Ырыаһыт дьылҕата (Ырыа күнүнэн Х.Максимовы ахтан-санаан ааһыаҕыҥ)
Биһиэхэ, сахаларга, чахчы да үөһээттэн айдарыылаах, киһи дууһатын аймыыр, үөрдэр, ытатар-соҥотор, инникигэ эрэли үөскэтэр, толкуйдатар ырыалары айааччылар, кэрэ куоластаахтар аҕыйаҕа суохтар. Үгүстэрэ бу орто дойдуга бэйэлэрин кэмнэригэр ыллаан-туойан, айан-тутан, дьон сиэринэн үөрэн-көтөн олорон аастахтара. Хомойуох иһин, “аастахтара” эрэ диирбитигэр тиийэбит. Хаһан баҕарар буоларын курдук, киһи бэйэтэ баарына кыайан сыаналаммат, айар дьоҕура кэмигэр таба көрүллүбэт. Ол эрэн, бэйэлэрин чаҕылхай дьоҕурдарынан, хатыламмат кэрэ куоластарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ умнуллубат суолу-ииһи хаалларан, уос номоҕор сылдьаллар.
edersaas.ru
Саха дьонугар-сэргэтигэр билиҥҥэ диэри таптатар, өйгө-санааҕа умнуллубат гына иҥмит ырыалаах, хатыламат куоластаах, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа Христофор Максимов буолар. Биһиги кинини киһи быһыытынан төһө билэбитий? Билэбит дэгэрэҥ ырыалары айар уонна чаҕылхайдык толорор мелодист уонна артыыс быһыытынан эрэ. Оттон кини киһи быһыытынан дууһата туохха айманарын, төһө чэпчэкитик иэйии киирэн ырыалара айыллалларын хантан билээхтиэхпитий? Улахан дьону кытары бииргэ үлэлии, алтыһа сылдьан улахаҥҥа уурбаккын, бииргэ буккуһа сылдьан өйдөөн да көрбөт курдук буолаҕын. Кэмниэ-кэнэҕэс дьэ өйдүүбүт, “мин кинилиин алтыспытым, бииргэ үлэлиир дьолломмутум” диэн буолар.
Христофор Максимов кыра уҥуохтаах, сэмэй көрүҥнээх, сымнаҕас сахалыы майгылаах, үлэтигэр ирдэбиллээх сүдү киһи этэ. Кини сыанаҕа ананан төрөөбүт курдуга. Сыанаҕа киирдэҕинэ, улаатан көстөрө, байаанын ылан оонньоон, ыллаан бардаҕына, саалаҕа олорор дьону абылаан кэбиһэрэ. Христофор чуор тэбэнэттээх куолаһыгар билиэн баран, харахтара чаҕылыҥнаһан, үөрэн, ханна олороллорун умна быһыытыйан, туймааран көтө-дайа олороллоро. Ол курдук, Христофор күүстэх энергиялаах, ис-иһиттэн истиҥ иэйиилээх, сырдык, ыраас ауралаах киһи этэ. Кини айылҕа сэдэх көстүүлэрин, симик, ыраас тапталы, тэбэнэттээх кыргыттары, дьээбэлээх-хооболоох уолаттары, күргүөмнээх үлэ үөрүүтүн туһунан хоһуйан туойара, хас биирдии киһи дууһатын кылын таарыйара. Христофор барахсан чараас дууһалаах буолан, олус бэриниилээхтик, иэйиилээхтик таптыыра.
