Ыам ыйын 21 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа күнэ!
edersaas.ru
Бастыҥ ЫРЫАНЫ араҥаччылыыр уонна пропагандалыыр, ырыа ыллыыр искусство боппуруостарыгар уопсастыбаннас болҕомтотун туһаайар туһугар, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов быйыл ыам ыйын 13 күнүнээҕи 228N-дээх бирикээһинэн, сарсын, ыам ыйын 21 күнүгэр, ЫРЫА КҮНҮН интерактыыбынай көрүҥүнэн бэлэмнээн ыытыы биллэрилиннэ.
Ол сүнньүнэн, ыам ыйын 21 күнүгэр Култуура министиэристибэтин ютуб-ханаалыгар, сарсыарда эрдэттэн, бырааһынньыктааҕы бырагыраама ыытыллыаҕа. Манна СӨ Эстрада тыйаатыра, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатыра, СӨ Ырыа айааччыларын сойууһа, Госфилармония, “Туймаада” госансаамбыл, СӨ Норуот айымньытын дьиэтэ, «Дьүһүй» сахалыы ырыа кулууба, о.д.а. анал бырааһынньыктааҕы видео-кэнсиэрдэри бэлэмнээн ыытыахтара. Киэһээ “Саха” НКИХ телеханаалынан көрдөрүллүөҕэ.
Оттон «Дьүһүй» сахалыы ырыа кулууба Саха сирин олохтоохторугар туһаайан, маннык ыҥырыы таһаарда.
Ырыа куппутунан сиэттиһэн, иилии туруохха!
Ырыабыт Күнэ сэттэ сыл устата силис тардан, үнүгэс анньан, өрө үүнэн таҕыста. Сэттэ сыл диэн эттэххэ дэбигис, ону силигин ситэрбэккэ, соругун сойуппакка, ситимин быспакка ууннары тардан кэлии — туһугар эмиэ тулуур, дьулуур, кыах наада эбээт…
Ырыа Күнэ биир күннээх санаанан салайтаран тэриллибэтэҕэ, ыраахтан суолун тыыран кэлбитэ, өссө тоҕус уонус сыллартан саҕалаан, дойду ыһыллыытын саҕана, ырыа куттаах дьон түмүллэн биэртэрэ, саха ырыатын сүдү суолтатын бар дьонугар туһаайбыта. Ол силигин ситэрэн, аналын ыйан, тоҥ буору тобулу үүнэн тахсар ньургуһун дьөрбөлөөх алтан сэргэ турбута. Тирэхтээх, түмсүүлээх буоларга ыҥырбыта, саха кэхтибэт-самныбат санаатын салайбыта.
Ол ситим быстыбатын туһугар хас биирдии киһи чэчир мас буолан тулалыы туран, кэскиллээх түһүлгэтин тэниппитэ…
Эн онно кыттыһар санааҥ саарбахтааһына суох буоллаҕына, туску туһугар сылаас илиигин утары уунуоҥ, өссө биир сырдык сардаҥаны эбиэҥ, саха омук тыынын уһатыаҥ, төрүт тылын-өһүн, ырыатын-тойугун, сиэрин-туомун түһүлгэтин байытыаҥ, кэҥэтиэҥ… Оччоҕо ыччат дьонуҥ саргылаах саламатын тардыа, төрдүн ырыатын-тойугун үйэтитэр көмүс утаҕын өрүө, сахалыы тыллаах-өстөөх кэнчээритин дьылҕатын түстүө…
Быйылгы ахсыс төгүлүн ыытыллар ЫРЫА КҮНЭ уратылаах, онтон биһиги чаҕыйбаппыт, уон оччонон уоҕуран, күүһүрэн туран киэҥ-нэлэмэн куйаарга дуораччы ыллыахха, ырыа куппутунан сиэттиһэн, иилии туруохха, кэккэбитин хаҥатыахха, бар дьоммутугар күннээх, алгыстаах, саргылаах олоҕу баҕарыахха, салайыахха! Туску буолуохтун!
«Дьүһүй» сахалыы ырыа кулууба.
Хаартыскалар интэриниэттэн.