Ырыаһыт аналлаахпын (кэпсээн)

26.06.2018
Бөлөххө киир:

«Олох сылааһа суох буолбат».

Саха өһүн хоһооно.

Дьэбиннирбит миискэни остуол үрдүттэн кирдээх сирэйдээх, арбайбыт баттахтаах үс саастаах кыыс оҕо сулбу ойутан ылла уонна токуруйбут ньуосканан биир кэм тылыгыратан оонньоото.

— Ньуукаа, һыллыый, тохтоо, түксү!.. Оо-дьэ, бу дьээдьэ остуолу эмиэ тоҕу солоон барбыт, тугу да ордорботох… — диэн көөҕүнэс куолаһынан саҥара-саҥара, саас ортолоох, кылгас эр киһи курдук баттахтаах саха дьахтара хостон оргууй баадаҥнаан тахсан кэллэ.

Кыараҕас мас дьиэ иһигэр, бу оҕоттон уонна киниттэн ураты ким да суох. Дьахтар исбиэскэтэ түһэн бараммыт оһох иннигэр табааҕын уматынна.

—  Маа, манньа! Ньамньаа-ньамньаа!.. – кыра кыыс оҕо били миискэтин ийэтин иннигэр ууран кэбистэ.

— Бээ-бээ, тохтоо-тохтоо! Мама табахтаан бүттүн… онтон хааһы кутан биэриэм… Бу дьээдьискэ «аспытын» бүтэрэн барбыт, кэллэҕинэ иэнин хастыам!

Бу дьахтар – Галина диэн ааттаах уруккута муусука учуутала этэ, билигин сааһа отут түөрдэ. Оҕо дьиэтигэр иитиллэн баран, музыкальнай училищеҕа уон алта сааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол кэннэ, бу нэһилиэккэ музыка уруогун салайааччытынан ананан кэлбитэ. Сүүрбэ сааһыгар син биллэр ырыаһыт, мелодист курдук дьон-сэргэ ортотугар биллэн-тахсан испитэ. Түөрт сыл үлэлээн баран, Бүөккэ диэн хачыгаар киһиэхэ кэргэн тахсыбыта.  Дьэ ити кэннэ, бу ааспыт уон сыл иһигэр, кини олоҕо букатыннаахтык уларыйбыта.

Эдэр ыал нэһилиэк иһигэр баар уопсай дьиэҕэ, биир хостоох кыбартыыра курдукка киирбиттэрэ. Син ыал-ыал курдук үлэлээн, бур-бур буруо таһааран нус-хас олорбуттара. Биэс сыл иһигэр дьахтар оҕоломмотоҕо. Ол аайы Бүөккэ онтон сылтаан, күнтэн күн сирэй-харах анньара үксээбитэ, тиһэҕэр тиийэн арахсарга диэн тыл киллэрбитэ. Дьахтар Бүөккэттэн туспа көһөн барбыта, биир кып-кыра хоско олохсуйбута. Ол олорон үгүс дьүөгэни, табаарыһы мунньар идэлэммитэ. Күнү-күннээн кэмэ суох арыгылыыллара, хаарты оонньууллара элбээбитэ. Галина ол аайы гитаратын хостоон, уруккуну-хойуккуну ахта түһээри, мэлдьи ырыа ыллыыра. Кини куолаһа олус ис-киирбэх, били этэргэ дылы «академическай» этэ. Ол быыһыгар кулуупка ыҥырыллан кэнсиэртэргэ кыттара. Сотору кэминэн, Галина аһары элбэхтэ үлэтигэр арыгы сыттаах аҥылыйан кэлбититтэн сылтаан уонна үгүстүк уруогун көтүппүтүн иһин учууталлыырыттан уһулбуттара. Ол иһин, маҕаһыыҥҥа муоста сууйааччынан үлэлии киирбитэ.

Баҕар, дьахтар көнүө эбит да, күн ахсын кэлэ турар атастары-доҕоттору кини сатаан аны тэйитэр кыаҕа суоҕа. Сатаатар бытыылка кыбыныылаахтарын көрдөҕүнэ ымсыыран тугу гынарын билбэт буолан хаалара. Ол сылдьан, Галина «алҕас» хат буолбута. Доруобуйата мөлтөҕүнэн сибээстээн, балыыһаҕа киирбитэ. Онно сытан, хара баттахтаах, кыаһаан сирэйдээх, сап-саха кыыс оҕону төрөппүтэ.

Биир мэлдьи булсар «атаһыгар» Баанньа диэн түөрт уон саастаах эр киһиэхэ көтөн түспүтэ уонна: «Оҕо оҥорон баран, дьиэҕэр миигин уонна кыыспытын олордор буоллаҕыҥ», — дии-дии алта да алта иэннээх кыра мас дьиэҕэ күүһүнэн кэриэтэ олохсуйа киирбитэ. Онтон ылата, бу билигин, үс сыл ааста.

«Кыра-кыра, кып-кыра,

Мааны-мааны мап-мааны,

Орой-мэник туллукчааным

Кыракый кыысчааным…» — Галина киҥинэйэн ыллыы-ыллыы оҕотун көтөҕөн ылан баран, урукумуонньукка илдьэн илиитин сууйда. Тыбыс-тымныыга үөрэнэн хаалбыт оҕо, саккыраан түһэр уунан ыһыахтана оонньообутугар ийэтэ:

— һыллыый, бээ-эрэ, илиигин сүгүн суун эрэ! – диэн кыыс илиитин таһыйда.

Оҕо мэниктээбит дьүһүнэ суох буола түстэ. Маамата кыыһырдаҕына соччото суох буоларын өтө билэр этэ.

Галина, кыыһын лоп-бааччы олордон баран, холодильниктан бэҕэһээҥҥи сойон хаалбыт хааһыны хостоото. Бу кэмҥэ дьиэ иһигэр тымныы салгыны бүрүммүтүнэн Баанньа киирэн кэллэ.

— Хайа, доҕоор! «Аскын» бүтэрэн баран барбыккын! Тугу эмит бүгүҥҥүгэ аҕаллыҥ дуо?

Дьахтар кытыы уурбут куруук туттар хобордооҕун сулбу тардан ылаат, кырыаран бытыгын сотто турар эр киһиэхэ ынан тиийдэ.

— Бээ-бээ, Галочка, бу бүгүҥҥүгүн аҕаллым… — эр киһи титирэстии-титирэстии, дьэп-дьэҥкир бытыылканы остуол үрдүгэр уурда.

Галя ону көрөн, уҕарыйа быһыытыйда уонна  олорон эрээритин, кыра ньуосканан оҕотугар хааһы сиэтэн барда.

— Оттон килиэп атыыластыҥ дуу?

— Атыылаһан-атыылаһан, бу арыыны кытта саахыр аҕаллым… ийэм ыытта…

— Чэ, бэрт-бэрт… Туруоҥ дуо?! Киирэн оһоҕу отун, чаайдыахпыт этэ буолла5а дии. Арба, ол ийэҥ биэнсийэтэ аны хаһан кэлэр үһү?!