Кини олоҕо остуол ньуурун курдук буолбатах этэ. Эдэркээн 19 саастааҕар кэрэ сэбэрэлээх, субурхай суһуохтаах саха намыын кыыһын Александраны ис сүрэҕиттэн таптаан ыал буолбуттара. Кэргэнин тоҕо эрэ таптаан Өрүүнүскэ диир эбит. Чаҕылхай күннээх, толору дьоллоох олоҕу олорон дуоһуйа, астына сырыттаҕына, күүппэтэх өттүттэн, ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии, хара былыт халыйан тахсыбыта. Күҥҥэ көрбүт көмүс чыычаахтара эмискэ суох буолбуттара. Онтон Бүлүү эҥээригэр гостуруолга сырыттаҕына, тапталлаах кэргэнэ Өрүүнүскэтэ суорума суолламмыта. Гостуруолтан кэлбитэ хайыы сах кистээбиттэрэ үс хоммут. Христофор муҥнаах доҕорун көрбөккө, бырастыыласпакка хаалбыт абатыгар улаханнык айманан, доҕорун уҥуоҕун аһан Өрүүнүскэтин уһун суһуоҕун имэрийэн, ытаан-соҥоон быраһаайдаһан баран, үйэлэр тухары арахсардыы атаарар. Уйулҕата хамсаан, инчэҕэй эттээх тулуйбат дууһа айманыытын, кыланыытын тулуйан, олох очурдарыгар оҕустарбакка, сиргэ чиҥник үктэнэн, сыал-сорук туруорунан эрэллээхтик иннин диэки дьүккүйэр. Ыраас, сырдык ыра санаа кыайан, бииртэн биир, сонунтан сонун ырыалар айыллаллар, быыстала суох айаҥҥа турунар.
Бүлүү бөлөх оройуонугар гостуруоллуу сырыттаҕына, Христофорга дьылҕата дьол толору кымыһын ыймахтатан, үрдүк үөрүүнү күүппэтэх өттүттэн бэлэх уунар. Көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээх (сэбэрэлээх), субуруйар уһун суһуохтаах номоххо киирбит Туйаарыма Куотун курдук барахсаны дьылҕа хаан көрүһүннэрэр. Эмиэ таптал күүстээх уотугар умайан, Христина диэн кыыһы мүччү тутуом диэбиттии, өйдөнөр бокуой биэрбэккэ эккирэтэн, истиҥ иэйиилээх ырыатынан абылаан, таптатан иннин ылар. Христина барахсан “Ээх” диэбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Христиналаах Христофор үөрэ-көтө олохторун холбууллар. Инникигэ эрэл үөскээн, үөрэ-көтө, олохтон дуоһуйан кинилэр саҕа дьоллоох киһи суоҕун курдук санана сырыттахтарына, көмүс чыычаахтара, бастакы оҕолоро, уолчааннара күн сириттэн күрэнэр. Эмиэ дууһа айманыыта, киһи уйана-хатана биллэр кэмэ тирээн кэлэр. Хайаахтыахтарай, инникигэ эрэл күүһэ кыайан, аһыыларын этэҥҥэ аһараллар.
Христина сытыары-сымнаҕас майгылаах, чахчы да саха Далбар Хотуна этэ. Кини Христофорун олус өйдүүрэ, тугунан тыынарын, тугу саныырын өтө таайара. Христофор оҕотун мэлиппитигэр бэйэтин буруйданарын кытта өйдүүрэ. Христиналаах бэйэлэрин үчүгэйдик өйдөһөр, өйөһөр буоланнар, олох охсуутун этэҥҥэ аһаран, үлэ үөһүгэр түһэн, ханна үлэлэтэ ыыталлар да, тутуспутунан баран иһэллэр. Ол курдук, Ньурба холкуоһунай тыйаатырыгар, Майатааҕы холкуоһунай тыйаатырга, Саха тыйаатырыгар, Үөһээ Бүлүүтээҕи тыйаатырга, онтон эмиэ Саха тыйаатырыгар үлэлииллэр. Христофор артыыс быһыытынан оруол бөҕөтүн оонньоон, ырыа арааһын айан, сахатын дьонугар таптатан киэҥник биллэн барар.
