Мэник-тэник бэйэлээх кырачаан Максим түѳкүннэри тараччы туппут полиция үлэһиттэрин күѳх экран нѳӊүѳ кѳрѳѳт, мас бэстилиэтин сиэбиттэн ойутан таһааран, улахан киһилии боччумнаахтык туттан туран: «Мин улааттахпына, полиция буолуом» диэт, ыллыы-ыллыы таһырдьа ыстаннарда.
Биһиги бүгүҥҥү дьоруойбутунан РФ Росгвардиятын федеральнай сулууспатын Саха Сиринээҕи управлениетын биэдэмистибэ таһынан харабыллыыр салаатын (вневедомственная охрана) буруйдаахтары тутар бѳлѳх полицейскайа, ыстаарсай сержант, ыччат ортотугар Замир диэн аатынан биллибит, ураты куоластаах ырыаһыт Максим Гоголев буолар.
Оҕо саас
Максим Гоголев — Замир 1989 сыллаахха томороон тымныыга – ахсынньы маҥнайгы күнүгэр – Үѳһээ Бүлүү улууһун Боотулу нэһилиэгэр үһүс оҕонон күн сирин кѳрбүтэ.
О5о эрдэҕиттэн музыкаҕа, ырыаҕа-тойукка, үӊкүүгэ интэриэстээх буолан, учууталлар болҕомтолорун тардыан тардыбыта. Ол саҕана кырачаан Максим Байбал Сэмэнэп, Аскалон Павлов, Баһылай Еремеев, Айыы Уола курдук улахан ааттаах-суоллаах эстрада артыыстарын ырыаларын сѳбүлээн истэрэ, ыллыыр идэлээҕэ. «Аан маӊнай дьон иннигэр ыллыы, сыанаҕа 4-с кылааска үѳрэнэр кэммэр бэйэм күүспүнэн тылланан тахсыбытым. Кэнсиэргэ ырыа ыллыахтаах оҕолор испииһэктэригэр мин суох этим. Онон харса суохпун киллэрэн, ырыа толоруохпун ба5арарым туһунан учууталбар биллэрбитим. Учууталым маӊнай сѳбүлэспэтэҕэ эрээри, тиһэҕэр тиийэн ыллыыр буоллум. Онно мин саҕа дьоллоох оҕо суоҕа, этэргэ дылы, кѳтүѳхпүн кынатым суох этэ. Ол эрэн, дууһабынан номнуо тохсус халлааӊӊа тиийэн эрэрим (күлэр). Уруккуттан сѳбүлээн истэр ырыаһытым Байбал Сэмэнэп «Доҕорбор» диэн ырыатын ис дууһабыттан иэйэн туран толорбутум. Дьэ, ити кэнниттэн дойдубар ырыаһыт оҕо аатыран араас куонкурустарга кыттан саҕалаабытым», – диэн кэпсиир Максим.
Кырдьыга даҕаны, ураты куоластаах 10 саастаах Максимы нэһилиэк, улуус дьоно-сэргэтэ көрөн, истэн олус сэргээбитэ. Ити курдук, кини өрөспүүбүлүкэтээҕи, регион хабааннаах ырыа куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кыттан, Гран-при, лауреат ааттарын ылбыта. Бу диэн эттэххэ, Максим тѳрѳппүттэрин ѳттүттэн ырыаһыт киһи суох. «Мин ырыаһыт суолун таларбар, ырыа эйгэтигэр чугас буоларбар Байбал Сэмэнэп, Айыы Уола, Аскалон Павлов репертуардара улахан күүс-уох биэрбиттэр быһыылаах», – диэн санаатын үллэстэр.