— Аны эһиэхэ тугу да биэрбэппин диэтэ…

— Хайдах тугу да биэриэ суоҕай?!

—      Эппиэкэлэр дуу, сахтар дуу оҕобутун былдьыыллар үһү. Онон «пенсияны аны бэрсибэппин, ол кэриэтин аһынан-үөлүнэн көмөлөһүөхпүн сөп» диэтэ.

Баанньа тас таҥаһын устан, оһох иннигэр сытар мастарынан уоту оттон күүдэпчилэттэ. Галина түргэнник туттан-хаптан остуолга чэй тарта уонна устуопкалары кэчигирэтэн уурталаата.

— Абааһы эппиэкэлэрэ оҕобун былдьаары гыммыт буола-буолалар. Кинилэргэ биэрэн бэрт…

Дьахтар килиэп быһан баран, сытырҕалаат да, куттубут арыгытын хантатан кэбистэ. Баанньа киниэхэ эмиэ кыттыста. Арай, кыра кыысчаан топпут киһилии, хоско сүүрэн киирдэ уонна онон-манан ыһылла сытар эбээтэ бэлэхтээбит оонньуурдарынан оонньоон барда.

Дьэ саҥа ууларыгар-хаардарыгар киирэн «аһаан» эрдэхтэринэ,  ааннарын ким эрэ симик соҕустук тоҥсуйар тыаһа иһилиннэ. Галина туран арыйа баттаабытыгар, арай, кыһыл пуух кууркалаах, саһыл бэргэһэлээх эдэр кыыс чоҕулуччу көрөн турар эбит.

«Тугуй?»  — Галина дьиктиргээн, иннигэр турар киһини үөһэттэн алларааҥҥа диэри барбатах балык миинин курдук харахтарынан одууласта.

— Дорооболоруҥ, миэхэ Галина Дмитриевна наада… — диэн анарааҥҥыта чобуотук саҥарда.

Дьахтар бэйэтин толору аатын истэн өссө дьиибэргээтэ.

— Баарбын. Туох наада?

— Мин кулуупка саҥа худруктуу кэлбит исписэлииспин. Нарыйа диэммин… эһиги ыллыыр үһүгүт дии.

— Ону тугуй?

— Нэһилиэги түмэр кэнсиэр оҥороору гынабын даҕаны, ырыаһыттарым тиийбэттэр…

— Онон?

— Оттон ити…

— Оо-дьэ, бу оҕо дьиэни тымнытта. Кэбис, иһирдьэ киир!

Галина тымныы салгын дьиэ иһигэр талбытынан курдаттыырын көрөн, кыыһы иһирдьэ киллэрдэ. Нарыйа киирэн баран, дьиэ ис барааныгар кыһаммакка туох сыаллаах-соруктаах кэлбитин кэпсээн барда.

— Баһаалыста ол кэнсиэркэ кэлэн икки дуу, үс дуу ырыаны ыллыаххыт дуо?

Галинаны кэнсиэркэ кытыннара ыҥырбатахтара күтүр өр буолбут этэ. Арааһа, түөрт дуу биэс дуу сыллааҕыта, гитаратын туппутунан ыһыахха баран эрэр быһыылааҕа. Онно даҕаны холуочуйан хаалан, дьон болҕомтотун тарпат гына ыллаабыта. Оттон билигин, олоҕо-дьаһаҕа барыта таҥнары түһэн, аны хаһан да үөһэ тахсыбат дириҥэр сырылаан эрдэҕинэ, ханнык эрэ саҥа үлэһит кыыс ыллатаары сылдьар! Галина туох диэн эппиэттиэҕин билбэккэ, мух-мах буолла, кэтэҕин тарбанна. Кини ыллыыр баҕа санаата баар бөҕө буоллаҕа дии, ол эрэн көрөөччүлэр – бүтүн нэһилиэк дьоно, кинини хайдах ылыныахтарай? Өр кэмҥэ сүтэн баран быган-көстөн кэлэрин туох дии саныахтарай?

— Чэ, сөп… кэнсиэриҥ хаһан буоларый?

— Отут биирис чыыһылаҕа… Онуоха диэри репетицияҕа кэлиэххин сөп. Сабыс саҥа аппаратура баар. Барыта үчүгэй. Микрофоннар эмиэ саҥалар.

— Хаһан репетицияҕа тиийиэхпин сөбүй?

— Бүгүн да кэл. Икки чаастан арыллабыт…

— Сөп… чэ, тиийиэм…

Галина кыыс тахсан барбытын кэннэ тугу гыныан, ханна барыан билбэккэ, долгуйан, кыараҕас дьиэ кырааската суох муостатын устун төттөрү-таары хаамыталаата.

— Галочка, чэ, кэл олор! Продолжайдыахха…

— Баанньа, миигин аралдьытыма! Бээ, ханнык ырыаны ыллыырым буолла?..

Дьахтар оонньуу сылдьар оҕотун тиийэн көтөҕөн ылла, түннүгүнэн таһырдьаны көрүтэлээтэ… Хаһан да кинини улаханнык сыллаабатах-уураабатах бэйэтэ, хайдах эрэ ис иһиттэн иэйиитэ уһуктан, кыыһын Людочканы атаахтатыах санаата киирдэ. Настарыанньата соһумардык уларыйбыт ийэтин бэлиэтии көрөн, кыыс оҕо өрө бара-бара күлэн чаҕаарда.

«Кып-кыра, кып-кыра

Күөрэгэй-күөрэгэй,

Күөх оттон, күөх оттон,

Күүс ылан, күүс ылан,

Күөрэйэр-күөрэйэр… Ээ, суох наһаа судургу ырыа. Онтон маннык…

Чээним-чээним кыысчааным,

Чэмэлийэр чыычааҕым,

Чээйиий, хааман тоотойууй,

Чэпчэкитик эн дайыый!», — диэн күөмэйин оҥосто-оҥосто Галина оҕотун сиргэ түһэрэн баран, икки ырыаны ыллаан көрдө.

— Хайдах эйиэнэ барыта оҕо туһунан ырыа буоларый?!

Баанньа соһуйан, мээнэ санаата көтөҕүллүбэт ойоҕун көрөн сөрү диэн сөхтө, бэри диэн бэркиһээтэ.

— Уонна туох туһунан ыллыахпын сөбүй?

—  Оттон таптал туһунан?..

— Ээ суох! Таптал диэни итэҕэйбэппин! Туох эмэ атын темата бул эрэ!

Галина хайдах ырыаны ыллыырын билбэккэ, муммут кус оҕотун курдук көрүтэлээтэ.

— Төрөөбүт дойду туһунан ыллаабаккын дуо?

— Суох! Төрөөбүт дойдуну санатыма! Мин дойдубун саныахпын да баҕарбаппын.

— Оччоҕо?.. Хайдах ырыаны сөбүлүүгүнүй оҕоҕо аналлаахтан ураты? Бэйэҥ айбыт ырыалардаах этиҥ дии, ону ыллаарыый!