1966 сыллаахха Москватааҕы Щепкин аатынан театральнай училищены (ВУЗ) бүтэрэн баран, биһиги, устуудьуйа оҕолоро, 16 буоламмыт Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай драматическай тыйаатыры арыйбыппыт. Биһиэхэ көмөлтө күүс курдук Саха тыйаатырыттан Татьяна Устинова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыстара Афанасий Ефремов, Христофор Максимов, СӨ үтүөлээх артыыһа Спартак Федотов режиссерунан, СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Габышев дириэктэринэн кэлбиттэрэ. Мин Христофору онно аан бастаан көрбүтүм. Кэргэнэ Христина Васильевна костюмерынан, улахан уоллара Вася сыана машиниһынан үлэҕэ киирбиттэрэ. Вася кэннэ икки эмдэй-сэмдэй Кеша уонна Трофим диэн үчүгэйкээн уолаттардаах, саамай кыралара Наденька диэн кыыстаах этилэр. Биһиги төһө да оҕолоох ыал буолбуппут иһин, эдэрбит бэрт буолан, биһигини көрө-истэ, сүбэлии-амалыы сылдьаллара. Христина, тетя Катя (Александр Алексеевич кэргэнэ) парикмахер этэ, биһиэхэ олох ийэбит курдук кыһаллаллара. Эгэ, Христофор мөҕө-этэ сылдьыа дуо? Баттаҕа эрдэ маҥхайан, хайдах эрэ саастаах киһи курдук көрөрүм. Билигин санаатахпына, олох да 50-чалаах эрэ эбит. Ньурбатааҕы холкуоһунай тыйаатырга үлэлии сырыттахтарына, 1948 сыллаахха улахан уоллара Вася төрүүр. Саастыы кэриэтэ буоламмыт, Васяны кытары үчүгэйдик бодоруһар этибит. Кини үчүгэй иитиллиилээх, бэрээдэктээх, сырдык хааннаах, толору эттээх-сииннээх, чаҕылхай уол этэ. Наар дьээбэлэһэн оонньоон тахсарбыт. Эгэ, гостуруолга сүгүн сылдьыахпыт дуо?
Биирдэ Аммаҕа “Күкүр Уус” дырааманан гостуруолга бардыбыт. Вася сыана машиниһынан барсыбыта. Мин Күннэйи, Маша Николаева Оскуо диэн сайылык уолун оонньуура. Арай саамай тыҥааһыннаах сыанабытыгар Сыкына, Буойа буолан ытаһа олордохпутуна, Маша оннугар Вася киирэн кэллэ. Киинин үөһээ эрэ өртүнэн кып-кылгас, дыры-дыыдаччы ыбылы туппут ырбаахылаах, сиэҕэ тоҥолоҕун эрэ аһарар, тобугар диэри ыстааннаах, олох дьиҥнээх сайылык оҕото. Киинэ көстө сылдьар, өссө киинин хап-хара гына гирииминэн сотон кэбиспиттэр. Бэйэтэ олох күлбэт, килэччи көрөн баран турар. Соһуйдубут аҕай, кыргыттарым тулуйа сатаан баран күлэн тоҕо бардылар. Мин кыатана сатаатым да, кыаллыбата, эмиэ күлэн тоҕо бардым. Саала олох уҥа сытар, ыксаан быыспытын саптахпыт дии. Итинник араас күлүүлээх түбэлтэлэр айаҥҥа сылдьан баар буолааччылар. Вася тыйаатыр үлэтин барытын толороро. Ол быыһыгар өссө оонньуура. Тыйаатыр артыыстара бары да саба түһэн барытыгар көмөлөһөллөрө, талбыт үлэни толороллоро. Онно биир да кэппиэйкэни төлөөбөттөр этэ. Бары да оннук буолуохтааҕын курдук саныырбыт.