2000 сыллаахха сана дьыл бырааһынньыгын кэнниттэн Үѳһээ Бүлүүгэ кѳһѳн киирэн, музыкальнай оскуолаҕа байаан кылааһыгар үѳрэнэн саҕалаабыта. Ырыаһыт уол оройуон киинигэр үѳрэнэ киирбит сураҕа түргэнник тарҕаммыта. «Муусукаҕа учууталым Мария Дмитриевна Николаева ыллыыр суолбун ыйан-кэрдэн биэрбитэ. Салгыы Сэбиэскэй Сойуус норуодунай учуутала Михаил Алексеев аатын сүгэр физико-математическай хабааннаах Үѳһээ Бүлүүтээҕи гимназияҕа эксээмэн туттаран киирэн, биир сыл устата туйгуннук үѳрэммитим. Бу кэмӊэ мусукаан буоларым ѳтѳн, тѳттѳрү 2-с нүѳмэрдээх оскуолаҕа кѳһѳн, үѳрэхпин онно салҕаабытым. Үөрэхпин уонна музыкальнай оскуолабын тэӊинэн этэҥҥэ, ситиһиилээхтик түмүктээбитим». Бу кэмнэри Максим олус долгуйа ахтар, саныыр. Оскуолаҕа үѳрэммит сыллара Максим инникитин Замир диэн аатынан биллэригэр-кѳстѳрүгэр олук уурбуттара.
Устудьуон сыллара
2007 сыллаахха Марк Жирков аатынан музыкальнай колледжка баян уонна опера салааларыгар туттарсыбыта. Манна киһи соһуйуох, икки салааҕа тэҥинэн киирбитэ. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Бу үѳрэх кыһатыгар талааннаах эдэркээн устудьуон уолу «былдьаһыы» саҕаламмыта. Ол буолан, бастакы кууруһу икки салаанан сүүрэ сылдьан үѳрэммитэ. Ити курдук бастакы кууруһу ситиһиилээхтик түмүктээбитэ. «Икки салаанан үѳрэнэр буолан, мэһэйдэтэр, ыарырҕатар этим. Онон икки салааттан биирин талар буолбутум. Ыллыыры син сатыыбын, баяммын кытаатыахпын наада диэммин, Баян салаатын талан, онно үѳрэхпин салҕаабытым». Бу кэрчик кэмӊэ Максим олоҕор улахан уларыйыылар тахсыбыттара. Үп-харчы тиийбэтиттэн сылтаан, туйгуннук үѳрэнэ сылдьыбыт устудьуон уол үѳрэҕин тохтоторго күһэллибитэ.
Ырыа эйгэтэ
Кэрэ куоластаах Замир уол үѳрэҕин тохтотоот, «Арктика Рекордс» диэн устуудьуйаҕа киирэргэ соруммута. Ол саҕана устуудьуйа бѳлѳҕүн састаабыгар ыччакка биллибит ырыаһыттар Радивер, Алик Григорьев, Анатолий Горохов бааллара. «Арктика рекордс» продюсерыгар Егор Степановка тиийэн кэпсэтэн, бѳлѳх састаабыгар киирбитим. Дьэ, бу кэнниттэн гастроллар саҕаламмыттара. Ол сылдьан, Радиверы кытары бииргэ «Лыах» диэн ырыаны толорбуппут. Ол кэнниттэн дьоӊӊо-сэргэҕэ биллэн-кѳстѳн киирэн барбыппыт. Араадьыйаҕа ырыабыт хит буолбута, билигин даҕаны дьон сѳбүлээн истэр быһыылаах (күлэр)». Артыыс умсулҕаннаах олоҕор ырыаһыт буолан биллэн эрэр кэмигэр олоҕун аргыһын Айаананы кѳрсѳр.
Аармыйа
Эр киһи быһыытынан, Максим Аҕа дойдутун кѳмүскүүр санаата оҕо эрдэҕиттэн баһыйара. Ол курдук, 2011 сыллаахха бэс ыйын 9 күнүгэр аармыйа кэккэтигэр ыӊырыллан сулууспалыы барар. «Бастаан Хабаровскай кыраайга тиийбит күммүтүгэр Волочаевскай оройуоӊӊа баар байыаннай чааска түһэрдилэр. Бэҕэһээ аҕай кѳӊүл кѳтѳ сылдьыбыт уолаттар аармыйа олоҕун, эрэсиимин атыӊырыы ылыммыппыт. Онтон сыыйа-баайа үѳрэнэн киирэн барбыппыт. Манна дьэ саӊа кэлбит саллааттары войскаларга ыыталааһын буолла, биир офицер киирэн «всех якутов отправить в танковый полк» диэн хамаанда биэрдэ. Мин тас кѳрүӊмүнэн сахаҕа соччо майгыннаабат буолан, долгуйа санаатым. Ол буолан, испииһэк түмүгэр бэйэм ааппын кѳрѳммүн олус үѳрбүтүм».
