Ырыаһыт Сиэйэ Уола болдьоҕун иннинэ тахсыа дуо?

Бөлөххө киир:

Муус устар 6 күнүгэр Дьокуускай куорат суутугар Виктор Иванов — Сиэйэ Уолун  болдьоҕун иннинэ босхолооһун туһунан хадатаайыстыбата көрүлүннэ.

edersaas.ru

Суут сайабылыанньаны көрөн баран, хадатаайыстыбаҕа сөбүлэҥин биэрбит. Билиҥҥитэ суут уурааҕа күүһүгэр киирэ илик. «Эмсэҕэлээбит өрүт үҥсүспэтэҕинэ, уон хонугунан Виктор Иванов босхолонуоҕа»,  — диэн албакаат Нина Протопопова Sakhaday саайтка иһитиннэрбит. Эмсэҕэлээбит өрүт сөбүлэспэтэҕинэ, быһаарыы үрдүкү суукка көрүллүөҕэ. Бэлиэтээн эттэххэ, 2014 сыллаахха Мөкүрдээнэп диэн киһини эмсэҕэлэтэн, ырыаһыт Сиэйэ Уола алта сылга кытаанах эрэсиимҥэ хаайыы болдьоҕор ууруллубута. Эмсэҕэлээбит өрүккэ  1 мөлүйүөн солкуобайы төлүөхтээх. Сиэйэ Уолун дьиэ кэргэнэ, ону сэргэ кини ырыатын сүгүрүйээччилэрэ босхолонон тахсарын долгуйа күүтэллэр.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0