Христофор испэктээкиллэргэ эмиэ оонньуура. Кини оонньуурун кулиса быыһыгар туран көрөн күлэн быара суох буолааччыбыт. Ордук эмээхситтэр оруолларын оһуобайдык толороро. Кыратык да киирэн тахсар оруоллары ис-иһиттэн ылынан, хомуллан чаҕылхайдык толороро. Аны гириимнэнэригэр биһиги курдук остуолга олорбокко, сиэркилэҕэ көрүммэккэ эрэ тарбахтарын гириимҥэ батары биэрээт сирэйигэр туочука-туочука оҥоттуура, онон бүтэрэ. Хата бэртээхэй гириим буолан тахсара. Хайа баҕарар оруолу, кэмиэдьийэтиттэн трагедиятыгар тиийэ кыайа тутан толороро. Гостуруолга сылдьан икки күн испэктээкил, үһүс күнүгэр хайаан да кэнсиэр көрдөрөрбүт. Кэнсиэрпит бырагыраамата киэҥ буолара, араас жанр барыта баара, пантомиматыгар, оригинальнай жанрыгар тиийэ. Ырыа, үҥкүү, сценкалар тустарынан этэ да барыллыбат. Хайа уонна Христофор Максимов илэ бэйэтинэн кыттара. Саамай бүтэһик тахсан былааһы ылара. Саала иһэ ньиргиэрдээх ытыс тыаһынан оргуйа олороро. Христофор кэнсиэр иннинэ распевкаланан, күөмэйин сылытан дьарыктана турарын олох өйдөөбөппүн. Байаанын иннигэр иилинэн баран, хаста да хаахтыыр уонна кумахха баран силлиир, бүттэҕэ ол. Араас тымныы кулууптарга оонньуур этибит да, биирдэ эмэ күөмэйэ ыалдьыбытын өйдөөбөппүн. Антоновка кулуубугар буолбут кэнсиэркэ мин Христофордуун “Аадьыгыдьык-ыыдьыгыдьык” диэн ырыанан дуэттааммыт, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан, сыанаттан нэһиилэ куоттубут, олох ыытыахтарын баҕарбаттар. Онно үөрдэ да этэ. “Аны эн биһикки дуэттыыһыбыт!” – диэн үөрдүбүтэ. Ол эрээри, ол кэнниттэн мин тыйаатыртан барбытым.
Христофор дьиэтигэр-уотугар сытыары-сымнаҕас майгылаах аҕа, кэргэн этэ. Оҕолорун, кэргэнин Христина Васильевнаны наһаа таптыыра. Биирдэ эмэ “аһаан” кэллэҕинэ, “Чыычаахтарым, күҥҥэ көрбүттэрим, көмүстэрим!” – дии-дии һыллаталаан ылаттыыра уонна лэбэрдээбэккэ, хоһугар киирэн утуйан буккураан хаалара. Христина Васильевна Христофорун наһаа өйдүүрэ, харыстыыра, араҥаччылыыра. Тыйаатыр үлэһиттэригэр, анаан Степан Васильев аатынан уулуссаҕа 2 этээстээх, 2 подъезтаах саҥа дьиэни тутан биэрбиттэрэ. Биһиги иккис подъезка, маҥнайгы этээскэ олорбуппут. Христофордаах бу подъез иккис этээһигэр олорбуттара. Бырааһынньыкка наар биһигини ыҥыран аһаталлара. Кэргэним Савва Амма буолан аймаҕыргыыра. Улахан кыыспыт Саргы олох быыкаайык, биирин эрэ ааспыт оҕону Трофимнаах Кеша бүөбэйдээн биэрэллэрэ. Хаартыскаҕа олох түспэт эбиппит. Тоҕо эбитэ буолла? Билигин хайдах эрэ хомойо саныыбын. Вася кэлин Хабаровскайдааҕы култуура институтун режиссер отделениетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Хомойуох иһин, 30 сааһыгар ыалдьан олохтон туораан, режиссер буолар баҕата туолбакка хаалбыта. Надялара 22 эрэ сааһыгар, убайын кэнниттэн 7 ый буолан баран эмиэ ыалдьан суох буолбута. Олох иэдээннээх охсуута. Бу төрөппүт дьоҥҥо төһөлөөх ыар сүтүгүй? Сахалар “дьахтар эр киһитээҕэр тулуурдаах, бары ыарахаттары, олох охсуутун барытын хачаайы санныгар уйан, мөккүһэн туран этэҥҥэ аһарар” дииллэринии, Христина Васильевна барахсан хаалбыт оҕолорун Трофимнаах Кешаны, оҕонньорун санаан, харыстаан тулуйар, кинилэр тустарыгар олорор. Христофор оҕолорун сайыһан ордук иэдэйбитэ. Ытыы сылдьар буолбута. Сыанаҕа кыыһын туһунан ыллыы туран хараҕын уутун кыайан кыаммакка, бөтө бэрдэрэн туран хаалара. Кинини таптыыр, киниэхэ сүгүрүйэр сахатын дьоно олус үчүгэйдик Христофору өйдүүллэрэ, бырастыы гыналлара. Христофор оҕолорун кэнниттэн өр барбатаҕа, оҕолорун аһыытын тулуйбатаҕа. 2 эрэ сыл буолбута…
Христина Васильевна тулуктаһан, сүүрбэ сыл олорбута. Кини ийэ, кэргэн быһыытынан олох төһөлөөх уустук очурдарын тулуйан кэлбитэ буолуой? Христофорун сүтэрэн баран, суохтаан, соҕотохсуйан дэлэҕэ да “Итирэн-итирэн баран киирэн кэлэрэ буоллар!” – диэ дуо? Бу ис сүрэхтэн тахсар, элбэҕи этэр сүрэх кыланытыын хаһыыта этэ!