— Суох!! Барыта таптал туһунан. Ол тапталым барыта – сымыйа! Барыта кутаа уот курдук умайбыта!

— Чэ кэбис, кэл, туһата суох! Буоккачааммытын салгыы иһиэх!

Галина Баанньа остуолга ыҥырарыттан бу устар олоҕун тухары аан бастакытын аккаастаныах санаата киирдэ. Хаһан да кини «аһыы утахтан» туора туран биэрбэтэҕэ. Арай, туох эрэ кэрэни дуу, олохтооҕу дуу айар-тутар иэйии күөйэ тутта. Муннука ыйанан турар эргэ гитаратын ойутан ылла. Устурууналарын оҥорон көрбүтэ буолла уонна бытаан соҕус мелодияны таһаарда. Ону кытта тэҥҥэ киҥинэйэн ыллаата:

«Хаһан мин бу олохтон

Ырааһы, сырдыгы, кэрэни,

Ылҕаан ылыахпыный?

Хаһан бу дьылҕабыттан

Хара сурааһыны, оспот бааһы,

Сотон кэбиһиэхпиний?..».

— Бээ, Галочка, туох интириэһинэй ырыаны ыллаатыҥ? Бэйэҥ айдыҥ дуо?

Баанньа дьиктиргээн, Галина таһыгар кэлэн олордо. Людочка хаһан даҕаны ийэтэ маннык кэрэтик ыллаабатаҕын истэн, мэниктии сылдьыбыт бэйэтэ чуумпуран ах баран хаалла.

— Баанньа, Баанньа! Түргэнник илиистээх кумааҕыта аҕалан кулу! Кытаат!

Дьахтар гитаратынан оонньоон, эмиэ бэрт кэрэ мелодияны таһаарда. Баанньа долбууртан эргэ харандаас дуомун уонна килиэккэ тэтэрээт илииһин аҕала оҕуста. Онуоха Галина ону сулбу тардан ылла уонна гитаратын ойоҕоһугар ууран үгүһү-элбэҕи суруйбутунан барда. Ким эрэ туораттан уруок ааҕарын куоттарбакка сатыыр киһи курдук түргэнник элэҥнэтэн хоһоон суруйда. Ол кэннэ, илииһи аттыгар уураат, эргэрбит гитаратын тыаһатан барда уонна саҥа айбыт ырыатын ыллаан эйээриттэ:

«Тулалыыр миигин сымыйа таптал,

Хаһан да араҕыа суох күүстээх баттал,

Ыҥырар миигин хараарбыт кырдал,

Угуттуур ыар нүһэр куттал.

Ол эрэн, баар ээ, син-биир эрэл,

Бүгэн сылдьар дьикти итэҕэл,

Уһуктуом утуйар уубуттан,

Саспыт хараҥа хаппахчыбыттан…».

Галина намыһах, ол эрээритин киһи дууһатын долгутар сөҥ куолаһа дьиэни биир гына ылан кэбистэ. Баанньалаах Людочка истибэтэхтэрин истэн, көһүппэтэхтэрин көрөн, бастаан утаа чуумпуран хааллылар. Чочумча, ким да тугу да саҥарбата.

— Хайа, хайдаҕый?

— Галочка, олус да үчүгэй!! Хаһан эрэ эдэр сылдьан сыанаҕа тахсан кыбыста-кыбыста ырыа ыллаабыккын санаан кэллим.

— Дуо? Мин оннук уһулуччу үчүгэйдик ыллаатым дуо?

— Оннук-оннук!

— Чэ, сөп… гитарабын эргэ да буолбутун иһин илдьэ барабын. Бээ, тугу таҥнабын, тугу кэтэбин?

Галина хос иһигэр киирэн, ыскаабыттан туох-баар мааны таҥаһын көрдөөн сыымайдаата. Арай, аҕыйах ыстаантан уонна ырбаахыттан ураты тугу да булбата. Онтон оронугар олорон санаарҕаабыттыы биир сири тобулу одуулаата. Чочумча буолаат, саамай сана көрүҥнээх джинсы бүрүүкэни уонна хара сибиитэрэни сулбу ойутан таһааран кэттэ. Ол кэннэ, биир саҥата суох тас таҥаһын үрдүнэн-аннынан таҥнан, гитаратын сүгэн баран таһырдьа ойдо.

*****

Оруобуна икки чааска Нарыйа сүүрэн элэстэнэн кэлэн кулуубу арыйа баттаата. Уоту-күөһү уматан баран, үрдүк сыанаҕа таҕыста, кулиса ойоҕоһугар баар аппаратураларын холботолоото. Ол кэннэ ыскылааттан икки гитараны хостоото, быылын сотто.

— Өссө төгүл дорообо!!

Галина күүстээх куолаһа сааланы биир гына толордо. Нарыйа соһуйан чиккэс гына түстэ.

— Ура! Кэллигит диэ?

Кыыс үөрэн дьолломмут көрүҥнэннэ.

— Таак,  короче саҕалыахха.

Дьахтар тэлэгириэйкэтин устан, гитаратын хостоон, сыана үрдүгэр ойон таҕыста. Иннигэр кэккэлэспит кириэһилэлэрдээх кураанах сааланы көрөн туран  дириҥник үөһэ тыынна уонна манна сана үлэлии кэлэн баран, эдэр кыысчаан сылдьан бастаан ырыа ыллаабытын санаата. Оччолорго наһаа да үчүгэй этэ! Таптал туһунан нарын, бытаан ырыалары ыллаатаҕына дьон күүстээх ытыс тыаһынан махтанара. Эдэр уолаттар кини намчы бэйэтин төһөлөөх нохтолоох сүрэхтэринэн сөбүлүү, харахтарынан хайгыы көрөллөр этэй?

«Ааспыт олоҕум куоппут суола,

Төннөн кэлэн ириэриий!

Нарын таптал сүппүт имэҥэ,

Сүрэхпин ыллатыый!…» — диэн Галина туох баар иэйиитин уһугуннаран, ис иһиттэн иччилээхтик, сөҥ куолаһынан, уота өлбөөрбүт харахтарынан кураанах саала сиэрэй истиэнэлэрин көрө-көрө ыллаан-туойан барда. Хайдах эрэ, саҥа микрофоҥҥа ырыата, гитара дьүрүскэнэ өссө күүскэ дуораһыйан иһилиннэ. Кини олохтон көрдөөбүт дьолун мүлчү тутан куоттарбытын, тапталтан кэлэйбитин, ыарахан дьылҕатыттан санааҕа ылларбытын барытын бу кутуллар ырыатыгар тиһэн истэ.

Харахтарын симэн, туох эрэ дьикти турукка киирэн, ыллаан дуораһыта турар Галинаны көрөн Нарыйа саҥата суох олордо. Сүрэҕэ сүр күүскэ битигирээтэ. Дьахтар ыллаан тохтообутун кэннэ, маҥнай утаа, кураанах саала ырыа ой дуорааныттан чөлүгэр түһэрдии чуумпуран турда. Онтон:

— Галина Дмитриевна! Эн адьас ураты кэрэ, дьикти ырыаһыт эбиккин! – диэн Нарыйа үөрүүтүттэн уонна ураты иэйиигэ куустарбыт Галина ырыатыттан, бүгүн кини олоҕун көрбүт хартыынатын дьүөрэлии тутан, улаханнык долгуйан куолаһа титирэстээтэ, ытыһын таһынна.

