны үөрэтии, уруккуну умнубакка, хаалларан кэбиспэккэ өйгө-санааҕа иҥэрэргэ кыһаллыы, үлэлэһии баарын мэктиэлиир. Онон далааһыннаах уонна болҕомтону тардар тэрээһиҥҥэ кыттааччы сыллата өссө элбиэн сөп, оччоҕо илин-кэлин түсүһүү өссө сытыырхайыа диэн үөрэллэр. Тэрээһини да, диктаны да сэҥээрии бу хамсааһын кэскиллээҕин көрдөрөрүн бэлиэтииллэр.

А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, үөрүүлээх күн кыттыылаахтара билиини-көрүүнү тургутар, кэнчээри ыччакка иҥэрэр сыаллаах-соруктаах хайысхалар бу курдук эбиллэн иһэллэригэр  баҕарбыттар. 

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Айталина АРГУНОВА хаартыскаларга түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0