Билигин икки уолаттара Кеша уонна Трофим тапталлаах аҕаларын үрдүк үтүө аатын үйэтитэн, 2006 сылтан “Саха АССР үтүөлээх уонна норуодунай артыыһа Христофор Максимов аатынан” пуонда тэрийэн үрдүк таһымнаахтык үлэлэтэ сылдьаллар. Пуонда сыала-соруга – дэгэрэҥ ырыаны, саха ырыатын-тойугун үйэтитии буолар. Пуонда үлэтэ-хамнаһа киэҥ далааһыннаах, араас хайысханан барар, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын хабар, бииргэ үлэлиир. Били ньээҥкэлэһэр кыыстара Саргылана Саввична убайдарын кытары тэҥҥэ үлэлэһэр, көмөлөһөр. Саха бар дьоно уолаттарынан киэн туттар, үөрэр уонна кинилэргэ махтанар. Христофор олоҕу, күнү олус таптыыра. Ол иһин, кини ырыалара сырдык, санаа түһүүтэ суох, инникигэ эрэли үөскэтэллэр.
Мин олорор уокурукпар Автодорожнай уокурук бэтэрээннэригэр дыраама куруһуогун тэрийэн үлэлэтэ сылдьыбытым. Онно 2013 сыллаахха “Күнү олус таптыыбын” диэн Христофор Максимов ырыаларынан музыкальнай дьүһүйүү-испэктээкил суруйан, режиссердаан туруорбутум. Ити сыл муус устар 7 күнүгэр Аммаҕа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи 3-с тыйаатыр бэстибээлигэр кыттан, Христофор Максимов аатынан номинацияҕа тиксибиппит. Бэстибээл П.А.Ойуунускай 120 сааһыгар анаммыта. Бу дьүһүйүүбүтүн араадьыйаҕа уһуланнар эпииргэ тахсыбыппыт. Араадьыйаны истээччилэр көрдөһүүлэринэн хаста да хатыламмыта. Билигин пуондаҕа хараллан сытар. Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын бырагырааматыгар киирэн, “Күнү олус таптыыбын” диэн Христофор ырыаларынан музыкальнай дьүһүйүү-испэктээкилбитин ситиһиилээхтик көрдөрөн, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыппыт. Маны таһынан култуура кэллиэһигэр тиийэн эмиэ көрдөрбүппүт.
Христофор Максимов дэгэрэҥ ырыалара умуллан, симэлийэн хаалбакка, күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаах, өссө сайдан, үүнэр эдэр көлүөнэлэргэ, уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан уостан түспэт, хас биирдии киһи дууһатын кылын таарыйан тупсарыллан иһэр. Онон, Христофор Максимов тыыннаах. Кини ол аата олоҕун таах олорботох, олох иһин таах охсуспатах эбит. Христофор Максимов 100 сааһын өрөспүүбүлүкэ киэҥ далааһыннаахтык сылы быһа араас хайысханан үрдүк таһымҥа бэлиэтээтэ. Бу саха дьоно-сэргэтэ Христофор Максимовка тапталларын, кэриэстэбиллэрин туоһутунан буолар.
«Саха сирэ»,edersaas.ru анаан Прасковья АДАМОВА