Дьахтар гитаратын имэрийдэ, маннык хайҕалы истибэтэҕэ ырааппыт буолан тугу эппиэттиэҕин да булбата. Туох да саҥата-иҥэтэ суох саҥа аппаратуралары кэрийэн көрүтэлээтэ. Ол кэннэ өссө икки ырыаны ыллаата. Ити эрээри, кэнсиэр кэмигэр хайдах таҥнан-симэнэн, оҥостон тахсыаҕын билбэккэ иһигэр мунаахсыйда.

— Нарыйа, арба мин сыанаҕа кэтэр таҥаһым-сабым суох…

— Галина Дмитриевна, оттон эн кимтэн эмэ уларсан көр ээ. Кэнсиэр буолара өссө да түөрт хонук баар.

Бу түгэҥҥэ ырыаһыт дьахтар бэркэ диэн тапсар, айах атан кэпсэтэр, сэлэһэр, тэҥҥэ «асаһар» дьүөгэтин Дуунньаны өйдүү биэрдэ. Кини син ньир-бааччы олорор. Бииргэ төрөөбүт эдьиийин уонна кэргэнин көмөтүнэн аһаан-сиэн, таҥнан-симэнэн сылдьар. Маны таһынан, хаартыга сэрэбиэйдээн дьонтон эбии харчы «өлөрөр» үгэстээх. Онон, киниэхэ таҥас-сап сыыһа көстөр буолуохтаах.

Галина ыллаан-туойан баран, били, «дьүөгэтигэр» тиийдэ. Сиэрэй исбиэскэнэн бүрүллүбүт, син улахан дьиэ олбуорун таһыгар Дуунньа ийэтэ хаары сиппийэ сылдьар эбит.

—  Дорообо, эбээ Ааныс!

Онуоха эмээхсин кини диэки хайыһан баран, дьүһүн кубулуйа түстэ уонна сиппиирин көтөхпүтүнэн утары хааман кэллэ.

— Дьэ, соруоха дьахтара! Эмиэ Дуунньаны иирдэ кэллиҥ дуо?! Бар, дьүгэлий! «Эрдэргин» кытта баран «аһаа-сиэ»! – дии-дии Ааныс Галинаны ойоҕоско охсуолаата. Маннык буолуохтааҕын дьахтар билэр этэ, ол иһин сирэйин-хараҕын бүөлэнэ-бүөлэнэ, син-биир дьиэ иһигэр дьылыс гынан хаалла.

Көтөн түспүтэ, «дьүөгэтэ» ыаллыы дьахтарын кытта чэй иһэ олорор эбит. Кини киирбитин көрө түһээт, Дуунньа күлэ-үөрэ олорбута ханан да суох буолан хаалла.

— Хайа? Туохха гитараланан баран иһэҕиҥ?.. Мин арыгыбын быраҕаары сылдьабын… испэппин!

— Дуунньа, мин сии-аһыы кэлбэтим ээ! Биир көрдөһүүлээх кэллим!

— Килиэбим суох, арыы эмиэ суох!

— Суох оннугу көрдөһө кэлбэтим. Мин кэнсиэргэ кыттар буоллум. Онон миэхэ баһаалыста былааччыйата уонна түүппүлэтэ уларыс эрэ…

Дуунньа оннугу эрэ истэм диэбэтэх буолан  наһаа соһуйда, хойуу хааһын үөһэ таһаарда уонна Галина сирэйин-хараҕын одууласта.

— Һа!! Сымыйалаан бүт! Миигин хаадьылыы кэллиҥ дуо?!

— Суох Дуунньа, оннук буолбатах… кырдьык этэбин. Кулуупка саҥа кыыс кэлбит. Кини миигин кэнсиэргэ кытыннараары гынар. Бу бэлэмнэнэн баран иһэбин.

— Кыыс, эдэр сааскар түһээри гынныҥ диэ? Чэ, киир! Биир хара былааччыйа баар буолуохтаах. Ол эйиэхэ барсыаҕа…

Дуунньа Галинаны хоско киллэрэн, ыскаабыттан били эппит былааччыйатын хостоото. Ону ылан Галина кэттэ, сиэркилэҕэ көрүннэ. Хата, оруобуна эбит. Онон-манан кылабачыгастааҕа Галинаны биллэ тупсарда. Бу кэмҥэ таһырдьаттан үлэтин түмүктээн, Ааныс эмээхсин киирдэ уонна Дуунньа былааччыйатын кэтэн маанымсыйа турар дьахтары көрөн, кыыһыран сирэйэ кытарда.

— Соруоха дьахтара! Аны мин Дуняшабар бэлэхтээбит былааччыйабын иҥэринээри сылдьаҕын дуо?!! Уһул түргэнник! Кирдээх эккинэн-сииҥҥинэн хаарыан таҥаһы буортулаары гынаҕын дуо?!

Ааныс эмээхсин уруккута олус кыыһырымтаҕай, киһи хараҕын да утары көрбөт учуутала этэ. Ол иһин киниттэн бары саллаллара. Билигин даҕаны кини дьиппиэрдик, тоҥкурууннук көрөн кэбистэҕинэ, бэрт сөҥ куолаһынан саҥардаҕына киһи эрэ куттаныах курдук. Галина Ааныс улаханнык кыыһырбытын көрөн салынна. Үрдүгэр субу саба түһүөх курдук турар эмээхсинтэн куотан, дьүөгэтин  былааччыйатын түргэн үлүгэрдик уста охсоот, бэйэтин таҥаһын кэтээт, таһырдьа ыстанна. Тымныы көй салгыҥҥа тахсан баран сонун уонна бэргэһэтин кэттэ. Гитаратын бобо кууһан ылла уонна кыйахаммыта, өһүргэммитэ бэрдиттэн, күрүө баҕанатыгар тоҕута сынньан кэбистэ. Устурууна тиһэх лыҥкыр тыаһа кылгастык иһиллээт, эргэ гитара хайыта ыстанна.

Галина кэлииккэни тыастаахтык быраҕан иннин хоту хаама турда. Барбахтыы түһээт, арыый уоскуйа быһыытыйан, кэнсиэргэ кыттыахтааҕын саныы түстэ уонна  гитаратын ылаары төттөрү сүүрдэ. Ол тиийэн аны хаһан даҕаны чөлүгэр түспэттии алдьаммыт, туһата суох буолбут үстүрүмүөнүн ылан түөһүгэр сыһыары тутта. Дьэп-дьэҥкир харах уута хатырбыт иэдэстэрин устун тохтоло суох сүүрдэ. Бу уон биэс сылы быһа харыстаан илдьэ сылдьыбыт, курус да, үөрүүлээх да түгэннэри бэлэхтээбит, дууһатын арыйбыт дьикти гитаратын, олоҕун бүүс-бүтүннүү эргитэ санаата.

