Ырыаһыт Виктория Цыганова өймөкөөннөргө кэнсиэр бэлэхтээтэ
Бүгүн, Арассыыйа күнүгэр, Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгин «Чысхаан» стадионугар Арассыыйа биллиилээх ырыаһыта, Тыва үтүөлээх ырыаһыта Вика Цыганова биэс чааска кэнсиэртиэҕэ.
Кэнсиэртиэн аҕыйах чаас иннинэ кинилиин уонна кэргэнэ Вадим Борисовичтыын кэпсэттибит.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
— Үтүө күнүнэн, Виктория Юрьевна! Арааһа, Саха сиригэр бу бастакы сырыыҥ буолуохтаах.
— Оннук, бастакы сырыым буолар. Ол эрээри, хайдах эрэ эрдэ сылдьыбыт курдукпун. Арааһа, ол Магадаҥҥа сырыыбын кытта сибээстээх буолуон сөп. Өймөкөөн айылҕата ураты кэрэтин cөхтүм. Тыытылла илик айылҕа, сир-уот. Олус долгутуулаах түгэн миэхэ бу күннэргэ тосхойдо. Бэҕэһээ Аям диэн улахан күөлгэ сырытыннардылар. Вадим балыктаан көрдө эрээри, туттарбата. Арааһа, балык күөрэйэ илик быһыылаах. Күөл билигин да мууһунан бүрүллэн сытар. Муус үрдүнэн хаама сылдьан, ис дууһабыттан иэйэн ыллаатым. Онуоха куолаһым хайалартан тэйэн бэйэбэр иһиллэрэ олус ураты буолла. Олус долгуйдум, уйадыйдым. Аны туран, хайалар үрдүлэринэн күн тыган турара эмиэ олус уратытык көһүннэ.
Кэпсэтиигэ Вадим Борисович кыттыһар:
— Өймөкөөн ураты айылҕалааҕа киһини сөхтөрдө. Маннык кэрэ дойду аан дойду үрдүнэн, арааһа, суох быһыылаах. «Янтарь» хампаанньа салайааччыта Александр Карась Индигир өрүс үрдүгэр мемориаллары оҥорон туруортаабыта чахчы патриот санаалааҕын көрдөрөр. «Родина-мать» мемориал иннигэр турар саха снайперын уонна нуучча саллаатын сэргии, астына көрдүм. Бу Арассыыйаҕа норуоттар доҕордоһуулара күүстээҕинэн туоһулуур.
— Эһиги ыллыыргытын таһынан, кэлиҥҥи кэмҥэ таҥас муодатын дизайнныыгыт. Быйыл кулун тутарга Москва куорат Кыһыл болуоссатыгар «20 оттенков красного» диэн муоданы көрдөрбүккүт. Ити туһунан билиһиннэр эрэ.
— Ити көрдөрүүнү оҥорорбор Москва куоракка биллэр-көстөр Саха сириттэн төрүттээх Гала Борзова стилистээбитэ. Нуучча таҥаһын кэлиэксийэтин көрдөрбүппүт. Онно 20 таҥас кыһыл өҥнөөх, кыһыл өҥ баһылыыр-көһүлүүр этэ. Гала Борзоваҕа көрдөрүүнү үрдүк таһымнаахтык ыытыа диэн бүк эрэммитим. Ол туолбута. Таҥаһы көрдөрүөхтээх манекенщицалары барытын бэйэтэ булбута, талбыта.
— Аҕыйах чааһынан кэнсиэртээри сылдьаҕын. Долгуйаҕын дуо?
— Долгуйан. Түүнү быһа утуйбакка, бэлэмнэнним. Дьиҥэр, айар, ырыаһыт киһиэхэ итинник буолара өйдөнөр. Ол эрээри, миигин тулалыыр ураты айылҕа көстүүтэ олус долгутар, ураты турукка киллэрэр. Маннык турукка киһи күн аайы киирбэт. 30-тан тахса сыл ыллаабыт киһи улаханнык кыһаллыа суохпун сөп этэ. Ол гынан баран, ураты сиргэ киһи ис дууһатыттан иэйэн ыллыахтаах. Аны туран, көрөөччүлэр төһөнөн судургулар даҕаны, киһи ис сүрэҕиттэн эбэтэр үрдүнэн-аннынан, көтүмэхтик ыллыырын тута билэллэр, сэрэйэллэр. Норуот кыраҕы хараҕа олус сытыы.
— Эн Тыва үтүөлээх ырыаһыта буолаҕын. Тоҕо Арассыыйа үтүөлээҕэ буола иликкиний?
Манна кэргэнэ Вадим Борисович эппиэттээтэ:
— Вика төһө даҕаны Арассыыйа үтүөлээх аатын ылбатаҕын иһин, кинини норуот норуодунай оҥорбута ыраатта. Норуот ылыныыта саамай улахан суолталааҕын өйдүөх тустаахпыт. Вика сөбүлээбэтин малтаччы этэр майгылаах. Итинник дьону былаас сөбүлээбэт. Кинини, саамай сүрүнэ, норуот сөбүлүүр.
— Виктория Юрьевна, күн сирин Хабаровскайга көрбүккүт. Дойдугар тиийэ сылдьаҕын дуо?
— Төһө кыалларынан, тиийэ сылдьабын. Олус сөбүлүүбүн, ытыктыыбын. Хабаровскайга эбэлээх эһэм көмүс уҥуохтара хараллан сыталлар.
Бүтэһик сырыыбар күн сирин көрбүт куоратым устун дьаарбайа сылдьан, кырдьар сааспар дойдубар олохсуйар санаа үүйэ-хаайа кууспута. Москваҕа төһө даҕаны олоҕум барыта ааспытын үрдүнэн, билигин хайдах эрэ ыламмат курдукпун.
— Түмүккэ, Саха сирин олохтоохторугар баҕа санааҥ.
— Саха сирин ытык-мааны олохтоохторун Арассыыйа күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Бу орто дойдуга баар бары кэрэни-үтүөнү баҕарабын!
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru