Ырыа – киһи доҕоро

22.05.2021
Бөлөххө киир:

Бу боростуой эрээри, дириҥ ис хоһоонноох этии эбээт. Киһи ырыалыын доҕордоһор, дууһата үөрэр-көтөр, бу олохтон дуоһуйар.

Быйыл 2021 сыл ыам ыйын 21 күнүгэр  биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ырыа күнэ тохсус төгүлүн ыытылынна. Киһи барахсаҥҥа аргыс тэҥэ доҕоро ырыа буоларын сөпкө да бэлиэтээн, норуот үөрэр-көтөр, ыллыыр-туойар маннык күнэ тэриллибит эбит. Ырыа күнүн ыытар идейнэй тэрийээччитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин мелодиһа Алексей Калининскай-Луҥха буолар.

Бүгүн эһиэхэ биир ырыа устуоруйатын кэпсиэхпин баҕардым.
Бииргэ төрөөбүт улахан убайым Анатолий Иванович Акимов 1951 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар төрөөбүтэ. Кини оскуола сааһыттан хоһоон хомуһуннаах хонуутунан айаннаан, баара-суоҕа 50 сааһыгар орто дойдуттан барбыта. Олоҕор соҕотох киһибитин билигин санатааччынан үгүс элбэх хоһоонноро буолаллар.
Үгүс элбэх хоһоонноруттан
«Бэтэрээннэр» диэн аатынан суруйбут ырыа буолбут хоһоонун туһунан кэпсиирбин көҥүллээҥ.

1970-с сылларга оччотооҕу «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммит бу хоһоон 46 сыл буолан баран, ааптарын аата быйыл билиннэ.
1975 сыллаахха ол хаһыаттан көрөн мелодист Галина Шахурдина «Сэрии бэтэрээннэрэ» диэн ырыа матыыптаан киэн эйгэҕэ таһаарбыт. Бу ырыа бэйэтин кэмиттэн истээччи кутун тутан, норуокка биллэр ырыа буолан, баччаҕа диэри уһун тыыннанан кэллэҕэ. Бу ырыаны
Герасим Соров, Дмитрий Егоров,  Александр Туприн толороллор. Байааҥҥа Дмитрий  Егоров доҕуһуоллуур. Онтон 1985 сыллаахха Кыайыы 40 сылыгар бу хоһооҥҥо Алексей Калининскай ансаамбылга анаан матыып айар. Онтон ыла иккис тыыннанан, ырыа алыптаах эйгэтигэр салҕыы айанныыр.

Ол туһунан Алексей Калининскай маннык ахтар:

«1985 сыллаахха «Эдэр коммунист» хаһыакка «Сэрии бэтэрээннэрэ» диэн ааттаах Галина Шахурдина мелодиятыгар А.Акимов тылыгар  ырыа бэчээттэнэн тахсыбыта. Мин ол кэмҥэ Кэбээйи Мукучутугар музыкальнай оскуоланы арыйтаран, дириэктэринэн ананан үлэлии сылдьар этим. «Сата» эр дьон вокальнай ансаамбылын тэрийэн ыллатан эрэр кэмим этэ. Улуу Кыайыы 40 сылыгар бэлэмнэнии кэмэ буолан, ити ырыа тылыгар «Өлбүттэр тыыннаахтар» диэн аатын уларытан, ансаамбылга аналлаах ырыа суруйбутум. Оннук репертуарга киирэн ылланан барбыта. 1986 сыллаахха Дьокуускайга Гостелерадио пуондатыгар устубуппут. Хоһоон ааптарын толору аата биллибэккэ, суруллубакка, бу ырыа олох устун айаннаабыта».

Онтон Кыайыы 65 сылыгар Алексей Калининскай мелодия суруйан, Александр Самсоновка сольнай вариаҥҥа уларытан уонна таарыйа тылыгар чочуйуу оҥорон, эбэн
«Күн бүгүн тыыннааххыт» диэн саҥа аатынан истээччигэ тахсыбыта.
Онтон ыла  Кыайыы ырыаһыта Александр Самсонов репертуарыгар киллэрэн, күн бүгүҥҥэ диэри ыллана сылдьар, истээччи кэтэһэр күүтэр ырыата буолар.
Кыайыы 75 сылыгар бу ырыаны Хатас орто оскуолатын учууталлара ансаамбылынан ыллаан, эмиэ саҥалыы тыыннанан, уостан түспэт, дьон сөбүлээн ыллыыр ырыалара буолбута.

Биһиги убайбыт хоһооно аатын ааттата сылдьарыттан олус үөрэбит, доогуйабыт, махтанабыт.
Бу биир хоһоон уһун тыыннанан, үйэ аҥаарын курдук хоһоон тылларын суруйбут ааптар аата биллибэккэ буолан баран, быйыл суруйбут тэтэрээтиттэн буламмыт, толору аатын ааттыыр кыахтаммыппытыттан хас да бүк үөрэбит, махтанабыт.
Ыам ыйын 21 күнүгэр Анатолий Акимов хоһооннорун хомуурунньуга кинигэ буолан таҕыста. Манна 1960-с сыллартан суруллубут араас тиэмэлээх хоһоонноро киирдилэр.
Убайбыт ырыа куттаах киһи кэлэн ааспыт эбит дии саныыбыт. Хас хоһооно ырыаҕа аналлаах хос ырыалаах суруллубуттар.
Онон ырыа эйгэтигэр Анатолий Акимов тылларыгар саҥа ырыалар Сахабыт сиригэр дуорайа, эйээрэ уонна намыыннык, намчытык, унаарыта ылланар ылбаҕай ырыалар баар буолуохтарыгар бу хомуурунньук күн сиригэр тахсыыта оруоллаах буоларыгар саарбахтаабаппыт.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Маргарита СТЕПАНОВА (АКИМОВА)

Ааптар хаартыскалара

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0