«Хаарыан доҕорум! Мин саамай эрэллээх атаһым! Куһаҕан күммэр күн-ый буолбут, үөрүүлээх кэммэр санаабын көтөхпүт гитарам! Баһаалыста куһаҕан хаһаайкаҕын хом санаама!» — дии-дии «атаҕастаммыт» гитаратын кууһан олорон, Галина оҕолуу маккыраччы ытаата.  Бу курдук син өр олордо бадахтаах… Тымныы хаҕыс тыал быган тахсыбыт сүүмэх баттаҕын  талбытынан ыһа оонньообутун кэннэ, дьагдьайа быһыытыйбытын дьэ өйдөөн тура эккирээтэ уонна титэйбиттии дьиэтин диэки дьулурҕатык хааман барда.

Дьиэтигэр тиийбитэ, буоларын курдук, Баанньа доҕотторун мунньан аһаан-сиэн ыраатыннарбыттар. Оттон кыракый кыысчаана  хомойбуттуу умса туттан баран, сойон эрэр оһоххо көхсүнэн сыстан сэрбэллэн  тураахтыыр эбит. Галина маннык хартыынаҕа урут кыһаллыбат бэйэтэ, оҕочоонун көрөөт, эмискэ сүрэҕэ сүр ыарыылаахтык ытырбахтаата. Үөрэ-көтө, ымманыйа көрсөр атаскааннарыгар хорсуннук ынан тиийдэ:

— Арыгылыыр уйаҕытын булбуккут дии!! Сөп буолуо! Түксү! Барыҥ мантан! Барыҥ! — диэн хаһыытаата.

Остуолларыгар өрөһөлөнөн турар бытыылкалары тоҕо сотон түһэрдэ. Ону эрэ көһүппэтэх атастара тылларыттан матан, тугу да өйдөөбөтөхтүк мээлэнэн мэндээриччи көрөн олордулар. Иһит-хомуос тыаһа сүрдэннэ, арыллан турбут буокка сиргэ тоҕунна, туустаах оҕурсу, халбаһы куукунаны биир гына ыһылынна.

Галина хараҕын үрүҥүнэн көрбүтүн, сирэйэ-хараҕа уратытык кырыктаммытын, холоруктуу силбиэтэммитин хаһан да көрбөтөх атастара улаханнык салланнар, таҥастарын харбаат, аны хаһан да кэлиэ суох аатыран таһырдьаны былдьастылар. Оттон кып-кыра кыысчаан ийэтиттэн куттанан ытаан тоҕо барда. Онно эрэ Галина өй ылбыттыы эмискэ тохтуу биэрдэ уонна:

— Чыычааҕыам, көмүһүөм, оҕом сыыһа, Людочкаа! Маама эйиэхэ кыыһырбат, эйиэхэ кыыһырбат, тоойуом! — дии-дии оҕотун көтөҕөн ылан хам кууста, ытыы-ытыы сыллаата.

—Билигин оһохпутун оттуохпут, аспытын астаныахпыт уонна эн биһикки аһыахпыыт… — дии-дии Галина кыыһын уоскутан түөһүгэр сыһыары тутта, төттөрү-таары хаамыталаата.

Ити кэнниттэн, Баанньа оһох оттунна, онтон Галина дьиэтин сууйан-тараан баран, умуһахтан хортуоска таһааран буһаран сырылатта. Холодильникка турар арыгы бытыылкаларын ылан бөххө быраҕаттаата.

— Бу дьахтар, түөһэйдиҥ дуу?!! Баар суох күндү аспытын. Итинтиҥ харчыга кэлэр ээ! – дии-дии Баанньа арыгыларын харыһыйан тарбачыһан көрдө да, Галинаҕа хоттордо.

Бу киэһэ Людочка маҥнайгытын киһилии таҥынна, баттаҕа өрүлүннэ. Дьиэ харааран-барыаран турбута сырдаабыкка дылы буолла. Өтүүгү, сууйууну билбэтэх түннүк сабыылара уларыйдылар, испиэскэни көрбөтөх бороҥ оһох маҥхайан сандаара түстэ… Дьиэ иһигэр ураты иэйии илгийдэ.

Галина киҥинэйэн ыллыы-ыллыы киэһэ өһүөтүн одуулуу сытан, хаһааҥҥыта эрэ  үс миэтэрэ халлаан күөҕэ өҥнөөх атылааһы ыскаабын түгэҕэр ууран баран, дьолго, таһыччы умнан сытыарарын өйдүү биэрдэ. Кини бу таҥаһы үс сыллааҕыта, балыыһаттан тахсан баран, маҕаһыын кэрийэ сылдьан атыыласпыта.

— Хата, субу манан былааччыйа тиктииһикпин! — диэн туох да наһаа үөрдэ.

Тобугар диэри уһуннаах, аныгы истииллээх мааны былааччыйаны хараҕар ойуулаан көрдө. Онтон үөрэн манньыйда уонна утуйа сытар Людочкатын сүрдээх сымнаҕастык сыллаан ылла.

*****

Сарсыарда күн кылайа ойон, тупсубут дьиэ ис бараанын сабыылаах түннүк быыһынан сырдатта. Галина туран оһоҕун тигинэччи отунна, чэй өрдө, оҕотугар хааһы буһарда.

— Тыый, Галочка, хайдах маннык буолан хааллыҥ? – диэн Баанньа сибэкки ойуулаах халааты кэппит кэргэнин көрөн соһуйда.

— Таак, Баанньа! Бүгүн арыгылаабаккын! Кыыскын аһатан баран, үлэҕэр бараҕын. Онтон мин маҕаһыыны сууйан баран, эн ийэҕэр бара сылдьыам…

— Туохха?

— Иистэнэр массыынаны уларсыам…

Галина орто үөрэххэ үөрэнэ сылдьан, кэнсиэрдэргэ кыттарыгар таҥаһын бэйэтэ толкуйдуур этэ. Уопсайга бииргэ олорор дьүөгэтин аймахтарыгар баран таҥас тиктэллэрэ. Ол да иннинэ, Мохсоҕоллооххо оҕо дьиэтигэр иитиллэ сылдьан,  үлэ уруогар былааччыйа тиктэн биэс сыананы ылан турардаах.

Муостатын сууйа охсоот, Галина Мария Ньукулаайабына диэн Баанньа ийэтигэр ыксалынан сүүрдэ. Мэлдьи былаатын бобуонньуктуу баанан сылдьар сырдык, бааһынай эмээхсин Галинаны аан таһыгар уун утары көрсөн, соһуйан тиэрэ бара сыста. Киирбит дьахтартан кыратык да арыгы сыта кэлбэтиттэн муодарҕаата быһыылаах. Галина хайдах эрэ сирэйдиин-харахтыын сырдаабытын, таҥастыын-саптыын тупсубутун, ырааһырбытын эмээхсин тута бэлиэтии көрдө. Галина маҥнай утаа туох диэҕин, иистэнэр массыынаны хайдах этэн уларсыаҕын билбэккэ, андаатыра бэргэһэтин кум-хам кумалыы, биир сиргэ тэпсэҥнии турда.