Дьылҕа хаан ыйыытынан кини Хабаровскай кыраай 240-ус Танковай пуолкаҕа сулууспалыы тииийэр. Бу байыаннай чааска таанка механиктара, наводчиктара, хамандыырдара үѳрэҕи ааһар пуолкалара буолар. Тустаах чаас иккис аата «Вторая Якутия» диэн. Аата да этэ сылдьарын курдук, үгүс саха ыччата, уӊуохпут кыратын иһин буолуо бу чааска түбэһэн аналлаах үѳрэҕи ааһан, Россия бары муннуктарыгар салгыы сулууспалыы аттанар сирдэрэ. Максим сыл аӊаара танковай пуолка 9-ус ротатыгар 3-с кылаастаах тааҥка ыытааччы-механигын үѳрэҕин ааһан баран, Приморскай кыраай Сергеевка диэн бѳһүѳлэгэр баар 44980-ус байыаннай чааска тиийэн танковай батальоӊӊа сулууспатын салгыыр. «Сулууспалыы сылдьан киһи элбэххэ үѳрэнэр. Аармыйа кэккэтигэр сулууспаны бэйэтэ этинэн-хаанынан билбэтэх киһи ону ѳйдүүр кыаҕа суох. Ханнык баҕарар саллаакка аармыйа олоҕо умнуллубат күннэри, хатыламмат түгэннэри, эрэллээх доҕоттору бэлэхтиир», – диэн Максим аармыйаҕа сулууспалаабыт сылын киэн тутта ахтар.
Дьиэ кэргэн
Максим Гоголев – икки оҕо амарах аҕата, дьиэ кэргэн дурдата-хаххата. Кини олоҕун аргыһын, Айаанатын кытары устудьуоннуу сылдьыбыт сылларыттан билсэллэрэ. Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар кэмигэр доҕоро сылы быһа долгуйа кэтэспитэ, истиҥ тыллардаах суруктары суруйара. Максим сыл устата Аҕа дойдутугар иэһин тѳлѳѳн баран, тѳрѳѳбүт Сахатын сиригэр эргиллиитигэр, Дьокуускай аэропордун уораҕайыгар Айааната үѳрэ-кѳтѳ кѳһүтэн турара. Уһун арахсыы кэнниттэн күүстээх-уохтаах тапталлара баһыйан, сүрэхтэрин холбуурга санаммыттара.
Сотору кэминэн Дьоллоох Дьокуускай куоракка уруу ыһыаҕын ыспыттара. 2013 сыллаахха кэтэһиилээх бастакы оҕолоро Вася күн сирин көрбүтэ. Билигин уолчааннара номнуо 4 сааһын туолла. Иккис оҕолоро, тапталлаах кыыстара, муннуларын бүѳтэ Дайаана 2015 сыллаахха тѳрѳѳбүтэ.
Полицияҕа үлэ
Максим 2013 сыл сааһыттан полицияҕа сулууспалыы киирээри, докумуоннарын хомуйсан саҕалыыр. Туох баар аналлаах бэрэбиэркэни этэӊӊэ ааһан полиция сотруднигын үрдүк аатын сүкпүтэ. Младшай сержантан саҕалаан, билигин полиция старшай сержаныгар тиийэ үүннэ.