— Мария Ньукулаайабына, мин эйиигиттэн хаһан да көрдөспөтөхпүн көрдөһө, ааттаспатахпын ааттаһа кэллим. Миигин кыыһырбакка, тымтыбакка тулуйан истэ түс. Мин бу нэдиэлэҕэ кэнсиэргэ кыттаары гынабын. Онно таҥаһым суох. Ол иһин, былааччыйа тиктиэхпин баҕарабын. Онон миэхэ баһаалыста иистэнэр массыынаҕын уларсыаҥ дуо? – диэтэ.

Эмээхсин хайдах эрэ үөрэ быһыытыйда, кэтэн испит сонун устан, дьыбаан таһыгар турар былаатынан бүрүллүбүт эргэ соҕус иистэнэр массыынаны арыйда.

— Чэ, кэл киир, эрийэн көр, — диэтэ сымнаҕастык.

Онуоха Галина үөрэн көнньүөрэ түстэ. Урут кинини наар мөхпүтүнэн көрсөр хотуна бу сырыыга бэрт эйэҕэстик көрсүбүтүттэн уоскуйа быһыытыйда уонна эргэ соҕус «Чайка» диэн иистэнэр массыынаны сүүрдэн көрдө. Хата, хайдах иистэнэрин умнубатах эбит.

— Ол гынан баран, бу массыынаны ханна да илдьэ барыма… Манна кэлэн тик, — диэтэ эмээхсин уонна Галина диэки хайдах эрэ ураты сылаастык, сымнаҕастык көрдө.

Мария Ньукулаайабына уолун сатамматах ойоҕуттан манныгы күүппэт этэ. Мэлдьи иһэр-аһыыр, үчүгэйэ суох олохтоох дьахтартан Баанньатын тэйитэ сатаабыта ырааппыта. Онто, Галина соһуччу туох эрэ оруннааҕы, туһалааҕы оҥорон эрэриттэн, кырдьаҕас киһи иһигэр сэмээр үөрэ санаабыта. Биирдэ кэлэн киһилии көрдөспүтүттэн иһигэр аһынна даҕаны.

Ол күн Галина оҕотун Людочканы, кэргэнин Баанньаны кытта ийэлэригэр көһөн кэлбиттэрэ. Кийиит  былааччыйата хайдах буолуохтааҕын илиискэ уруһуйдаабыта, матырыйаалын быспыта, ол кэннэ тигэн барбыта. Табыллымаары гыммытыгар Мария эмээхсин көмөлөспүтэ.

Кэнсиэр буолуо биир күн иннинэ Галина бэлэмнэнэ тиийдэ. Нарыйа уларсыбыт гитаратыгар оонньоон, ыллаан барда. Бу кэмҥэ кулуупка бэлэмнэниигэ дьон бөҕө кэлбит этэ. Галина ыллаан бүтэрин кытта, бары ытыстарын таһыннылар, үөрүү бөҕө буоллулар. Галина маннык хайҕалы истибэтэҕэ, билбэтэҕэ ырааппыт буолан, хараҕа уулана түстэ, наһаа долгуйда, үөрдэ, санаата көтөҕүлүннэ. Натааһа диэн оскуолаҕа бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, саха тылын уонна төрут культураны үөрэтэр эдэр дьахтар, тиийэн кэллэ:

— Галинаа, эйиигин сыанаҕа көрбөтөхпүт, ыллыыргын истибэтэхпин ырааппыт даҕаныы…, — диэтэ уонна кууһан ылла.

— Ыраатан-ыраатан, — дии-дии Галина кыбыстыбытын, долгуйбутун биллэримээри баттаҕын көннөрүммүтэ буолла.

— Мин эйиэхэ биири сүбэлиэм этэ, диэтэ онуоха Натааһа оргууйдук.

— Тугу?

— Куруутун онно-манна кыттар буол, оҕоҕун дьыссаакка сырытыннар уонна оскуолаҕа үлэлии төттөрү киириэххин баҕарбаккын дуо? — диэн соһутта.

Галина үлэҕэ ыҥырыахтара эрэ дии санаабатах буолан, долгуйан саҥатыттан матан хаалла. Туох диэн хардарыаҕын билбэтэ, онуоха куолайыгар туох эрэ кытаанах кэлэн бүөлүү туран кэбиспитин курдук буолла, бөтө бэрдэрдэ. Урут оскуолаҕа наһаа да үчүгэй кэмнэрэ ааспыттарын санаан, умса туттан ытаан барда. Кырдьыга, кини маннык дьол аны хаһан да эргиллибэт диэн эрэлин, итэҕэлин сүтэрэн сылдьара. Онто билигин? Билигин? Илэ дуу, түүл дуу? Хайдах хайдаҕый… Кинини оскуолатыгар төттөрү ыҥыран эрэллэр буолбаат…

— Галина, мин дириэктэр солбуйааччытынан үлэлиибин. Оскуолабытыгар муусука куруһуога суох.

— Оттон миигин үүрэн ыыппыккыт дии?

— Галина, эн аны иһимэ. Бачча хаарыан талааҥҥын туһаҕа таһаар. Мин сүбэбин ылын. Толкуйдан, — диэн сибигинэйэн баран, Натааһа сыанаҕа тахсан, микрофон иннигэр дьоһуннаахтык туттан туран туойан эйээриттэ.

Сарсыҥҥытыгар киэһэ «Истиҥ иэйии» диэн Нарыйа туруорбут кэнсиэрэ саҕаланна. Көрөөччу сааланы ыы-быччары гмустубут. Галина быыһы сэгэтэн көрөн баран, адьас сап-салыбырас буолуор диэри долгуйда. Мэктиэтигэр, гитаратын да сатаан туппат буолла. Биир хоско ойон киирэн хайдах да буолуоҕун билбэккэ  тэпсэҥэлии турда. Ол туран өйдөөн көрбүтэ, сыанаҕа тахсыахтаах дьон бары кырааскаламмыттар, оҥостубуттар, тупсубуттар ахан. Арай, кини эрэ тугу да оҥостубатах. Санаатыгар тэтэрдибэтэх иэдэһэ улахан сиэркилэҕэ харааран көстөргө дылы. Онуоха эбии кылгас баттаҕа бу көстүүтүн эбии буортулуурга дылы буолла. Ол турдаҕына:

— Арыгыһыт Галя манна тугу гына сылдьарый? – диэн эмискэ муннук диэки ханнык эрэ кыыс кимиэхэ эрэ сибигинэйэр куолаһа иһилиннэ.

— Дьахтара дьээдьэтэ биллибэт. Эрэйдээх кэнсиэр көрөөрү кэлбит дуу, харчы көрдөһө кэлбит дуу? – диэн ким эрэ эмиэ сибигинэйэн хардарда.

Маны истээт, Галя тулатыгар туох буола турара барыта бытааран хаалбыт курдук буолла. Кэннин диэки хайыһан көрбүтэ, икки эдэр кыыс биир ырыаһыт дьахтары киэргэтэ олороллор эбит. Кини диэки сүөргүлээбиттии көрөллөр, кынчарыйаллар. Галя оччолооҕу көрөн-истэн кэлбитэ буолуо да, хайдах эрэ итинтэн наһаа хомойдо. Ити тугу да билбэт кыргыттарга ынан тиийэн кыыһырыан-абарыан, тута түһэн биэртэлиэн баҕарда эрээри, кинини ким эрэ тохтоторун курдук буолла.

«Туохпун сүтэрэн мин балар ортолоругар кэллим?! Миэхэ бары куһаҕаннык сыһыаннаһаллар»  дии санаат таҥаһын харбаата уонна тас ааны былдьаста. Кыыһырбыт уоҕар Аан дойдуга барытыгар өстүйбүттүү туттан-хаптан сүүрэн элэстэнэн истэҕинэ, дириэктэр хоһуттан Нарыйа кумааҕы тутуурдаах тахсан кэллэ:

— Галина Дмитриевна, хайа, ханна бардыгыт?

— Бырастыы гын, Нарыйа! Мин ыллаабаппын! – диэн хомойбут көрүҥнээх дьахтар кыыһы аһары көтөн, таһырдьа ыстанан таҕыста.

— Галина Дмитриевна! Галина Дмитриевна! – Нарыйа  тас таҥаһа суох Галинаны кэнниттэн эккирэттэ.

Куотан тахсыбыт дьахтар кулууп иннигэр банаардарынан сырдатыллыбыт уулусса устун хаама турда. Онуоха кыыс кинини ситэн кэлэн иннинэн күөйэ хаамта:

— Галина Дмитриевна!..

— Дмитриевналаама хайаама! Мин туспунан итинник куһаҕаннык саныыр дьоҥҥо ырыабын аныахпын баҕарбаппын! — дии-дии Галина сиэбиттэн табааҕын хостоон уматынна.

— Галина, эһиги сотору тахсаҕыт ээ! Миигин баһаалыста таҥнарымаҥ. Ыллыам диэн бараҥҥын? Мин бу бастакы кэнсиэрим ээ!

— Нарыйа, бэйэн тахсаҥҥын ыллаа!

— Суох! Мин ырыаһыт буолбатахпын. Мин тугу да сатаабаппын. Мин көннөрү режиссербун эрэ… Галина Дмитриевна, эн ыллаабатаххына кэнсиэрим быһаҕас буолар. Уонна ырыаһыттартан эһиги саамай чаҕылхайдараҕыт!  — Нарыйа тымныыттан тоҥон кытарбыт кулгааҕын имэрийдэ.

— Чэ, бар! Тоҥоору гыммыккын! Аны ыалдьан хаалыаҥ, — дьахтар кыыһы халбарыччы аста.

—Суох, эйигинэ суох барбаппын,— кыыс өсөһөн турда.

— Бар…

— Галина, дьиэҕэр баран тугу гынаары гынаҕын? Салгыы урукку олоххунан олороору гынаҕыҥ дуо?! Бачча үчүгэй хаарыан ырыаһыт киһи, бачча үчүгэй ураты куоластаах буолан бараҥҥын! Сайыннарбакка, дьоҥҥо таһаарбакка, биллэрбэккэ кырдьыаххын баҕараҕын дуо?! Сөп… барар буоллаххына бар! Аны эйигин көрдөһүөм да, кытыннарыам да суоҕа… – Нарыйа килбигэ, сэмэйэ ханан да суох буолан хаалла. Улаханнык кыыһыран, хомойон дьиппиэрдик батары көрдө уонна кэлэйбиттии төбөтүн илгистэн баран, кулуупка сүүрэ турда.

Галина соҕотоҕун туран хаалла. Арай, киэһээҥҥи ып-ыраас халлааҥҥа сулустар чаҕылыһан ыҥырарга, туох эрэ кэрэҕэ угуйарга дылылар. Уота-күөһэ сандаарбыт кулууп дьиэтиттэн Натааһа тойуга иһилиннэ. Ити кутуллар кэрэ ырыаны истимээри, Галина кулгааҕын бүөлэннэ уонна суол устун хаама турда…

«Дьол-соргу туһаайдын,

Дьоллоох олох айылыннын,

Уһун уйгу тубустун,

Уруй-айхал олохтоннун!» — диэн Натааһа кылыһахтаах тойуга хайдах эрэ эмискэччи Галина сүрэҕин-быарытын ортотунан сүр күүстээхтик,  уратытык доллоһуйан кутуллан киирдэ. Онуоха кини тохтуу түстэ уонна өссө төгүл кулууп диэки хайыһан көрдө. Бу кэмҥэ, туох эрэ кистэлэҥ иэйии хантан эрэ күөдьүйэн кэлбитинии, дьахтар туох баар сүрэҕинэн-быарынан сырдыкка-ырааска, дьоллоох олоххо тардыһар санаата сүр күүскэ уһукта биэрдэ, тиллэн кэллэ. Хараҕар эдэр эрдэҕинээҕитин, хаһан эрэ субуллар уһун суһуохтаах кэрэ кыыс саҕанааҕы кэмнэрин көрдө. Оо, оччолорго кини төһөлөөх дьоллоох этэй? Күн талбыта барыта баар курдуга… Оннооҕор таптыыр киһитэ, Бүөккэтэ, кини аттыгар куруук баара. Онтон билигин хайдаҕый? Ол кэрэ кэм барыта ханна эрэ симэлийбит, сүппүт, күдэҥҥэ көппүт.

Галина хараҕын уута тохтоло суох сүүрдэ. Бу сыллар усталарыгар мунньуллан сылдьыбыт дууһатын  ыарыыта, аһыыта, хоргутуута барыта төлө баран, сирэйин саба туттан, тобуктаан олорон кыра оҕолуу ытаата. Онтон өһөс санаатын ылынан тохтуу биэрдэ уонна: «Суох! Түксү, сөп буолуо. Олох биирдэ эрэ бэриллэр. Аны мин туох да куһаҕаҥҥа бэриммэппин!» — диэт, ойон туран уотунан-күөһүнэн сандаарбыт, ырыанан-тойугунан туолбут кулууп диэки төнүннэ.

Киирээт көрбүтэ, били, кинини одуулаабыт кыргыттар сыанаҕа ырыаһыт дьахтары өрө мыҥаан күлэ-үөрэ тураллар эбит. Галина киирбитин өйдөөн да көрбөтүлэр.

Галина уларыттар хоско киирбитэ Нарыйа биир сааһырбыт дьахтар былааччыйатын тимэхтии турар. Галинаны көрөөт, үөрэн мичилийэ түстэ.

— Нарыйа, бырастыы гын баһаалыста. Мин ыллыаҕым, — диэтэ Галина уонна  ытаабыт сирэйин-хараҕын кистээн умса көрдө.