Росгвардия Саха сиринээҕи управлениетын Биэдэмистибэ таһынан харабыллыыр салаатын буруйдаахтары тутар бѳлѳх үлэлиир эрэсиимэ, этэргэ дылы, байыаннай. «Сылдьар маршруппут икки смена буола-буола уларыйан иһэр. Сулууспаҕа иккилии буолан тахсабыт. Икки күн үлэлиибит, икки күн сынньанабыт. Ол эрэн, киһи үѳйбэтэх ѳттүттэн быһыылар тахсааччылар. Онон, полиция үлэһитэ мэлдьи сулууспаҕа тахсарга бэлэм сылдьыахтаах», – диэн кэпсиир.
Максим түөрт сыл полицияҕа үлэлиирин тухары сокуону кэспит үгүс буруйдааҕы тутта. «Ордук уоруу, охсуһуу, итирик сылдьан дьону кырбааһын үгүстүк бэлиэтэнээччи. Ѳлѳрүү да баар буолааччы» диэн этэр. Полицейскай сулууспатын кэмигэр рация нѳӊүѳ ыӊырыы киирдэ даҕаны, тутатына ыйыллыбыт миэстэҕэ тиийиэхтээх. Буруй тахсыбыт эбэтэр сигнал киирбит сиригэр тиийэн, миэстэтигэр балаһыанньаны кѳрүѳхтээх-истиэхтээх, дьону уоскутуохтаах, улахан буруй тахсыбыт буоллаҕына, ол сир тыытыллыбатын хааччыйыахтаах.
Максим Гоголев быраабы араӊаччылыыр уорганнарга ыытыыллар спортивнай күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Ол курдук, Ис дьыала министиэристибэтин бирииһигэр ыытыллыбыт мас тардыһыытын республикатааҕы күрэхтэһиитигэр 57 киилэ ыйааһыҥҥа тэӊнээҕин булбакка, чѳмпүйүѳн үрдүк аатын сүгэн, кыһыл кѳмүс мэтээли моонньугар иилиммитэ.
«Дьиӊнэээх полиция үлэһитэ эт-хаан ѳттүнэн чѳл буолуохтааҕын таһынан, дьону кытары сатаан биир тыл булар, култуурунай, эппиэтинэстээх буолуохтаах», – диэн Максим санаатын үллэстэр.
Айар кут
Максим үлэтин быыһыгар ырыа суруйар, уһулар идэлээх. Музыканан дьарыктанарын туохтааҕар да ордорор. Хас биирдии ырыаһыкка айбыт-туппут хоһооно тѳрѳппүт оҕотун кэриэтэ буоларын туһунан истээччибит. Оттон Замир бэйэтэ хас биирдии ырыатын биир тэҥник тутар эбит. Онтон дьон-сэргэ ханнык ырыаларгын ордук чорботон сѳбүлээн истэр эбитий диэн ыйытыыбар «Радиверы кытары толорбут «Лыах» уонна аармыйаҕа сылдьан суруйбут «Дьылҕам сибэккитэ» ырыаларбын сөбүлүүллэр» диэн чопчу хоруйдаата.
Кини бүгүҥҥү күҥҥэ 20-чэ ырыалаах. Инникитин табылыннаҕына, сольнай кэнсиэр оӊорор баҕа санаалаах. Ырыаларын нѳӊүѳ саныыр санаатын дьоӊӊо тириэрдэр ураты дьарыктаах полиция старшай сержана Максим Гоголев олоҕун суола халлааӊӊа дайа кѳтѳр лыах курдук чэпчэки, дэхси буоллун. Кини эппиэтинэстээх үлэтин күннэтэ Үрдүкү Айыылар харыстыы, араӊаччылыы сырыттыннар!
p.s: Бу кэмӊэ рация нѳӊүѳ ыӊырыы киирдэ. Уолаттар тутатына ыйыллыбыт аадырыска көтүттүлэр. Сокуону араӊаччылааччылар күннээҕи түбүктээх үлэлэрэ саҕаланнаҕа.
РФ Росгвардиятын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата
Хаартыскалар: РФ Росгвардиятын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспатын уонна Вера Макарова түһэриилэрэ