— Ураа! Галина Дмитриевна! Чэ, кытаат, былааччыйаҕын кэтэ охсон, кырааскалан, оҥоһун! Билигин аны икки нүөмэринэн тахсаҕын…

Галина бэрт түргэнник былааччыйатын ылан өтүүктүү оҕуста, кэттэ. Сиэркилэҕэ көрүммүтэ былааччыйата синньигэс быһыытын-таһаатын ыбылы ылан, олус тупсарар эбит.

Нарыйа Галина сирэйин кырааскалаан биэрдэ. Маҥнай сирэйин буударалаата, онтон иэдэһин тэтэртэ, ол кэннэ хараҕын теннээтэ. Галина тупсан, хайдах эрэ эдэр кыыс оҕо курдук буолан хаалла. Сиэркилэҕэ көрүнэн олус да диэн соһуйда, сөхтө. «Нарыйа аптаах илиитин көрүҥҥүтүүй. Ылыннарар тылын сэргэ, киһи тас көстүүтүн тупсарарга маастар эбит!» диэн сөхтө-махтайда.

Эдэр ыытааччы уол:

— Билигин дохсун ытыс тыаһынан көрсүҥ – өр кэмҥэ сүтэ сылдьыбыт тапталлаах ырыаһыппытын, — диэн биллэрэн баран, илиитинэн Галинаны ыҥыран уунна. Онуоха ким даҕаны ытыһын таһыммата. Арай, ханна эрэ түгэх: «Оо, уу!» — диэн «түһэрэр» саҥалар иһилиннилэр.

— Галина, кыһаллыма, таҕыс… – диэн Нарыйа сибигинэйэн баран, гитаратын тутан долгуйан титирэстии турар дьахтары сыана диэки үтүрүйэн кэбистэ.

Чочумча чуумпу бүрүүкээтэ. Онтон ким эрэ: «Атын дии! Галя буолбатах», — диэн саҥарда. Ол кэмҥэ эмиэ ким эрэ: «Галина уларыйбыт аҕай дии!» — диэтэ.

Иннигэр дьонунан толору сааланы көрөн, Галина имэ тэтэрдэ, долгуйда. Салгыы хараҕын сыҕарытан  Баанньатын уонна киниэхэ көтөхтөрөн олорор кыыһын Людочкатын көрдө. Кыысчаан ийэтин көрөн собус соҕотоҕун ытыһын таһынна. Галина онтон улаханнык уйадыйда уонна:

— Үтүө киэһээнэн, ытыктабыллаах көрөөччүлэр! Эһиэхэ саҥа айбыт «Ырыаһыт аналлаахпын» диэн ырыабын аныыбын! – диэн судургутук саҥараат, микрофоҥҥа гитаратын чугаһатан оргууйдук, нарыннык, уйаҕастык сыыйан ыллаан барда.

«Орто дойдуга төрөөн-үөскээн,

Аналбын толоро кэллэҕим,

Ааспыт ахтылҕаммын таһааран

Ырыа ыллаан эрдэҕим.

Таптыыбын оҕобун, дойдубун,  

Ырыанан тыынар кырдалбын,

Киэн туттабын  гитарабынан,

Ырыаһыт буолар аналбынан!

Мин ырыаһыт аналлаахпын,

Оннук ураты ыйаахтаахпын,

Мин ыллыам хаһан баҕарар,

Дьоллоох, курус да кэммэр.

Мин ырыаһыт аналлаахпын,

Оннук ыра кынаттаахпын,

Айыам-тутуом кэрэни эрэ,

Олохпун уларыта киэргэтэ!», — диэн Галина аҕыйах хонуктааҕыта айбыт дириҥ ис хоһоонноох ырыатын харахтарын симэн, туох баар иэйиитин аһаҕастык арыйан, дьикти турукка киирэн, ураты эриэккэстик ыллаан дьиэрэһиттэ. Имигэс тарбахтарынан сабыс-саҥа гитара устуруунатын охсон бүтэн баран, симпит хараҕын оргууй арыйда. Маҥнай утаа, ким да таһыммата. Саала иһэ иһиллээбит курдук уу -чуумпу. Онтон дьэ эмискэ бары: «Браво! Биис! Маладьыас!» — дии-дии, сорохтор иһиирэ-иһиирэ биир тэтимнээхтик, дохсун ытыстарын тыаһынан сааланы биир гына толордулар.

Галина дьон үөрбүт-көппүт сирэйин-хараҕын көрөн, кинини сөбүлээбиттэрин, биһирээбиттэрин билэн ис иһиттэн долгуйда, бэл, ытамньыйан ылла.

— Эһиги иннигитигэр бэйэтин «Ырыаһыт аналлаахпын» диэн кэрэ ырыатын бэлэхтээтэ – диэн ыытааччы уол саҥарбытын кэннэ, Галина көрөөччүлэргэ махтанна.  Ону эрэ күүтэн турбуттуу, кэнсиэргэ кыттыахтаах дьон бары, көрөөччүлэртэн  эмиэ балачча киһи сүүрэн кэлэн Галинаны хайҕаатылар, астына-дуоһуйа истибиттэрин эттилэр.

— Галина, маладьыас! Көрөөччүлэр бары эйигин олус сөбүлээтилэр! Куолаһыҥ да, ырыаҥ да үчүгэйиин! Эҕэрдэлиибин! – диэн Натааһа Галинаҕа илиитин уунна.

Барыта наһаа да кэрэ! Олус да үчүгэй, эриэккэс! Маннык уһулуччу түгэн Галина олоҕор хаһан даҕаны буолбатаҕа. Кини билигин кимнээҕэр да дьоллоох курдук сананна. Тулата барыта сандаарда-киэркэйдэ, тубуста.

«Сөп, аны хаһан даҕаны аһыы утахха умса түһүөм суоҕа! Мин ырыаһыппын, мин ырыаһыт аналлаахпын!» — диэн күүстээх санаа Галинаны абылаата. Бу кэмҥэ, сыанаттан ыытааччы уол куолаһа иһилиннэ:

— Көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн, өссө төгүл Галина, сыанаҕа ыҥырабыт!

— Галина-Галина! Кытаат, сыанаҕа-сыанаҕа! – дии-дии Нарыйа сүүрэн кэллэ.

Көрөөччүлэр: «Га-ли-на, Га-ли-на, Га-ли-на!» — диэн ыҥырар саҥалара кулуубу биир гына толордо.

Галина сабыс саҥа, лааҕа килбэчийэ сылдьар гитаратын ылла уонна дьоһуннаахтык туттан сыанаҕа таҕыста. Көрөөччүлэр кинини күүстээх ытыс тыаһынан айхаллыы көрүстүлэр.

«Кэрэ да кэрэ олоҕу түстүүбүн,

Истиҥ иэйиилэри саҕабын,

Тапталым кэлиэ диэн эрэнэн,

Итэҕэйэ мин кэтэһэбин…» — диэн Галина кэрэ ураты ырыата көрөөччүлэри абылаата, кулууп таһынааҕы чугас эҥээргэ тиийэ дуораһыйда.

Ираида Коркина-Чугдаара.

2011 с.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0